Арассыыйаҕа ИВЛ-аппарааты оҥоруу түргээтээтэ

Ааптар: 
30.04.2020
Бөлөххө киир:

Коронавируһунан ыалдьыбыт ыарахан туруктаах дьон тыыналларыгар ИВЛ-аппараатынан көмөлөһөллөр.

Бу олоҕу харыстыыр тэрили Арассыыйаҕа оҥорон таһаарыы хас даҕаны төгүл үрдээтэ.

Дойдубутугар муус устар ыйга уопсайа 800 ИВЛ-аппараат оҥоһуллубут. Тэҥнээн көрдөххө, ыарыы туруон иннинээҕи кэмнэргэ ыйга 60-70 аппараат оҥоһуллар эбит.

Ыам ыйыгар оҥорон таһаарыы өссө элбиэхтээх. Ыйга 2500 ИВЛ-аппараат оҥоһуллара былааннанар.

Егор Карпов, edersaas.ru
Хаартыска — bk55.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0