Иван Дьяконов: “Аныгы учуутал смартфонтан интэриэһинэй буолуохтаах”

Ааптар: 
15.04.2022
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2022” куонкурус Саха сиринээҕи түһүмэҕин муҥутуур кыайыылааҕа, Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын (Горнай) физикаҕа учуутала Иван Дьяконов. 

edersaas.ru 

Оҕо саас, устудьуоннуур сыллар

— Иван Герасимович, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.

— Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр төрөөбүтүм, оҕо сааһым онно ааспыта. Бэрдьигэстээх алын сүһүөх оскуолатын кэнниттэн, 5-9 кылаастарга улуустааҕы гимназияҕа үөрэммитим, билигин үлэлиир оскуолабар. Салгыы Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ туттарсан киирбитим. Билии киэҥ аартыгар угуйбут маҥнайгы учууталым Августа Афанасьевна Андреева, орто сүһүөххэ үөрэппит кылааһым салайааччыта, билигин бииргэ үлэлиир кэллиэгэм Анжелика Ивановна Петрова үүнэн-сайдан тахсарбар улахан олук уурсубуттара.  Кыра кылаастан математикаҕа, физикаҕа үчүгэй этим. Бу биридимиэттэргэ олимпиадаларга куруук миэстэлэһэрим, үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларыгар улуустааҕы түһүмэххэ математикаҕа куруук бастыырым, черчениеҕа эмиэ инники сылдьарым. Ол иһин инженертэн атын идэ туһунан толкуйдаабат да этим. Ийэлээх, аҕам идэлэринэн педагогтар. Аҕам – буулдьанан ытыы тренерэ, ийэм – эбии үөрэхтээһин учуутала. Ол да үрдүнэн оҕолору үөрэтиэм диэн санаа киирбэтэ даҕаны.

— Бэйэҥ хайдах үөрэнээччи этигиний?

— Оҕо эрдэхпинэ араас көрүҥҥэ холонон көрбүтүм, ырыанан, үҥкүүнэн, уруһуйунан, волейболунан дьарыктана сылдьыбытым.  Нуучча тылыгар куруук “түөрт” сыананы ыларым, бу биридимиэккэ доҕолоҥнуурбун билэрим. Онтон атыттарга барытыгар биэскэ үөрэммитим. Ол иһин 11-с кылааска биир кэлим эксээмэҥҥэ нуучча тылыгар күүскэ бэлэмнэнэн, 84 баалга туттарбытым.

Биир кэлим эксээмэннэрбин ситиһиилээхтик ааһан, СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин иитинэн, департамент нөҥүө М.А. Бонч-Бруевич аатынан Санкт-Петербурдааҕы телекоммуникация судаарыстыбаннай университетыгар инфокоммуникационнай технологиялар уонна сибээс систиэмэлэрэ хайысхаҕа киирбитим. Устудьуоннуур кэмнэрбэр Саха сириттэн төрүттээх “Сайдыы” устудьуоннар ассоциациятынан араас тэрээһиннэргэ кыттарбыт. Ассоциация иһинэн медиа-блок оҥорбутум, тэрээһиннэри интернеккэ сырдатар этибит. Билигин даҕаны үлэлии турар. Уонна ыллыан баҕалаах усудьуоннары түмэр “Дуораан” кулуубу тэрийбитим. Ырыанан дьарыктанарбыт, фольклорга бэйэбит ансаамбыл туруорбуппут. Санкт-Петербург олохтоохторо фольклору олус сэргииллэр, ол иһин тиһигин быспакка ыҥыра тураллара. Биирдэ 3000 миэстэлээх Улахан кэнсиэрдиир саалаҕа кыттыбыттаахпыт. Түөрт сыл бэрт түргэнник элэстэнэн ааспыта.

Инженертэн — учууталга

— Инженертэн хайдах учуутал буолан хааллыҥ?

— Улахан куоракка олохсуйар санаам суоҕа. Дьокуускайга кэлэн ХИФУга математика уонна информатика институтугар магистратураҕа туттарсан киирбитим. Куоракка кэлбиппин истэн, үөрэммит өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээппиттэн төлөпүөннээн бырайыактыыр үлэҕэ (учуутал буолбатах) ыҥырбыттара. Үлэһит быһыытынан оскуолаҕа сыстыым итинтэн саҕаламмыта. Ол эрээри, учууталлыыр туһунан толкуйдаабатым. “Учуутал кууруһугар үөрэнэн физиканы үөрэппэккин дуо?”—диииллэрэ, – суох, мин олох учуутал буолбатахпын, — диэн кыккыраччы аккаастанарым.

Сайыҥҥы сынньалаҥмар дойдубар Бэрдьигэстээххэ кэллим. Инстаграмҥа “миэхэ ханнык идэ барсарый?” диэн сториска ыйытык таһаардым. Соһуйуом иһин, улахан аҥаардара учуутал диэн хоруйдаабыттар этэ. Ол быыһыгар иитээччи, муусука учуутала эҥин диэн баарын ааҕан олус дьиктиргээбитим. Ону кылааһым салайааччыта, билигин гимназияҕа дириэктэри үөрэтэр-иитэр үлэҕэ солбуйааччы А.И. Петрова көрбүт этэ: “Хомойуох иһин, физикабыт учуутала баран хаалла. Тиэхиньиическэй үөрэхтээх уонна оскуолаҕа үлэлии сылдьыбыт киһи быһыытынан, учуутал булуохпутугар диэри икки нэдиэлэ курдук кэлэн, баһаалыста, солбуй эрэ”, — диэн көрдөстө. Чэ, икки нэдиэлэни хайдах эмэ гынан тулуйар инибин диэн көрдөһүүтүн быһа гыммакка ылынным.   Биир эрэ физика учуутала баар, чааһым элбэх. Бастакы күнтэн ыарырҕаппытым гынан баран, оҕолору кытта үлэ олус интэриэһинэйдик саҕаламмыта. Икки нэдиэлэ иһигэр учуутал үлэтин ылыммытым, сөбүлээбитим. Икки нэдиэлэлэрэ уһаан хаалла, учуутал көстүбэтэ. Балаҕан ыйын толору үлэлээтим. Ол тухары магистратураҕа үөрэнэ сылдьабын, аны икки нэдиэлэ курдук университекка быраактыкаҕа ыҥырдылар. Чэ, миигин ыҥырдылар, үлэлээн бүтэбин, барабын диэтим.

Барыам иннинэ оҕолор кэлэн: “Баран эрэҕин дуо?”, — диэн хомойбуттарын биллэрбиттэрэ, олус аһыммытым, ыытыахтарын баҕарбаттар эбит диэн өйдөөбүтүм. Дириэктэрим ыҥыран ылан: “Физика учууталын кууруһугар үөрэнэн баран салгыы үлэлээ. Уруоктаргын үөрэххэр мэһэйдээбэт курдук аттарыахпыт”, — диэн сүбэлээбитэ. Икки нэдиэлэнэн кэлэн салҕаабытым, тэҥинэн кууруска үөрэммитим. Ити курдук, үлэлээбитим үс сылтан орто.

Эдэр учуутал бастакы сыла

— Бастакы ыыппыт уруоккун өйдүүгүн дуо? Хайдах ааспытай?

— Бастакы уруокпун уруок курдук ыыппатаҕым. Бары кылаастарга сайыҥҥы сынньалаҥ кэнниттэн тиэмэни төһө умнубуттарын-өйдүүллэрин, хайдах таһымнаахтарын, билиилэрэ төһө киэҥин бэрэбиэркэлиир сыаллаах хонтуруолунай үлэни ыыппытым.  Анал учуутал идэм суоҕа бастакы сылбар таайбыта. Түүн хойукка диэри уруоктарбар бэлэмнэнэрим, тугу, хайдах кэпсиирбин былаанныырым, ол быыһыгар тэтэрээт бэрэбиэркэлиирим, сарсыарда эрдэ туран үлэбэр барарым. Күнүм оннук ааһара. Билигин санаатахпына, төһө да ыараханын иһин, оҕолору кытта үлэни олус сөбүлээн эбитэ дуу, улаханнык аахайбакка аһарбыт эбиппин.

— Эн санааҕар, аныгы учуутал хайдах буолуохтааҕый? 

— Билиҥҥи үйэҕэ учууталлар бэйэ-бэйэбитин кытта буолбакка, оҕолор смартфоннарын, гаджеттарын кытта күрэхтэһэр буолан эрэбит. Онтон сиэттэрэн, аныгы учуутал смартфонтан интэриэһинэй буолуохтаах. Хайдах? Оҕо тугу сэҥээрэрин, кэпсэтэрин, ырытыһарын барытын билиэхтээх. Олохпут олус түргэнник сайдар, ону кытта тэҥҥэ хаамсан, саҥаны, элбэҕи, сонуну иҥэринэн иһиэхтээх. Холобур, дьаҥынан сибээстээн, кылгас кэм иһигэр тэйиччиттэн үөрэххэ көстүбүт, манна түргэнник быһаарсан, туһалаах ньымалары була охсон оҕо болҕомтотун тардыахтаах.

“Физиканы олоҕу кытта дьүөрэлиибин”

— Физика уустук биридимиэт, оҕо ылбычча өйдөөбөт. Туох кистэлэҥнээххиний, албастааххыный?

— Билигин функциональнай кырааматынас киэҥник тарҕанна. Оҕо ылбыт билиитин, сатабылын, дьоҕурун олоххо кыайан туттар буолуохтаах дииллэр. Миэнэ эмиэ онуоха ханыылыы. Ыарахан тиэмэни олоҕу кытта дьүөрэлии сатыыбын. Холобур, улахан кылаастар “Транзистор” диэни бараллар. Оҕо тоҕо ону үөрэтиэхтээҕин, ханна, тоҕо туттулларын өйдөөбөт. Көннөрү ойуулаан кэпсииллэр эрэ. Дьиҥэр, ол транзистор күн аайы туттар смартфоннарыгар туһаныллар. Оннук курдук олоҕу кытта дьүөрэлэтэбин, оччоҕо интэриэс үөскүүр.

Оскуолам выпускниктара биир кэлим эксээмэҥҥэ сыл аайы физиканы талаллар. Быйыл 18 оҕоттон 6, былырыын 6, иллэрээ сыл 5 оҕо физиканы туттарбыта. Көрдөрүүбүт сылтан-сыл тупсан иһэр. Бастакы сылбар саамай үрдээбитэ 80 этэ, былырыын – 81 баал. Быйыл даҕаны кыахтаах оҕолор бааллар, хайдах буолар.  Кэнники сылларга биир кэлим эксээмэн олус ыараата. Биһиги саҕанааҕыны (2014 с.) уонна билиҥҥини тэҥниир букатын атын. Оччолорго тестовай сорудах, элбэх бэлэм хоруйтан биирин талыы эҥин баара. Билигин оннук буолбатах. Оҕо ис хоһоонун чопчу өйдүүрүн, билэрин бэрэбиэркэлииллэр. Быйыл эксээмэн тутула эмиэ уларыйда. Бэлэмниир ньымалары арыый онно сөп түбэһиннэрэн уларытан биэрэр ирдэнэр. Төлөнөр чааһынан муҥурдаммакка, сүбэ (консультация) биэрэбин.

— Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?

— Учуутал иллэҥ кэмэ диэн соҕун да кэриэтэ. Быыс буллахпына, иэйии киирдэҕинэ гитарабын ылан ырыа айарга холонобун. Киэһэтин үлэттэн аралдьыйа таарыйа биирдэ эмэ кэллиэгэлэрбин кытта волейболлуубун.

“Өскөтүн миниистиринэн олордоргун…”

— Өскөтүн эйигин РФ үөрэҕин миниистиринэн таллаллар, үс туох сүрүн уларытыыны киллэриэҥ этэй?

— Уустук ыйытыы буолла (тохтуу түһэн баран, аапт.). “Сыл учуутала” куонкуруска пресс-кэмпириэнсийэҕэ бэрт идиэйэни эппиттэрэ – педагогическай кылааһы аһыы. Кыраларыттан учуутал буолуон баҕалаах оҕолору эрдэттэн бэлэмниир инниттэн, педагогичекай кылаастары аһар туһалаах буолуо этэ дии саныыбын. Иккиһинэн, аныгы оҕо уйулҕа өттүнэн күүстээх буоларын туһугар тугу эрэ толкуйдуом этэ. Билиҥҥи оҕо олус элбэх информацияны ылан хайдах гыныан, буолуон билбэт. Ол информация барыта кырдьыктаах буолбатах. Онон уйулҕата кэбирэх. Манна болҕомто уурар инниттэн, туох эрэ бырайыактары толкуйдуом этэ. Үсүһүнэн, учуутал идэтин өрө тутар ирдэнэр. Соторутааҕыта учуутал үлэтин “услуга” диэнтэн “миссия” диэҥҥэ уларытан биэрбиттэрин биһирии иһиттибит. Бу хайысхаҕа үлэни ыытыам этэ. Учуутал идэтэ ыйааһыннаах, өрө тутуллар буоллаҕына бу идэҕэ дьон талаһыа, куонкурустаныа, оҕолор үөрэхтэрэ сайдыа, билиилэрэ кэҥиэ этэ.

“Ырыаҕа сыстыым туспа устуоруйалаах”

— “Сыл учуутала” куонкурус үөрүүлээх сабыллыытыгар кыттааччылар ааттарыттан ырыа бэлэхтээн үөртүҥ. Хаһааҥҥыттан ыллыыгын? 

— Бэйэтэ эмиэ туспа, дьикти устуоруйалаах. Биир кэмҥэ муусукабыт учуутала ыалдьан дьиэҕэ олорор кэмигэр, атын учуутал Т.П. Ксенофонтова солбуйа кэлбитэ. Ханнык эрэ ырыаны ыллаппыта. Ыллыы олордохпутуна хаама сылдьан истэрэ. Мин аттыбынан ааһан иһэн, балачча тохтоон истэн турда, туох да диэбэтэ. Сотору кэминэн ийэм: “Туйаара Прокопьевна эйигин “Хотугу сулус” күрэххэ кытыннарыан баҕарар” — диир. Оччолорго кырабын: “Хотугу сулус” диэн ол тугуй?”, — диэн ыйыппыппын ийэм быһааран биэрбитэ. Сөбүлэстим. Туйаара Прокопьевна бэлиэтии көрөн дьарыктаан, Саарын “Кэрэтик ыллыыгын” диэн ырыатынан кыттан, I истиэпэннээх лауреат аатын ылбытым, онтон ыла ырыаҕа сыстан барбытым. Уһуйааччым улахан оруоллаах, бастакы олугу кини уурбута. Өрөспүүбүлүкэтээҕи араас куонкурустарга кыттан өрүү миэстэлэһэрим.  ХИФУга үөрэнэ сылдьан Екатерина уонна Алексей Егоровтар “Сэргэлээх сулустара” устуудьуйаларыгар дьарыктаммытым.

Манна, Дьокуускайга кэлэн баран ырыа суруйан саҕалаабытым. Ол иннинэ холонон көрөр этим да, соччо табыллыбата. Үс сыллааҕыта “Баҕардар” диэн бастакы ырыабын таһаарбытым. Михаил Кычкин “Өйдүүгүн дуо?” диэн ырыатын бэлэхтээбитин эмиэ күн сирин көрдөрбүтүм.

«Баҕардар» диэн ырыатын манна истиҥ.

“Сыл учуутала” куонкурус

— Куонкурус туһунан туох санаалааххын?

— Олус үрдүк таһымнаахтык ааһар эбит. Хас биирдии түһүмэҕэ, тургутуута барыта эрдэттэн толкуйдаммыт, бириэмэтэ мүнүүтэ да хойутааһына суох лоп курдук тутуһуллар. Тэрээһин барыта чопчутук ааста. Алта күн тухары кыттааччылар бары элбэҕи биллибит, иҥэриннибит. Маннык куонкурустар уустук үлэҕэ салгыы үлэлииргэ, сайдарга, саҥа ньымалары көрдүүргэ көҕүлүүллэр. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлбит учууталлары кытта билистим, сибээс олохтоотум. Саамай сүрүнэ – ол. Салгыы бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөн, уопут атастаһан, сүбэ-ама бэрсэн үлэлиирбитигэр көмө буолуо диэн эрэнэбин.

“Сыл учуутала” муҥутуур кыайыылаах аатын ыларбар хамаандам – кэллиэгэлэрим өйөбүллэрэ, көмөлөрө таайда. Кинилэрэ суох бу кыайыы хайдах даҕаны ситиһиллиэ суохтааҕа. Сүбэ-ама, мэтиэдикэ өттүнэн этэ да барыллыбат. Уонна чугас дьонум итэҕэлэ, өйөбүлэ кынаттаата. Үс сыл тухары үөрэтэр оҕолорум – мин учууталларым. Кинилэр миэхэ элбэх үөрэҕи биэрдилэр дии саныыбын.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Антонина СЕМЕНОВА, И.Г.Дьяконов тус архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0