Июлина Попова: Украина “Голос” бырайыагар кыттыахпын баҕарабын
“Голос”, “Главнай сцена” бүтүн арассыыйатааҕы бырайыактар кыттыылаахтара “Дохсун” музыкальнай бириэмийэ туттарыытыгар Дьокуускайга кэллэ. Кини көрөөччүлэргэ үс ырыатын бэлэхтиэҕэ. Бу туһунан edersaas.ru сайтка кэпсээтэ.
— Мин “Дохсун” бырайыак тэрийээччитэ Михаил Батюшкины кытта оруобуна кэпсэтэн, Саха сиригэр кэллим. Саас кэлэ сылдьар санаалаах этим. Бириэмийэ туттарыытыгар мин үс ырыаны ыллыахтаахпын. Лена Темникома “Импульсы” — “Голос” бырайыакка кыттыбыт ырыам, “Ночи” диэн “Дедукс” бөлөҕү кытта толорбут ырыам уонна сотору тахсаары турар бастакы альбоммуттан ырыа.
— Июлина билигин ханна олороҕунуй, тугунан дьарыктанаҕыный?
— Питерга олоробун, фрилансынан дьарыктанабын, сакааһынан үлэлиибин. Ону таһынан Санкт-Петербург полициятын культурнай киинин оркестрыгар үлэлиибин. Билигин тус альбоммун таһаарарга бэлэмнэнэ сылдьабын.
— “Голос”-ка кыттыыгын Саха сирэ барыта кэтээбитэ, эйиэхэ ыалдьыбыта, бырайыак ис куукуната хайдаҕын кэпсээ эрэ.
— Хас биирдии бырайыакка ырыа испииһэгэ баар. Онтон биэс ырыаны талбытым миэхэ барсар ырыалары. Музыкальнай редактордарга кэлбиппэр, ханнык ордугун талан, сүбэлээн биэрбиттэрэ. Сахалыы истииллээх ыллаабытым уратытык иһиллибитэ буолуо дии саныыбын. Шоу буоллаҕа дии, көрөөччүгэ анаан оҥорор буоланнар, бүтүн улахан хамаанда үлэлиир. Холобур, булгуччу хас биирдии кыттааччы олоҕун историята дьоҥҥо интэриэһинэй, дьону тардар, интэриэһиргэтэр буолуохтаах. Мин олохпуттан Музыка үрдүкү оскуолатыгар 6 сааспыттан төрөппүттэрбиттэн тэйэн үөрэммитим соһуппута.
— Менеджердээххин дуо?
— Билигин миигин талааннаах доҕотторум өйүүллэр, көмөлөһөллөр. Оннук улахан рекламнай хампаанньаны кытта үлэлэһэ иликпин.
— Дьон билсэн баран, омуккун интэриэһиргиир дуо?
— Куруук ыйыталлар эрээри, Саха сириттэн сылдьарбын таайааччылара суох. Сахабыт сирэ дойду саамай улахан региона эрээри, дьон улаханнык билбэт. Кэлиҥҥи кэмҥэ, дьэ, “арыллан” эрэбит, социальнай ситим, интернет эйгэтэ кэҥээн.
— Инникитин туох былааннааххыный?
— Икки куоратынан олорон көрөр санаалаахпын – Москва, Питер. Уонна баҕа санаам диэн, Украина “Голос” бырайыагар кыттыы.
— Артыыс быһыытынан уобараһыҥ хайдаҕый?
— Электро-поп жанрынан ыллыыбын, оттон уобараһым, ол аата таҥаһым, сыанаҕа туттарым-хаптарым араас. Билигин тус истиилбин көрдүүбүн, эксперименниибин, син тахсан, хомуллан эрэр курдук. Мин араас ырыаны толорор буоламмын, истиилим уларыйа сылдьар. “Джас”, “фанк”, “электро” музыканы ыллыыбын. Ол аайы уобарас уларыйар.
https://www.instagram.com/p/BA9h6XayHzH/?taken-by=linamusicpop
— Татуировкаҥ туох суолталааҕый?
Хаҥас илии сүрэххэ чугас, компас ойууламмыт. Суруга — “под этим давлением мы становимя алмазами ” диэн сөбүлүүр “Coldplay” бөлөҕүм ырыатыттан тыллар. Оттон ортотугар алмаас таас сылдьар – саамай кытаанах, күүстээх уонна Сахам сирин кытта сибээстээх.
Талааннаах биир дойдулаахпытыгар, кэскиллээх ыччакка ситиһиилэри баҕарабыт. Санатан эттэххэ, “Дохсун” бириэмийэ туттарыыта кулун тутар 24 күнүгэр Саха театрыгар буолуоҕа. Саха эстрадатын сулустара Далаана, Игорь Егоров, Олимпия, Эрчим, Надина Эльпис, Пётр Кулаковскай, «Snow Voice» бөлөх кыттыахтара.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru