Иван Ярыгин аатынан турнир бырагыраамата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 27-29 күннэригэр Красноярскайга көҥүл тустууга Иван Ярыгин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы Гран-при турнир ыытыллар. Бу улахан түһүлгэҕэ саха тустууга кыһатын сүүрбэччэ иитиллээччилэрэ кыттыыны ылыахтара. 

Петр ПАВЛОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Тохсунньу 27 күнэ, бээтинсэ

Бу күн биһиги болҕомтобут барыта 57 киилэҕэ тустааччыларга ууруллар. Көбүөргэ Арыйан Тютрин, Ньургун Александров, Георгий Окороков, Эдуард Григорьев, Владимир Флегонтов тахсыахтара.

10.00-17.00 – Барыллааһын хапсыһыылар: дьахталлар – 48, 58, 60, 69 кг, эр дьон – 57, 74 кг.
16.00 – Иван Ярыгиҥҥа аналлаах мусуой экспозициятын аһыы.
18.00 – Турниры үөрүүлээхтик аһыы.
18.45-21.00 – Финаллар: дьахталлар – 48, 58, 60, 69 кг, эр дьон – 57, 74 кг. Наҕараадалааһын.

Тохсунньу 28 күнэ, субуота

Турнир иккис күнүгэр 61 киилэҕэ тустар уолаттарбытыгар: Егор Пономаревка, Виктор Рассадиҥҥа, Ньургун Скрябиҥҥа, Вячеслав Ефремовка, Айхан Антоновка, Николай Охлопковка, Револий Самсоновка, Дьулустан Булатовка уонна Андрей Бекреневка ыалдьыахпыт.

10.00- 17.00 – Барыллааһын хапсыһыылар: дьахталлар – 53, 55, 63, 75 кг, эр дьон – 61, 86, 125 кг.
18.00-20.30 – Финаллар: дьахталлар 53, 55, 63, 75 кг, эр дьон – 61, 86, 125 кг. Наҕараадалааһын.

Тохсунньу 29 күнэ, баскыһыанньа

Бүтэһик күн Саха сирин чиэһин көмүскүөхтэрэ: Виктор Степанов, Константин Власов, Иван Ефремов (65 кг), Тимур Николаев, Герман Устинов, Дьулустан Сивцев (70 кг) уонна Евгений Коломиец (97 кг).

10.00-15.30 – Барыллааһын хапсыһыылар: эр дьон – 65, 70, 97 кг.
15.30-17.00 – Финаллар: эр дьон — 65, 70, 97 кг.
17.30-18.30 – Наҕараадалааһын. Турниры үөрүүлээхтик түмүктээһин.

Күндү тустууну таптааччылар!

Бээтинсэттэн саҕалаан “Саха сирэ” хаһыат интэриниэккэ сайтыгар (https://edersaas.ruru) Иван Ярыгин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы Гран-при турниры сырдатыыны саҕалыахпыт.
Онно күннэринэн ыйааһыннар сэрэбиэйдэрин ырытыы, барыллааһын хапсыһыылары уонна финаллары билиһиннэрии, экспресс-интервьюлар, хаартысканан репортажтар… баар буолуохтара.
Сырдатыы хаачыстыбата эһигиттэн эмиэ тутулуктааҕын умнумаҥ. Аҥаардас көрөн ааҕыынан эрэ муҥурдаммакка, суруйуулар анныларыгар бэриллэр “Санааҕыҥ хааллар” диэн анал миэстэҕэ ыйытыыларгытын биэриэххитин, санааҕытын этиэххитин сөп. Онон бары бииргэ буолуохха!

Петр ПАВЛОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0