Ырыам — Амма туһунан

Ааптар: 
25.07.2020
Бөлөххө киир:

Амма улууһун баһылыга Николай Архипов 2018 сыллаахха от ыйын үһүс субуотатын Амма өрүс күнүнэн биллэрэн турар. Икки сыл устата бу күн өрүскэ анаммыт араас тэрээһиннэр ыытыллан кэлбиттэрэ. Быйыл биллэр биричиинэнэн өрүс күнэ киэҥник бэлиэтэммэтэ. Ол эрээри өрүстэрин дьиҥ таптыыр дьон бу күн бэйэлэрин үгэстэрин умнубатылар. От ыйын 18 күнүгэр кинилэр Кыыс Амма кытылын бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар.

edersaas.ru

Онтон кинилэр киэн туттар биир дойдулаахтара Ольга Иванова-Сидоркевич бэйэтин кэмигэр Амманы харыстааһыҥҥа улахан үлэни ыыппыта. Ол туһунан суруналыыс Борис Павлов “Сахалар дьылҕа хаан ыйааҕынан” диэн кинигэтигэр суруйбутун бэчээттиибит.

Кини — ырыаһыт. «Отуу уота», «Манчаары туһунан ырыа», «Таптыаҕыҥ ийэни» курдук саха киһитин сүрэҕин ортотунан киирбит ырыалары Ольга Иванова айбыта. Кини сааһын тухары Саха сирин биир саамай кэрэ, сырдык өрүһүн — Амманы туойбута. Онтон Амма өһөр, куорҕалланар кутталга киирбитигэр тугу барытын умнан туран төрөөбүт өрүһүн быы­һыырга туруммута. Ол айдааннаах, аймалҕаннаах кэмнэр этилэр, 80-с сыллар бүтүүлэригэр Амма төрдүгэр бөдөҥ леспромхозтары тутар, хаайыылаахтар зоналарын тэрийэн маһын кэрдэн ыларга, уутун Таатта үрэххэ бырахтаран атын улуустарга сүүрдэргэ партия уураахтаабыта. Оччолорго партия этиитэ булгуччу туолуохтаах бири­кээскэ тэҥнээҕэ. Онно Амма дьоно хорсуннук утары турбуттара. Онтон Ольга Иванова Амматтан Москваҕа тиийэн «120 мүнүүтэ» диэн телевизионнай биэриигэ киирэн, уйадыйан туран бүтүн Советскай Союз үрдүнэн (Оччолорго ССРС этэ) төрөөбүт өрүһүн иэдээнин туһунан кырдьыктаахтык кэпсээбитэ, булгуруйбат чахчылары аҕалбыта би­­һиэхэ хаһан да буолбатах түбэлтэ этэ.

ХАРЫСХАЛ МАТЫРЫЙААЛЫНАН ТЕЛЕВИДЕНИЕҔЭ ТАХСЫБЫТЫМ

— Ольга Петровна, Амманы харыстаабат буоллубут, алдьатан эрэбит диэн санаа эйиэхэ аан бастаан хаһан үөскээбитэй?

— Бастаан улаханнык кыһаллыбат, өйдөөбөт этим. Алта уонус сыллар бүтүүлэригэр, эстрада ырыаһыта буолан Камчатканан Балтийскай муораҕа тиийэ, Россияны биир гына кэрийбитим. Ол сылдьарым тухары сир сир айылҕатын тэҥнии көрөбүн уонна Аммам курдук ураты дойду суох эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Төннөн кэлэн Аммаҕа олорон дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сылдьарбытын олус таптыыр этибит. Оччолорго Хотуйа — Амма салаа үрэҕэ дьэдьэнэ, отоно, ото-маһа олус кэрэ дойду этэ. Косилка тыаһыыра, оҕолор са­­йыны быһа оттууллара, сөтүөлүүллэрэ. Онно баран, кэлэн иһэн бэ­­лиэтии көрдөххө: трактордар кэ­­лэллэр-бараллар, сир кырсын кырыйаллар, бөҕү-сыыһы куталлар. Онно даҕаны бастаан улаханнык дьиксиммэтэҕим. Онтон сыыйа киһини долгутар буолан барда, өйдөөн көрбүтүм, киэҥ баҕайы сиргэ күп-күөх чараҥнары хоруйтаран, хара буорунан тибилийэн кэби­һэллэр, тоҕо эбитэ буолла, сүрдээх оттоох, үүнүүлээх баҕайы кэмҥэ, сүөһүгэ эбии аһылык диэн ааттаан, су­­буотунньуктааннар Амма хон­­туоратын дьонун бүтүннүү таһааран, куораттыыр суол кытыытыгар үүммүт кэрэчээн чэчирдэри үлтү кыды­йан кэбиһэллэр. Онтукайдара күн бүгүҥҥэ диэри ынахха сиэммэккэ сытыйа сытар. Онтон ыла Аммабытын кэбилээн эрэбит, маннык буоллаҕына сатаныа суох диэн өйгө-санааҕа оҕустарбытым.

— Ол кэмҥэ Амма төрдүн маһын кэрдэр, уутун бырахтарар буолбуттарын истэҕин…

— Ити кэмҥэ мин улаханнык ыалдьа сытар этим. Дьон кэпсэтэллэр, хаһыакка ыстатыйалар таҕыстылар. Мин олус ыксаатым, ыгылыйдым, өрүспүтүн дьэ ситэри сиэтэр, былдьатар буоллубут дии санаатым. Ханна да барыах-кэ­­лиэх сирбин булбатым. Ол иннинэ 1987 сыллаахха биһиэхэ Аммаҕа «Амгинские березки» диэн телеочерк уста Татьяна Веденееваны (ити кэмҥэ Киин телевидение биир саамай биллэр, дьоҥно кэрэхсэнэр айар үлэһитэ) кытта уон киһилээх айар бөлөх кэлэн үлэлээн барбыта. Амманы олус сөбүлээн: «Элбэх сиргэ сырыттыбыт да, маннык кэрэ сиргэ сылдьа иликпит», — диэн барбыттара. Онон син билэр дьоннор- доох курдук сананаммын Киин телевидениеҕэ тиийэн, кыһыыбын-абабын онтон эттэхпинэ хайдаҕый дии санаатым. Оччолорго «Прожектор перестройки» диэн биэрии баара, боростуой дьон куолаһа син иһиллэр курдук этэ. Быраастар өлөр ыарыы суох диэбиттэригэр доруобуйабын умнан Москваҕа барар буоллум. Аммаҕа ити дьаһаллары утарар инициативнай бөлөхтөрү буламмын Дмитрий Емельяновы, Олег Сидоровы кытта көрүстүм. Олег тута Баһылай Харысхалы булуом, кини ­эйиэхэ наадалаах матырыйаал биэриэ диэтэ. Харысхал сонно дьиэбэр кэлбитэ, олус суолталаах доку­муону аҕалбыта. Телевидениеҕэ 20 мүнүүтэ тахсарбар Харысхал матырыйаалынан тахсыбытым.

— Москва эйигин хайдах көрсүбүтэй?

— Москваҕа түүн 1 чааска тиийдим. Кылаабынай режиссер Р.А.Мишинаҕа дьиэтигэр тиийбитим, Бакуга барбыт диэн буолла. Татьяна Веденееваҕа эрийэбин, хата, баар эбит: «Таанньа, дьэ быыһаа-абыраа, кими билэҕин, көмөлөс», — диэтим. «Мин журналистары кытта сибээстэһиэм, хамсаабакка телефоҥҥа олор», — диэтэ. Сотору иккистээн эрийдэ: «120 мүнүүтэҕэ» Сергей Слипченко диэн журналиһы буллум, матырыйаалгын илдьэ 4 чааска кэл», — диэтэ, суолун-ииһин ыйан биэрдэ.

4 чааска эппитин курдук тиийэн матырыйаалбытын бэрийдибит, миигин кытта кэпсэттилэр, бэйэлэрэ бэлэмнэннилэр, онтон киэһэ эфиргэ таҕыстыбыт. Онон, дьахтар киһи быһыытынан таҥаспын уларыппакка, бүрүчүөскэбин да оҥостубакка, хайдах айаннаан тиийбиппинэн бүтүн Советскай Союз үрдүнэн тахсыбытым. Нөҥүө күнүгэр Наукалар Академияларыгар бардым. Нэһиилэ көрдөөн-көрдөөн, ыйдаран-ыйдаран тиийбитим академик Яншин бэйэтэ суох эбит. Хата, солбуйааччыта Леонид Александрович Евсеев диэн киһи олус үчүгэйдик көрүстэ. Чэйдэттэ. «Бэйэм эмиэ тыаттан төрүттээх киһибин, итини барытын өйдүүбүн», — диэтэ. Онтон дьыалабытын ылан бэрийдибит, аахтыбыт-суоттаатыбыт. Бары бу «ходок» кэллэ, баччааҥҥа диэри сир ха­­рыстабылын боппуруоһугар ким да биһиэхэ кэлэ илик дэстилэр. Мин, били, «Ходоки у Ленина» диэн хартыынаны өйдөөн, «ходок» диэн тылтан бастаан өһүргэнэ сыстым. «Наһаа алдьархай эбит, уулуун-мастыын баранар буоллаҕына улахан алдьатыылаах ­буолсу», — диэн бары дьиксиммиттэрэ. Специалистары, биһиги дьыалабытын көрөр дьону анаталаабыттара. Ол кэннэ Академияҕа 1989, 1990, 1991 сылларга сылдьыбытым. Ыалдьаммын операция оҥоһул­луор диэри куруук сылдьар этим.

АММА БАҺА — БҮТЭЙ ТАЙҔА

— Ити дьаһаллар биир тыла суох олоххо киирбиттэрэ буоллар буортута, алдьатыыта хайдах буолуо этэй?

— Итини билигин биһиэхэ, бэл, кыра оҕо билэр. Амма баһа, Амма бассейна — бүтэй тайҕа. Ол тайҕаҕа сүрдээх элбэх үрэхтэр бааллар. Ол үрэхтэр сүнньүлэрэ — сис тыалар. Сис тыаны бассейн диэн ааттыыллар. Уута-хаара, симэһинэ силистэргэ сытар, ону тыа күлүктээн хаххалыыр. Тайҕаҕа тыа анныгар сытар дьапталҕа мууһун, сиигин күн уота сылыттаҕына оргууй аҕай ууллан өрүскэ тохтообокко сыккыстаан киирэ, аһата турар. Онтон маһын, хаххатын суох гыннаххына мууһуҥ ууллан, түргэн баҕайытык сүүрдэр, өрүс буоллаҕына аһылыга суох хаалар.

Мин үөрэрим диэн, Амма дьоно итини түргэнник өйдөөн турунан үлэлээбиттэрэ. Хас биирдии ос­­куола оҕото, ыал мунньахтар ­буоллахтарына кэлэн, санааларын этэн улахан күүс-көмө буолбуттара, Ол кэнниттэн Амма улууһун бөдөҥ тэрилтэлэрэ, совхозтара көмөлөһөн, төһө кыалларынан үп хомуйан анал экспедицияны үлэлэппиттэрэ. Экспедиция түмүгүн доктор Д.Д. Саввинов үс сыл үлэлээн «Экология реки Амги» диэн кинигэни суруйда. Амма саамай ыраас айылҕалаах өрүс диэн түмүккэ кэллэ. Онон биһиги, аммалар, саамай дьоллоох дьоммут, ыраас, чэбдик сиргэ олорорбутунан. Уопсайынан, маннык кинигэ, үлэ, докумуон хас сирдээх-уоттаах, төрөөбүт дойдулаах киһиэхэ барытыгар наада эбит. Барытын үөрэтэн, ааҕан-суоттаан баран мин маннык баайдаахпын диэн утары уунарга.

ТӨРДҮБҮТ — ОЙУУН УЙБААН

— Ольга Петровна, эн туох төрүттээххиний?

— Амма өрүс үрдүгэр Соморсун диэн нэһилиэккэ төрөөбүтүм. Аҕам булчут, уон оҕолоох ыал оҕото, ийэм эмиэ уон бииргэ төрөөбүттээх, ол гынан баран эрдэ тулаа­йах хаалбыт. Олох төрдүбүт Ойуун Уйбаан диэн улахан киһи эбит. Кини кимнээх туох дьон буолуохтаахтарын, хайа оҕоттон хас оҕо төрүүрүн кытта эппитэ үкчү оннук олорон ааспыттар. Бэйэтэ икки уол оҕолоох эбит. Балгый Баһылай диэни оҕолоох-уруулаах киһи буолуо диэбит. Ол киһитэ — мин эһэм. Онтон Тороппуун диэн киһи булчут буолуо, ол гынан баран оҕото-уруута суох буолуо диэбит.

Оҕо сааһыҥ, үөрэммитиҥ туһунан кэпсээ эрэ.

— Үөрэнэрим эрэйдээх баҕайы этэ. Сиртэн сиргэ, дьонтон дьоҥҥо көһө сылдьан үөрэммитим. 1943-1944 үөрэх сылыгар ийэм өлөн, ийэбэр уҥуох тутаммын үөрэммэтэҕим. Аҕам сэриигэ баран охтубута. Бэһис кылааска Абаҕаҕа кэлэн ыалларга дьиэ көрдөһөммүн салгыы үөрэммитим. Наҕабыыһын Маайа диэн эмээхсиҥҥэ олорбутум. Манньатыгар үлэлиигин.

— Ийэҥ өлбүтүн кэннэ ки­­миэхэ хаалбыккыный?

— Ийэм ыалдьа сырыттаҕына аҕабар армияҕа суруйбуттарыгар, Арыылаахха Мэхээс оҕонньор кэргэнигэр Мочуоннаах диэҥҥэ кыыскын хааллараар диэн кэ­­риэс ыыппыта. Ол ыалым, хата, өлөрө сыспыттара. Төһө эмэ холкуостар армеец кыыһа диэн аһы­лыкпын эҥин барытын биэрэллэрин үрдүнэн, бэйэм икки ынаҕым аһа-үөлэ баарын үрдүнэн, үөрэнэрбэр өйүө ыытан испэттэр. Кэллэхпинэ сайыны быһа окко умса түһэбин. Дьахтар төрөөн баран оҕотун көрбөт. Кыһыл оҕону сүгэ сылдьан ынах хомуйабын, бурдук быһабын, онтубун тааска тардабын. Быһата, хамначчыт оҥостубуттара. Кэлин ону билэн ийэбинэн аймахтарым төттөрү ылбыттара.

— Ольга Петровна, айбыт ырыаларгыттан саамай таптыыр ырыаҥ ханныгый?

— «Манчаары туһунан ырыа». 12 саастаахпар ыллаан кэбиспитим. Оһох айаҕар олорон ыллыыр үгэстээх этим.

ЭЛЛЭЙТЭН КӨРДӨҺҮҮМ

— Онтон «Таптыаҕыҥ ийэни» диэн саамай саха дьонун тапталын ылбыт ырыаҕын хайдах суруйбуккунуй?

— Оччолорго «Аҕабар» диэн ырыаны суруйбут киһи этим. Аны ийэбэр аналлаах ырыаны суру­йуохпун баҕарабын да, олох сатаан тахсыбат. Урукку-хойукку хоһооннору ааҕабын. «Үргэл» диэн литературнай куруһуокка сылдьабын. Сорохтор наар ытыыллар, сорохтор аһара улахан формалаахтар. Онтон «Хотугу сулус» суру­­наалга тиийэн Эллэйтэн көрдөстүм: «Серафим Романович, ийэ туһунан ырыа суруйуохпун баҕарабын, баһаалыста, хоһоонно суруй эрэ». Кини миигиттэн наар кээмэйин ыйытааччы: «Хас куплет­таах, хайдах быһыылаах буо­луохтааҕый?» Бачча куплеттаах, хос ырыалаах буолуохтаах диэн быһааран

баран эттим: «Бу баар тыыннаах киһи туһунан буолуохтаах. Ийэ хаһан да өлбөт, куруук тыыннаах, аттыгар сылдьар», — диэтим. Ити курдук са­­каас биэрэн баран Красноярскайга бардым. Сибиир уонна Дальнай Восток телевидениелэрин фести- вала буолбута, онно саха делегациятыгар киирэн бара сылдьыбытым. Төннөн кэлэн баран Серафим Романович кабинетыгар киирэрбин кытта: «Дьахтар күнүнээҕи «Кыым» хаһыакка бэчээттэммитэ», — диэтэ. Инньэ диирин кытта библиотекаҕа сүүрэн тиийэн устан ыллым. Өр буолбатаҕа, ыллаабытынан барбытым.

Уопсайынан, Эллэй хоһооннорун мин олус түргэнник ыллыырым. Хайдах эрэ бэйэҥ ол хоһооннорго бэлэм сылдьар курдуккун. Кини миэхэ түргэн баҕайытык суру­йар. Холобур, «Чочур Мураан» диэн ырыаны суруйтаран ылан баран, ити Үп министерствотын дьиэтиттэн тахсан бараммын былыргы кыһыл кирпииччэ баанньыкка тиийиэхпэр диэри:

«Умай, умай, аал уотум

Умуллубат кутаанан,

Дуорай, дуорай, тойугум

Туундара, тайҕа устунан»,

диэн тута ыллаан кэбиспитим. Ити курдук кини сүрдээх чаҕылхай, киһи дууһатын, настарыанньатын тута таба тайанар хоһооннордоох.

— Эллэйи кытта хайдах билсибиккиний?

— 1957 сыллаахтан саҕа­лаан музыкальнай училишеҕа Грант Григоряҥҥа теоретико-композиторскай отделение диэҥҥэ үөрэммитим. Онно Тимофей Стручков, Николай Бойлохов, Василий Зырянов, Александр Чахов, Мария Константинова, Денис Данилов буолан киирбиппит. Бастакы куурсу бүтэрбиппит кэннэ киһи бэйэтэ автордаах буолуохтаах диэн учууталбыт Грант Арамович редакциялары кэрийэ илдьэ барда. Радио дьиэтиттэн саҕалаан редакцияларга сырыттыбыт. Ол кэмҥэ Үөрэх министерствота оҕолорго аналлаах ырыа конкурсун тэрийбитэ. Уолаттар бэйэлэрин автордарын тута булбуттара. Суруйааччылар барыларын биир-биир ылан бардылар, арай, миэхэ ким да тиксибэтэ. «Хотугу сулуска» тиийдибит. Серафим Романович баар эбит. Учууталбыт: «Бу оҕолор конкурска кыттыахтарын баҕараллар, хо­­һоонньут наада», — диэбитигэр тута кэрэхсээн: «Хайдах форма­лаах, туох диэн ис хоһоонноох ырыа нааданый?» — диэн ыйытта. Онтон саҕаламмыта бииргэ үлэлээһиммит. Кэлин кини миигин «Пионер кыыс» диэн ааттыыр буолбута. Ол конкурска «Эдэр ленинецтэр ырыалара» диэн бастакы ырыабын суруйбутум бастакы бириэмийэни ылбыта. «Пионер туристар марштара» иккис миэстэ буолбута. Онон икки ырыаны биэрбитэ иккиэн бастаан тахсыбыттара.

— Эллэй ханнык ырыаҕын ордук сөбүлээбитэй?

— «Ырыаларбын кынат­таан көтүппүтүҥ иһин», «Таптыаҕыҥ ийэни» курдук үчүгэй ырыата оҥор», — диэн суруктара бааллар. Онон ити ырыаны ордук сөбүлээбит буолуохтаах.

ГРАНТ ГРИГОРЯН ҮӨРЭНЭЭЧЧИТЭ

— Аны учууталыҥ Грант Арамович Григорян туһунан истиэхпин баҕарабын.

— Омугунан армянин, Чай­ковскай аатынан консерваторияны туйгуннук үөрэнэн бүтэрбит. Лев Попов диэн биһиги радиобыт ырыаһытын кытта армияҕа бииргэ сылдьыбыттар. Ол сылдьан Лев Попов Саха сирин туһунан наһаа кэпсээбит. Олус табаарыстыылар этэ, онон Саха сиригэр кэлбит.

— Сахалары музыкальнай үөрэхтээбит киһи буоллаҕа дии.

— Дьиҥнээх улахан формаҕа киллэрбит, бэйэтэ туспа үлэлээбит, улахан таһымнаах көрүүлэргэ сахалары илдьэ сылдьыбыт киһи. Марк Жирковтаах дьиҥэ ситэтэ суох үөрэхтээх дьон буоллахтара дии. Инньэ гынан Литинскэйдээҕи кытта техническэй, теоретическай билиилээх буоланнар мелодияларын аранжировкалаан, ситэрэн-хоторон, оркестровкалаан биэрэллэр.

— Ольга Петровна, эһиги ырыаларгыт тас көрүҥнэринэн, хайысхаларынан ханнык көрүҥҥэ киирсиэхтэрин сөбүй?

— Дэгэрэҥ ырыалартан үөскээбит ырыалар. Сахалыы колорит­таах ырыалар. Итини барытын ырытан, көрдөрөн, быһааран биэрэргэ, ол иһин, педагог наада. Билигин, дьэ кырдьык, булкуллуу барда. Сахалыы ырыа диэн бэрт аҕы­йах буолла. Үөрэҕэ суох киһи ханна эрэ истибитин, билбэт буолан, үтүктэн таҥнары ыллаан баран бэйэм мелодиям диир. Улахан музыканнар итини олох сөбүлээбэттэр. Мин хас биирдии ырыам авторскай бырааптаах, Москваҕа экспертэр чинчийиилэрин барбыт ырыалар. Онно кыратык да хатыланар эҥин буоллаҕына визалаабаттар. Билигин биһиэхэ ону көрөр киһибит — Грант Арамович суох. Онон барыта көҥүл буолан турар.

— Эн кимнээхтэри дьиҥнээх сахалыы ырыаһыттарынан ааҕаҕын?

— Кэлбит ырыалары ыллаабыт дьон баар буолаллар. Ол олох атын буолар. Холобур, Клавдия Онуфриева төрөөн баран икки ырыалаах. Ол гынан баран хайдахтаах курдук ырыаларый?! «Амма эбэм» уонна «Сайылыгым барахсан» диэн ырыалары ылан быраҕан кэбистэххэ саха ырыатын туһунан тугу кэпсиэххиний. Эбэтэр Валерий Ноевы, дьиҥнээх дууһатынан ыллаабыт-туойбут киһини.

— Биир дойдулааххын, «Амма күөрэгэйин» Екатерина Захарованы билэр этиҥ дуо?

— Екатерина Захарованы хантан билиэхпиний. Нэһиилэ ­ыраахтан көрбүтүм эрэ. Киһи мээнэ ааттаабат киһитэ. Кыра сылдьан кэпсииллэрин истэр этим. Таһааран көмпүттэрин кэннэ ос­­туорас көрдөҕүнэ арай сценаҕа турар үһү. Ыллыыр, ытыыр, «ыччакабын даа» диир. «Миигин таһааран үҥкүрүтэн кэбистилэр, таҥаспын барытын хастаан ыллылар» дии-дии ытыыр. Остуорас уутун тоҕо быраҕан баран, иккис ­этээскэ баар дирекцияҕа тахсан кэпсээбит. Кылабыыһаҕа баран көрбүттэрэ кырдьык иинтэн таһааран сытыараллар эбит. Таҥаһын-сабын барытын хастаан ылбыттар. Онтон розыск оҥороннор халаабыт киһи барахолкаҕа атыылыы сылдьарын туппуттар этэ. Кырдьыгын-сымы­йатын билбэппин эрээри, оннук буолбута дииллэр.

Оттон мин кини тугун эмэ ыллаары гынным да, туохха эмэ түбэһэбин. Ол курдук икки төгүл массыына анныгар киирэн турабын. Бастаан музыкальнай училищеҕа киирээрибин ыалдьан, сордонон баран дьэ үтүөрэн баран иһэн (1956 с.) массыына анныгар киирэн хаалбытым.

1970 сыллаахха Амматтан телефестивальга Амма оҕотун илдьэ барбытым. Ынырыктаах үчүгэйдик сылдьан баран, төннөн иһэн Эмис анныгар массыына массыынаҕа кэтиллибитэ. Миигин Эмискэ киллэрэн хоннорбуттара. Арай сарсыарда өйдөнөн баран эмээхситтэр кэпсэтэллэрин иһиттим: «Тоҕо да биһи киһибит бу оҕону сүгүн аһарбакка маннык урусхаллаан эрэр», — диэн уот кытыытыгар олорон кэпсэтэ олороллор эбит.

— Аны дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэриэҥ дуо?

— Кэргэним Сидоркевич Гелярий Владимирович. Кини суоҕа буоллар бу үлэлэр оҥоһуллубаттар. Уопсайынан, Олята суох, Верата эбэтэр Володята суох үлэбитин хайдах оҥоруохпутун са­­таан санаабаппын. Бары бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн-толорсон биэрэбит. Толорооччу, артист да быһыытынан, тэрээһиҥҥэ, үлэҕэ, сүбэҕэ-амаҕа даҕаны. Холобур, биһиги кыра, орто үөрэхтээх дьоммут. Биһиги өйбүтүн-санаабытын формулировкалаан, научнай тылынан ким саҥарарый? Вера саҥарар. Уолбут техника, аппаратура өттүн быһаарар. Барыта ити курдук ситимнээх.

— Кэргэҥҥин кытта ханна билсибиккиний?

— Кэргэним — ыал соҕотох уола. Дьоно поляктар диэн этэ, бэйэтэ нууччалыы иитиилээх, оттон билигин саха. Саха эстрадатыттан Россия устун улахан эстрадаҕа үлэлии сылдьан билсибиппит. Кини буряттар группаларын кытта кэлбитэ. Үс оҕолоохпут: Вера, Володя, Оля. Төрдүс оҕобут — абаҕам оҕото. Төрөөбүт эбэм батыһыннара сылдьан баран, үөрэттэр, киһи оҥор диэн миэхэ кэриэһин этэн хаалларбыта. Билигин ыал киһи. Детсад сэбиэдиссэйэ, үөрэҕирии туйгуна, түөрт оҕолоох.

— Ольга Петровна, эн туох баҕа санаалааххыный?

— Аммаҕа сүүрүгүрэр үрэхтэр оннуларыгар түһүөхтэрин баҕарабын. Сибилигин Хотуйа үрэх ытыыр куолаһа кулгаахпыттан суох буолара эбитэ буоллар. Киһи бэйэтэ алдьархайы оҥорбут да буоллаҕына онтукатын көннөрөн, кэлэр көлүөнэлэргэ чөлүгэр түһэрэн хаалларыахтаах. Амма баһыгар заказник оҥорор программалар олоххо киириэхтэрин баҕарабын. Амма ото-маһа хайдах баарынан хаалыан баҕарабын. Бу аммалар баайбыт буолбатах, бу Саха сирин да баайа буолбатах, планета барытын баайа-дуола. Ону өйдөөн Амма өрүс бассейнын аан дойду дьоно бүтүннүү уһуктан көмүскэһиэхтэрэ дии саныыбын уонна оннугу тыыннаахпар истиэхпин баҕарабын.

— Ольга Петровна, Амманы тоҕо Кыыс Амма диэн ааттыыллара буолуой?

— Холобур, Өлүөнэни хайдах да кыыс диэбэккин. Наһаа сүдү, улахан, киһини эрэ ытыктатар. Онтон Индигиири көр. Төһө да уута бидилийбитин иһин киһи соччо толлубат. Оонньуулаах-күлүүлээх курдук көстөр, Дьааҥы дьулугуратан сүүрүктээх, суп-судургу. Эдьиий буолбакка саҥас курдук. Оттон Аммаҕа кэлэн истэххэ самолет иэҕэс гыннаҕына бас­таан Амма сыта кэлэр. Тыынарыҥ олох атын буолар. Тыалара, хочолоро көстүөхтэриттэн киһи долгуйан, туох эрэ дьиктини кэтэһэн барар. Уол оҕо кэрэ, кыраһыабай кыыһы көрдөҕүнэ итинник өрө тыынара буолуо.

Борис ПАВЛОВ.

«Сахалар дьылҕа хаан ыйааҕынан» кинигэтиттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0