Александр Иваницкай: “Биһиги хаһан даҕаны албан ааттан “төбөбүт эргийбэтэҕэ”
Роман Дмитриев төрөөбүтэ 70 сылыгар аналлаах, кини аатынан үгэс быһыытынан ыытыллар көҥүл тустууга эдэрдэргэ норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга албан аатырбыт Александр Иваницкай, Токиотааҕы-64 Олимпиада чөмпүйүөнэ бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан кэлэн барбыта.
Кинини кытта сэһэргэһии хаһан баҕарар интэриэһинэй буолааччы. Тоҕо диэтэххэ, Александр Владимирович, киһи истэ олоруох курдук, сүрдээх үчүгэй кэпсээнньит. Онон көрүстэхпит ахсын сэргэхсийэн туран кэпсэтэбит.
“Роман Дмитриев аата тустуу туһугар үлэлиир”
—Александр Владимирович, дьэ, Роман Михайловичка анаммыт быйылгы күрэхтэһии туһунан тугу этиэххин сөбүй?
—Роман Дмитриев аатын үйэтитии – улуу дьыала. Кини аата умнуллубат. Итиэннэ саамай кылаабынайа, Роман аата тустуу туһугар үлэлии турар. Тоҕо диэтэргит, кини аатынан түһүлгэ эдэр тустууктары үүннэрэн таһаарар.
Мин биири этиэхпин баҕарабын, Саха сирэ киин сиртэн ыраах сытар буолан, тустууктар күрэхтэһиилэргэ кытталларыгар ыарахаттардаах. Оттон тустуук төһөнөн элбэх күрэхтэһиигэ кыттар, күүстээх утарсааччылары кытта тустар даҕаны, соччонон сайдар. Дьэ, манна, Роман Дмитриев курдук буолуохха наада. Билэрбит курдук, кинини Дмитрий Коркин дьарыктаабыта, салгыы Москваҕа, Сергей Преображенскайга ыытан, аан дойдутааҕы таһымнаах тустуук оҥорон таһаарбыта. Онон, талааннары миэстэҕэ тутумуохха наада, соҕуруу улахан тириэньэрдэргэ ыыталаан, маастарыстыбаларын үрдэтиэххэ дии саныыбын.
Уопсайынан, Роман Дмитриев аатынан күрэхтэһитини тэрийэн ыытыыга харчыны харыстаамыахха наада.
-Оттон билиҥҥи тустуу быраабылатын туһунан тугу этиэххин сөбүй?
-Тустуу билиҥҥи быраабылата спорт бу көрүҥүн син сэргэхситэн эрэр диэххэ сөп. Бу иннинэ быраабыла куһаҕаныттан, тустууга интэриэс сүтэ сылдьыбыта мэлдьэх буолбатах. Тус бэйэм даҕаны сэҥээрбэт буола сылдьыбытым. Ол гынан баран, билигин тустуу саҥа сөргүтүллэн эрэр. Бу, саҕалааһын эрэ. Миигиттэн элбэхтэ ыйыталлар: “Тустуу билиҥҥи быраабылата үчүгэй дуу, эбэтэр, эһиги саҕанааҕы быраабыла дуу?” – диэн.
Биһиги, былыргы номохторго кэпсэнэр таҥаралар курдук тустарбыт. Биһиги тустууга туттар албастарбытын билиҥҥи көлүөнэ тоҕо эрэ туттубат. Араас хатыйыылары, үөһээнэн күдээритэн быраҕыылары, кыраһыабай албастары туттарбыт. Тустууга уһуйуллуу кыһата араас этэ, японскай, турецкай, иранскай, американскай тустуулар. Оттон билиҥҥи тустуу хайдах эрэ наар биирдик барар курдук эрээри, кыралаан урукку биһиги тустуубут эргиллэн эрэр диэхпин баҕарабын. Кыраһыабай, интэриэһинэй уонна тыҥааһыннаах тустуу.
Тустууну таптааччылар ардыгар миигин ылымматтар. Ордук эдэр көлүөнэ, кинилэр санааларыгар мин наар уруккуну түөһэн тахсар, “от билиҥҥитээҕэр күөх, күн чаҕылхайдык тыгар, өрүскэ, күөллэргэ балык элбэх этэ” диирим курдук. Дьиҥэ, мин ол туһунан эппэппин, мин баар балаһыанньаны сиэрдээхтик өйдүүбүн уонна билэрбин этэбин.
«Лютви Ахмедов – күүстээх утарсааччы»
-Александр Владимирович, эн кэлэргин истэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан тустуу биир бэриниилээх ыалдьааччыта Илья Колесов эйигиттэн, оччотооҕу аатырбыт тустууктар тустарынан сураһарбар көрдөспүтэ. Холобура, болгар Лютви Ахмедов туһунан.
—Ахмедов миэхэ кутталлаах утарсааччы этэ. Төһө да миэхэ күрэхтэһии балаһыанньата барыыстаах буоларын үрдүнэн, кинилиин биһиги наар тэҥнэһэр этибит. Киһиргээбэккэ эттэххэ, мин бырахсыылаах бөҕөс этим. Лютви дойдутугар Болгария киин куоратыгар Софияҕа ыытыллыбыт аан дойду чөмпүйэнээтин санаан кэллим. Тустуу стадиоҥҥа ыытыллыбыта. Трибунаҕа ыы-быччары көрөөччү мустубута. Биллэн турар, кинилэр бары бэйэлэрин сүгүрүйэр киһилэригэр Ахмедовка ыалдьыбыттара.
Утарсааччым тустууну кимиилээхтик саҕалаабыта. Лютви намыһах соҕус уҥуохтаах, суон атахтаах, киппэ көрүҥнээх тустуук этэ. Ол эрээри, бэйэтин көрүҥэр холооно суох түргэн туттунуулааҕа. Арай, болгарин мин атахпар чаҕылҕанныы ыстанна уонна харбаан ылла. Стадион өрө түллэ түстэ. Ахмедов сэбиэскэй тустуугу хотор буолла диэн көрөөччүлэр сэргэхсийэ түстүлэр. Ол кэмҥэ мин тута утары хамсаныыны оҥорон, үрдүкү таҕыстым. Итинтэн ыла Лютви мин атахпар мээнэ киирбэт буолбута. Ханныгын да иһин, Лютви Ахмедов – күүстээх утарсааччы. Аан дойду чөмпүйүөнэ, Олимпиада призера. Мин киниэхэ ытыктабыллаахтык, доҕордуу сыһыаннаахпын.
Үс сыллааҕыта Будапештка аан дойду чөмпүйэнээтэ ыытыллыбыта. Миигин онно бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан ыҥырбыттара уонна чөмпүйэнээт үөрүүлээх аһыллыытыгар Тустуу албан аатын саалатыгар киллэрбиттэрин туоһулаан, өйдөбүнньүк диплом туттарбыттара. Чөмпүйэнээт кэнниттэн банкет буолбута. Арай, миэхэ эдэрчи, билбэт киһим чугаһаан кэлэн: “Александр Владимирович, дорообо! Мин Лютви Ахмедов төрөппүт уолабын”, – диэбитэ. Бу, Шукри Лютвиев Ахмедов этэ. Кини эмиэ аҕатын курдук, биллиилээх бөҕөс, Дьобуруопа чөмпүйүөнэ, аан дойду икки төгүллээх призера. Урукку утарсааччым уола ытыктаан кэлэн билсибититтэн, мин сүрдээҕин астыммытым. Тоҕо диэтэргит, биһиги төһө даҕаны көбүөргэ күөнтэспиппит үрдүнэн, бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик санаһар этибит. Ким да хом санаата суоҕа, тустууларбыт барыта сиэрдээхтик, чиэһинэйдик быһаарыллыбыттара. Ити тугунан даҕаны кэмнэммэт сыанабыл. Шукри миэхэ ытыктабыл бэлиэтин оҥорбутугар махтаммытым.
“Мин эмиэ коллекционербын ээ”
-Күрэхтэһии үһүс, бүтэһик күнүгэр биирдэ табыгастаах түгэни тутуһан эйигин дьэ көрүстүм. Көрдөххө, куруук иллэҥэ суох курдуккун уонна оттон саастаах киһи сылайдаҕын да буолуо.
-Суох-суох, сылайбатым. Төттөрүтүн, дьэ сэргэхсийдим. Чаас араастаһыытын этэҥҥэ аһардым. Онон барыта үчүгэй. Бэҕэһээ икки мусуойга сырыттым. “Россия – мин историям” диэн саҥа компьютернай технологиянан оҥоһуллан үлэлиир мусуойу сүрдээҕин астынным. Ол кэнниттэн биһигини атын мусуойга илдьибиттэрэ. Көрөн, сөҕөн-махтайан, хаартыскаҕа түһэрэн дьоммор ыыппытым. Хайдахтаах курдук кэрэ сиргэ сылдьарбын итэҕэтэн көрдөрөөрү. Ол мусуойга эргэ малы-салы мунньаллар эбит. Эҥин араас былыргы самовардар, өтүүктэр, иистэнэр массыыналар, кыптыыйдар, кинигэлэр…
Мин эмиэ коллекционербын ээ. Дэриэбинэҕэ биир кыра дьиэҕэ революция иннинээҕи олоҕу-дьаһаҕы көрдөрөр араас былыргы малы-салы мунньабын. Бэйэтэ дьиҥнээх мусуой! Дьэ, ол иһин, мусуой салайааччыта биир “ыарыылаах” киһим буолан, этэргэ дылы, бэйэ-бэйэбитин тыл аҥаарыттан өйдөстүбүт. Наһаа үөрдүм, сэргэхсийдим. Соһуччута бэрдиттэн. Киниэхэ, арааһа сэттэ биэдэрэ уу киирэр былыргы самовара турара. Ону көрөн: “Миэхэ эмиэ маннык баар!”, — диэн саҥа аллайыыбыттан, икки коллекционер дьон айахпыт аһыллыбыта. Бу сырыыбыттан сүрдээҕин астынным. Тэрийээччилэргэ барҕа махтал!
“Тостубут кулгаахтар” тустарынан
-Уонна бүтэһик ыйытыы, билигин тугунан дьарыктанаҕын? Сэрэйдэххэ, айар үлэнэн буолуо.
-Бу күннэргэ сүргэм көтөҕүллэ сылдьар. “Наш современник” сурунаалга “Ломаные уши” диэн саҥа кинигэм бастакы чааһа бэчээттэннэ. Аныгыскы ыйга салгыыта тахсыахтаах. Ити, быһа тардыллыбыт, кылгатыллыбыт суруйуу. “Ломаные уши” сотору туспа кинигэнэн бэчээттэнэн тахсыаҕа. Онно хайаан да, Роман Дмитриев уонна Саха сирин туһунан түһүмэх баара буолуоҕа.
Манан сибээстээн биир эмиэ да мүччүргэннээх, эмиэ да таайтарыылаах түгэни санаан кэллим. Роман миэхэ саха быһаҕын бэлэхтээбитэ. Ол быһаҕы мин наһаа астынар этим. Биирдэ тэллэйдии сылдьан тыаҕа ол быһахпын сүтэрэн кэбистим. Базабар кэллим, корзинам толору тэллэй, оттон таптыыр быһаҕым – мэлигир. Ол быһах тутааҕа мамонт муоһуттан оҥоһуллубут этэ уонна онно улардар ойууламмыт этилэр. Быһахпын сүтэрэн санааҕа ыллардым. Хайдах буолабын? Романым бэлэхтээбит быһаҕа.
Төттөрү тыаҕа барарга быһаарынным. Сүтэрбиппин көрдүү. Ханна да туораабакка икки чааһы быһа хааман, биир тииккэ тиийдим, арай, быһаҕым бу сытар эбит. Мин үөрүү бөҕө. Олох сымыйалаабаппын. Дьэ, ити мистика дии саныыбын. Өйдөө, олох билбэт тыабар биир тииккэ чугаһаан кэлэбин уонна сүтүкпүн булан ылабын…
-Үөһээ Айыылар көмөлөстөхтөрө, – диэн тыл кыбытабын.
-Оннук-оннук. Биллибэт күүс ыйан-кэрдэн биэриитэ, көмөтө диэххэ сөп. Хомойуох иһин, “Наш современник” сурунаал атыыга суох. Сурутуунан эрэ тарҕанар. Онон “Ломаные уши” кинигэ таҕыстаҕына, Саха сиригэр эмиэ кэлиэҕэ. Кинигэни, спорду таптааччылар эрэ буолбакка, спорт эйгэтиттэн ыраах да дьоннор сэргээн ааҕыахтара дии саныыбын.
-Александр Владимирович, эн кинигэлэрин сүрдээх интэриэһинэйдэр. “Шестое чувство”, “Решающий поединок” кинигэлэргин аахпытым. Онон “Ломаные уши” даҕаны үчүгэй буолуохтаах.
-Баһыыба. Манна биири өйдүөхтээххит, литературнай сурунаалга спортсмен киһи бэйэтин үлэтин аан бастаан бэчээттэтэр. Бэчээттэнэр инниттэн үрдүк аатын-суолун оруолу оонньообот. Холобурдаан эттэххэ, эн маршалгын, эн сэһэн суруйдуҥ, ол гынан баран, ол үлэҥ “Наш современник” сурунаалга тахсара өссө боппуруостардаах. Бу, Арассыыйа литератордарын сурунаала. Манна тахсар инниттэн эн үчүгэй хаачыстыбалаах прозаны суруйуоххун наада.
Икки сыллааҕыта мин публицистикам Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун имперскай бириэмийэтин тиксибитэ. Хаһыаттарга публицистикам өрүү бэчээттэнэр. Бириэмийэни Арассыыйа Тас сыһыаҥҥа миниистирэ Сергей Лавров туттарбыта. Онон, билиҥҥи кэмҥэ сүрүннээн наар суруйуунан дьарыктанабын. Бэйэбин билигин спортсмен да, телевидение үлэһитэ да буолбакка – литераторбын, суруналыыспын дэнэбин.
-Оннук буолуохтаах, эһиги, биллиилээх, аатырбыт дьон урукку олоҕу эдэр көлүөнэҕэ элбэхтик кэпсээн, суруйан хаалларыахтааххыт.
-Эһиги сыыһа өйдөөбөккүтүгэр көрдөһөбүн. Мин кинигэбэр “аатырбыт”, “биллиилээх” (знаменитый, великий) диэн тыллар суохтар. Биһиги, төһө да олимпийскай чөмпүйүөннэр да буолларбыт, бэйэбит икки ардыбытыгар хаһан даҕаны “биллиилээх, аатырбыт дьоммут” дэммэппит. Роман Дмитриев миэхэ ким этэй? Санныбын таптайыан сөптөөх мин истиҥ доҕорум. Биһиги хаһан даҕаны албан ааттан “төбөбүт эргийбэтэҕэ”, улуу буола сатаабатахпыт. Оннук өйдөбүлбүт да суох этэ.
Петр ПАВЛОВ, dzulurgan.ru