Иван СТЕПАНОВ олоҕуттан икки түгэн

19.07.2020
Бөлөххө киир:

Арассыыйа уонна Саха норуодунай артыыһа, Платон Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Хотугу сулусуордьан кавалера, Арассыыйа бастыҥ баһа, саха биллиилээх опернай ырыаһыта Иван СТЕПАНОВЫ уонна саха биллиилээх суруналыыһа, лоп курдук 40 сыл анараа өттүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыайан,  Эдэр коммунистыччат хаһыатын эрэдээксийэтинэн Москватааҕы олимпиадаҕа командировкаламмыт, билигин Киин куорат хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Иван УШНИЦКАЙЫ – икки Уйбааны, ЫРЫАҔА уонна СПОРТКА муҥура суох таптал доҕордоһуннарбыта.

edersaas.ru

Иван Ушницкай араас кэмнэргэ, сахалар бары киэн туттар аатырбыт ырыаһыппыт Иван Степанов туһунан элбэхтэ суруйда. Бүгүн кини ыстатыйаларын циклыттан биир түһүмэҕи ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит. 

Уйбаан Степанов, ханна да сылдьан, учууталларын уонна бүтүн норуотун, дойдутун түһэн биэрбэт туһуттан, төһөнөн эппиэтинэстээх түһүлгэҕэ тахсар да, соччонон улаханнык оҥостон, турукка киирэр идэлээх.

Улахан талаан уонна ураты куолас диэн айылҕа бэлэҕэ, дойду-норуот барҕа баайа. Маны сайыннарыыга көмөлөһүөх тустаах салайааччыларбыт өйдөөбөттүү сыһыаннаһан, улахан түһүлгэҕэ кыайар кыахтаах киһини ыыта сатаабат буоллахтарына, ол – дойдуну, норуоту ааттатары харгыстыыр аньыы. Оттон кинилэр өйүүр түгэннэригэр талаан бэйэтэ-бэйэтин сайыннара сатаабат буоллаҕына — ол таҥнарыыга тэҥнээх. Арассыыйа уонна Саха норуодунай артыыһа Иван Степанов итини үчүгэйдик өйдүүр буолан, Канадаҕа, Румынияҕа, Монголияҕа, Германияҕа, Японияҕа, Швейцарияҕа, Арассыыйа улахан түһүлгэлэригэр ордук аһыллан ыллаталаабыта. Дохсун ытыс тыаһынан «Браво-о! Би-ис!», —диэн хаһыыларынан уруйдаммыта, ол быыһыгар: «Шаляпин дии, хантан сылдьарый?», «Арассыыйаттан, Саха сириттэн!» дэттэрбитэ.

Мин классическай ырыаны аан бастаан эт кулгаахпынан оскуоланы саҥардыы бүтэрэн, куоракка киирдэҕим утаа, истибитим. Эдьиийим Александра Москванан, Ульяновскайынан Саха АССР култууратын, искусствотын уонна  литературатын күннэригэр хорга ыллаһа барарыттан дьоллоно сылдьара.  Генеральнай эрэпэтииссийэлэрин кэнсиэригэр Нуучча тыйаатырыгар миэхэ билиэт биэртэ. Классиканы саалаҕа олорон истэр-көрөр олох уратытын онно билбитим. «Пластинкаҕа, араадьыйаҕа, тэлэбииһэргэ уһуллубут омуктартан, норуодунайдартан биһиги да дьоммут туох  да итэҕэһэ суох эбиттэр…»,—дии саныы олорбутум. Оттон бырагыраамканы көрөн баран, Иван Степановка да, Семен Оконешниковка да «Саха АССР үтүөлээх артыыһа» диэн ааттара суоҕун сөхпүтүм.

Сотору Москваттан үөрүүлээх сонун кэлбитэ: «Сахалар сөхтөрбүттэр аҕай. Искусствоҕыт дьонугар ааты биэрэртэн наһаа да кэччэнэр эбиккит», — диэбиттэр уонна Иван Степановка, Семен Оконешниковка РСФСР үтүөлээх артыыстарын ааттарын иҥэрбиттэр…

СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев талааннаах дьоҥҥо бары өттүнэн көмөтө элбэх. Кинилэри сорохторун омук сирдэринэн, соҕуруу-арҕааҥҥы куораттарынан суолталаах көрсүһүүлэргэ илдьэ сылдьара уонна олор хайдах буолуохтаахтарын режиссердаһара. Бэлиитиктэр уонна  талааннар хардарыта бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһүүлэрэ саха норуотугар, өрөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталаах элбэх ситиһиилэри биэрбитэ.

«Иван Степановво голос!»

Михаил Ефимович Арассыыйа бастакы бэрэсидьиэнэ Б.Н. Ельцинныын доҕордоһон,  сахаларга, өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх үтүөнү оҥорторбута. Борис Николаевич РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр Москва куорат ортотугар биэс мэндиэмэннээх дьиэни биэрбитэ. Ол дьиэ үөрүүлээх аһыллыытыгар Михаил Ефимович Иван Степановка:

—Уйбаан Борокуопайабыс, улахан киһи кэлэр буолла. Дьэ, дьон оннуларын-олохторун булалларын кытта, «Бу Ленаҕын» тардан кэбиһээр эрэ, — диэбитэ.

— Борис Николаевич, дьэ, кэллэ,—Уйбаан ахтыы оҥорор,—Поспредство дьиэтин көрдө-иһиттэ. Онтон саалаҕа киирэн олордо. Дьон саҥардыы чуумпуран истэҕинэ, мин маэстром фортепианоҕа оонньоон барда…

Күнүскү ахтылҕан,

Түүҥҥү түүл аргыһа

Көрүүй даа, бу Лена.., — диэн саҥардыы ыллаан эрдэхпинэ, Ельцин “һук” гыммыттыы мин диэки көрө түстэ уонна улахан баҕайытык саҥа аллайда:

—Это же Штоколов,—диэтэ.

Мин ыллыы туран тугу саҥарарын истэбин. Мэхээлэҕэ: «Борис Штоколовтыын биир екатеринбуржецтарбыт, чугастык доҕордоһо сылдьыбытым, киниэхэ майгыннаттым…», — диэтэ. Итинник киһилиин доҕордоспут буолан, муусуканы, искусствоны олус өйдүүр эбит. Салгыы туох ааттаахпын-суоллаахпын ыйытта уонна: «Кинини Арассыыйа норуодунайыгар түһэриҥ. Мин тута илии баттыам», — диэтэ.

Поспредствоҕа Ельцин түөрт уон мүнүүтэ эрэ буолуохтаах диэбиттэрэ, түөрт чаастан ордук сылдьан барбыта. Мэхээлэлиин сэһэргэһиини, артыыстарбыт ырыаларын, Петр Оҕотоойоп хомуска оонньуутун, Тарбаховпыт аһын-үөлүн сөбүлээтэҕэ…

Б.Н.Ельцин сайын кэлэ сылдьан: «Иван Степанов — во голос!» диэт тарбаҕын чөчөс гыннарбыта харахпар бу баар курдук.

Иван биир эмэ куонкуруска кыттыан санаталыыра. Арай, дьэ, ыҥырыы тутаат, буолаары буолан кумирын Шаляпин аатынан аан бастакы куонкуруска ыыта сатыылларын үрдүнэн, аккаастанарга күһэллэ сыспыта. Ол маннык этэ. Оччотооҕуга кинини, Михаил Ефимовичтыын Забайкальскай байыаннай уокурук кылаабынай командующайын кытта көрсүһүүгэ сырыттаҕына, артиллериянан ыттарбыттара. «Маны тардан иһэн айаххын атаар» диэбиттэрин умнан, айаҕын аппатах… уонна бүттэ — тугу да истибэт буолан хаалбыт. Хас да күн Уйбаан дьүлэй буолан сылдьыбыта. Дьэ ол кэмҥэ Арассыыйа бастыҥ бастарын бастакы куонкурустарыгар ыҥырыы кэлбит. Аны өссө «Ньургун Боотур» опера иккис туруутун премьерата эмиэ олох чугаһаан эрэрэ. Дьэ кыһыы. Хайдах бэлэмнэнэр? Кулгааҕа мэлигир, истибэт. Онтон, кэмниэ-кэнэҕэс, эмискэ дьэ чөллөрүйбүтэ. Долгуйуу өссө улааппыта. «Дөйө сырыттым, барар кыаҕым суох» диэтэҕинэ ким итэҕэйэр? Куттаммыт дииллэр ини. Уонна аны ыҥырыахтара суоҕа. Шаляпин куонкуруһа,  төрөөбүтэ 120 сылынан, аан бастаан ыытыллыыта. Аны өтөр буолара остуоруйа.

Оччотооҕу бириэмэ, дьэ, дьиҥнээх кириисис кэмэ этэ. Хамнас да, харчы да суох буолан биэрбитэ.

—Дириэктэрим Гавриил Гаврильевич Местников барахсан, — сэһэргиир Уйбаан,— сүүрэн-көтөн, үс киһиэхэ айаммытыгар да спонсор булбутугар махтал буолла. Дьиҥэр, бэйэтэ уонна кэргэним Таанньа астаах-үөллээх, үптээх-астаах барсыбыттара буоллар, усулуобуйам атын буолуох этэ. Продюсерым Валерий Шадринныын, концертмейстерым Марк Слепцовтуун харчыбытын кэмчилээн, остолобуойдаммакка- буфеттаммакка, халбаһыы-илбэһии ылан, боростуойдук аһаан сылдьыбыппыт. Ыллыырга дьиҥэр, ас улахан оруоллаах. Сахалыы миин истэххэ үчүгэй буолар. Хайыахпытый? Тиийдибит да киирсэн тэйэр буоллахпыт.

Шаляпин куонкуруһугар

-Москваҕа түһээт, тута куонкурус буолар сиригэр, уруккута Мамонтов тыйаатырыгар (аатырбыт бас Федор Шаляпин Москваҕа дебюта чуолаан бу тыйаатырга буолбута), билигин Оперетта тыйаатырыгар  тиийбиппитигэр,  отуттан тахса бас мустубут. Бааҕынаһыы бөҕө. Кыттааччылар миигиттэн атыттар бары хастыы да куонкурус  лауреаттара. Миигин москвичтар, петербурдар, новосибирскайдар, свердловчаннар урут истибит буолан билэллэр. Аҥардас Колоннай саалаҕа түөртэ ыллаан турабын, ону таһынан Арассыыйа Судаарыстыбаннай кэнсиэртиир саалатыгар, Москватааҕы консерватория Улахан саалатыгар, Большой тыйаатыр Бетховенскай саалатыгар…

Оттон манна Минскэйтэн, Кишиневтан, Саратовтан, Томскайтан, о.д.а. сирдэртэн кэлбит бастар сорохторо урут ханна да кыттыбатах киһини, Уйбааны, ханнык эрэ «чукча», анекдот киһитэ, кэлбитин курдук көрөллөрө, оччо  дорооболоһо да сатаабаттара. Дьэ, тугунан, хайдах киирсэн киһи быыһанар? «Сусанины» дии санаабыта да, манна икки миэтэрэлээх нуучча бухатыыра ол ырыатын бааҕынатар… Чайковскай «Благословляю вас, леса» дуу, «Эй, ухнем!» дуу толоруом диэбитэ итилэри толорооччулар айахтара эмиэ кытаран турар. Аны Уйбаан худуоһунньук киһи көстүүмүнэн, гриминэн, туттуутунан, хамсаныытынан сүүйүөҕүн, академическай куонкурус сүрүн ирдэбилэ — хайаан да фрак кэтиэхтээххин уонна сүрүнэ — нотаны, муусуканы, тылы таба тутуһуу, иһиллиитэ уонна чуолкайа.  Биирдэ сыыһа тыынныҥ, үрдүк нотаҕа тиийбэтиҥ, аллараа нотаҕа кыайан түспэтиҥ да бүттүҥ. Кулгаахтаах аҕай дьон истэ олороллор. Аны Шаляпин эрэ репертуарыттан талыахтааххын. Туур аайы — иккилиини.

—Ээ, чэ, синэ биир. Саха сааппат, ыт харбат. Ити ырыаларга кинилэртэн итэҕэс буолбат инибин. Урукку эрчиллиим көмөлөһөр ини, өр сыл үлэлээбит «бөрө» (!) буоллаҕым, — диэн дьонун да, бэйэтин да күллэрэн уоскуппута.

Бастакы тур кэнниттэн уон кыттааччы сыыйыллыахтаах. Уйбаан аргыыйдык,  фортепианоҕа Марк Слепцов доҕуһуоллааһынынан, Николай Некрасов салайар оркестрынан «Ноченьканан» киирэргэ быһаарыммыта. Арай, иккис турга тахсыбыттары ааттыырга: «Иван Степанов (Якутск)!» диэн биллэрдилэр.

Большой тыйаатыр солиһа, “Арассыыйа көмүс баһа”, ССРС норуодунай артыыһа Александр Ведерников курдук киһи (гостиницаҕа биир нүөмэргэ түспүттэрэ), иккис турга ааспатахпын диэн, хомунан дьиэлээтэ.  Дьэ, оттон Уйбааны: «Иван, дорообо, эҕэрдэлиибит!» диэн билбэттэр да билэр, көрбөттөр да көрөр, кэпсэтэ сатыыр  буолбуттар этэ…

Марк Марковичпын үчүгэй концертмейстер буоларын билэ-көрө охсубуттар. Тылланан, хас да киһи репетитордыырыгар көрдөспүтэ (кинилэр эмиэ дипломант буолбуттара, онон бу куонкурус саха ырыаһытын эрэ буолбакка, мусукаанын эмиэ аатырдыбыта).

Иккис тур оркестр доҕуһуоллаах — духовнай ырыалар. Уйбааҥҥа оччо табыгаһа суох. П. Чесноков «Ныне отпущаеши» хордаах акапелланы кытта ыллыыр буолбутунан, тиэкиһин түүннэри үөрэтэ охсорго күһэллибитэ.  Үһүс, түмүк турга киирбитин истээт, эр ылбыта. Хайаан да миэстэҕэ анньыһарга дьулуспута. Аны саха баһын олох да Иван Прокопьевич диэнтэн атыннык  ааттаабат буолбуттара…

Үһүс тур — эмиэ оркестрынан. Гремин «Евгений Онегин» ариятыттан уонна «Фаустан» Мефистофель күппүлүөттэрин сайаапкалаабыта.

—Арай,—ахтыытын салгыыр Уйбаан  Степанов, — түмүгү иһитиннэрии иннинэ, сэкирэтээр кыыс кэлэн кулгаахпар сибигинэйдэ: «Иван Прокопьевич, ваши дела хороши, даже очень» диэтэ.  Дипломаннары, үһүс лауреаттары, иккис лауреаттары биллэрдилэр. Бастыам эрэ дии санаабатаҕым. Бу, хаһыс эрэ буолбуппун, ааппын испииһэккэ алҕаска көтүтэн кэбиспит буоллахтара дуу?» дии санаатым. Онтон: «Лауреатом I премии стал Иван Степано-ов — Якутск!» диэн ньиргиппэттэр дуо?!

Итинник этэ, саха опернай ырыаһыта Иван Степанов Улуу Арассыыйа бастыҥ баһын аатын ылыыта!

Иван УШНИЦКАЙ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0