Иван Слепцов: “Университет аатын сүкпүппүт инникигэ кынаттыыр”  

Ааптар: 
18.05.2020
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта тыа хаһаайыстыбатын академията Арктикатааҕы агротехнологическай судаарыстыбаннай университет аатын сүктэ. Тустаах үөрэх кыһата саҥа таһымҥа таҕыста, үгүс уларыйыылар, саҥа бырайыактар киирдилэр. Устудьуоҥҥа бу төһө туһалаах буолуон, хайдах дьайыан туһунан ректор Иван Слепцову кытта сэһэргэстибит.

edersaas.ru

Саҥа үктэл

— Иван Иванович, университет аатын сүгүү туох кыаҕы биэриэҕэй?

— Бастатан туран, эрэгийиэннэри, тас дойдулары кытта үлэлиирбитигэр кыах биэриэҕэ. Биһиги 1 мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх өрөспүүбүлүкэбитигэр алта үрдүк үөрэх кыһата баар. Аҕыйах нэһилиэнньэлээх сиргэ киэҥник үлэлиир кыаллыбат. Онон университет буолбуппут биһиэхэ дойду бэрэсидьиэнин бэлиитикэтигэр сөп түбэһиннэрэн, “Үөрэх экспорда” бырагыраамаҕа киирэн, Саха сирин тас өттүгэр тахсарга олугу уурар.

Аныгы үйэҕэ Арктика аан дойдуга сүдү оруоллаах. Холобур, учуонай Михаил Ломоносов «Арассыыйа Сибииринэн сайдыа» диэн эппиттээх. Аныгы үйэҕэ сиргэ дьон ахсаана эбиллэ турар, оттон сир улааппат, төттөрүтүн сыллата кыралаан кыччаан иһэр. Арассыыйа инникитэ Арктикаттан тутулуктаах. Онон биһиги бу бэлиитикэҕэ сөп түбэһэн үлэлиирбит кэскиллээх буолуохтаах диэн толкуйдуубут.

Эппиэттэһэр буолан, университет статуһун ыллыбыт. Биллэрин курдук, 2015 сыллаахха улахан кыһалҕалар үөскүү сылдьыбыттара, аккредитацияны ааспакка, икки факультеппыт, Өлүөхүмэтээҕи филиалбыт сабыллыбыттара, академия улахан охсууну ылбыта. Арассыыйаҕа эриэйтиҥҥэ 54 аграрнай үрдүк үөрэх кыһатыттан 53-с сылдьыбыппыт. 2018 сыл түмүгүнэн 32-с миэстэҕэ таҕыстыбыт. Ити үгүс сыранан ситиһилиннэ. Ол эрээри, ситиһэр кыра, оннунан тутан, өссө иннибит диэки барыахха наада. Салгыы өссө күүскэ үлэлиирбитигэр, университет аатын сүкпүппүт биһигини кынаттыыр.

Үөрэххэ ылыы

— Быйыл төһө элбэх идэҕэ ылаҕыт? Саҥа идэлэр бааллар дуо?

— Уопсайа, 46 үөрэх бырагыраамата баар. Ханнык идэлэр баалларын саайтпытыгар көрүөххэ сөп. Билигин сүрүн күүспүтүн билимҥэ уонна каадыры бэлэмнээһиҥҥэ, баазаны хаҥатыыга уурабыт. Саҥа технологияны киллэрбэккэ, цифровизацияны туһаммакка, билиминэн дьарыктаммакка, сөптөөх каадыры бэлэмнээбэккэ сайдар кыахпыт суох. Онон магистратура, аспирантура курдук салааларга болҕомтону ууран үлэни күүскэ саҕалаан эрэбит. Итинтэн сиэттэрэн, Диссертационнай сэбиэти арыйар былааннаахпыт. Оччотугар олохтоох дьону бэлэмниэх этибит.

Улахан кыһалҕанан өрөспүү­бүлүкэбитигэр орто көлүөнэ учуонайдар аҕыйахтара буолар. Күн бүгүн биһиэхэ 24 билим дуоктара үлэлиир. Итинтэн аҥаардара — соҕурууттан кэлии дьон. Кырдьаҕастар номнуо 70-80 саастарыгар тиийдилэр, оттон кинилэри солбуйар орто көлүөнэ суоҕун тэҥэ. Уонунан сыллар тухары утумнаан бэлэмнээһин барбатах. Билигин эдэр көлүөнэни бэлэмниибит. Оччотугар сыыйа ааммыт аһыллан, сайдан иһиэхпит диэн эрэллээхпит.

Саҥа идэлэр

— Быйыл ханнык саҥа идэлэр аһыллалларый?

— Биһиги университеппыт тыа хаһаайыстыбатынан эрэ муҥурдаммат. Ойуур хаһаайыстыбатыгар эмиэ болҕомто ууран, 2018 сыллаахха факультет арыйбыппыт, “землеустроителлэри” бэлэмниибит. Быйыл инженернэй факультет иһинэн “теплоэнергетикэ уонна теплотехника”, “электроэнергетикэ уонна электротехника” идэтигэр лиссиэнсийэ ыларга сайаапка ыыппыппыт. Бэрэбиэркэни аастахпытына, лиссиэнсийэ биэриэхтэрэ. Онон норуот хаһаайыстыбатын барытын хабарга кыһаллабыт. Итиэннэ магистратура хайысхатыгар икки сайаапканы ыыппыппыт.

Бүддьүөт миэстэтэ

— Дойду бэрэсидьиэнэ үрдүк үөрэхтэргэ бүддьүөт миэстэтин эбиҥ диэн Анал туһаайыытыгар этэн турар. Эһиги университеккытыгар төһө эбилиннэ?

— Былырыыҥҥыга холоотоххо, быйыл сүүстэн тахса миэстэ эбилиннэ. Инньэ гынан, уопсайа, 851 бүддьүөт миэстэтэ көрүлүннэ. Холобура, былырыын экэнэмиичэскэй факультекка букатын суоҕа, быйыл баар буолла. Онон салааларбытыгар барытыгар көрүлүннэ.

— Дьон юридическай үөрэҕи сэҥээрэр.

— Биһиги университеппытыгар үрдүк юридическай үөрэх суох. 2015 сыллаахха аккредитацияны барбакка, сабыллыбыта. Билигин толкуйдуу сылдьабыт. Юридическай орто анал үөрэх баар, төлөбүрдээх. Судаарыстыбаннай бэлиитикэни эмиэ көрөрбүт ирдэнэр. Юристарга, экэнэмиистэргэ олус аҕыйах бүддьүөт миэстэтин биэрэр буоллулар. Оттон дьон үксүн бүддьүөт суотугар үөрэнэр баҕалаах. Аныгы кэмҥэ сүрүннээн инженердэри, саҥа технологиялары киллэрэргэ оҥорон таһаарааччылары бэлэмниэххэ дииллэр. Бүддьүөт миэстэтин бу хайысхаларга хото көрөллөр.

Уопсайынан хааччыллыы

— Устудьуоннар бары уопсайынан хааччыллаллар дуо?

— Барыларын хабар кыахпыт суох, 800-чэкэ киһини эрэ уопсайга олордор кыахтаахпыт. Күн бүгүн кэтэхтэн үөрэнээччилэри ааҕан туран, 4000-тан тахса устудьуоннаахпыт. Итинтэн аҥаара күнүскүгэ үөрэнэр. Онон уопсай туттарыытыгар тэрийэн таһаарааччыбыт (учредитель) РФ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Бырайыакпыт оҥоһуллубута, экспэртиисэни ааспыппыт, туһааннаах сайаапкалары, суруктары РФ Бырабыыталыстыбатыгар ыыппыппыт.

Докумуону тутуу

— Быйыл докумуону тутууга туох уларыйыы киирдэ?

— Ханнык баҕарар үрдүк үөрэх кыһатыгар курдук докумуоннары дистанционно ылыахпыт. Биллэн турар, Киин тутар хамыыһыйа үлэлиэҕэ. Мааскаттан саҕалаан, бары санитарнай ирдэнэр нуорма усулуобуйатын тэрийиэхпит. Улуустартан докумуоннары “Мои документы” нөҥүө тутар курдук кэпсэтии ыыта сылдьабыт. Докумуону бэс ыйын 15 күнүттэн тутан саҕалыыбыт.

Үлэнэн хааччыллыы

— Бүтэрбит устудьуоҥҥут хас бырыһыана үлэнэн хааччылларый?

— Ханнык баҕарар университет үлэнэн хааччыллыытыгар улахан болҕомтону уурар. Биһиги билиҥҥи туругунан 75 бырыһыаҥҥа тахсан олоробут. Бу сыыппараны 80 бырыһыаҥҥа тиэрдэр соруктаахпыт.

Тас дойдуну кытта үлэ

— Тас дойдуттан эмиэ кэлэн үөрэнэллэр дуо?

— “Үөрэх экспорда” диэн дойду үрдүнэн бырагыраама үлэлиир. Бу бырагыраама иитинэн биһиэхэ Кыргызстантан, Таджикистантан, Туркменияттан, Монголияттан, Кытайтан 80-тан тахса усту­дьуон кэлэн үөрэнэ сылдьар. Быйыл итини кэҥэтэр былаан­наахпыт. Хардарыта атастаһан үөрэнии бырагыраамата эмиэ үлэлиир. Хайаан даҕаны омук сиригэр буолбакка, Арассыыйа биллэр-көстөр, тарбахха баттанар үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар баран үөрэнэллэр. Холобура, Ставропольга саамай үрдүк таһымнаах аграрнай университет баар. Биһиги 10 устудьуоммут онно баран үөрэнэ сылдьар. Ону таһынан, оҕолорбут Казахстаҥҥа бааллар.

Аҕыйах сылтан бэттэх Арктикатааҕы университеттар ситимнэрин (UArctic) кытта бииргэ үлэлэһиигэ дуогабар түһэрсибиппит. Манна элбэх дойду киирэр. Аны омук тылын билэр устудьуоннарбыт сайынын Германияҕа быраактыкаланаллар. Факультатив быһыытынан баҕалаах устудьуоннары босхо омук тылыгар үөрэтэбит.

Үс тылы баһылыахтаах

— Омук тылын таарыйбычча, аны күһүҥҥүттэн устудьуоннары омук тылынан үөрэтэллэр үһү диэн истибитим.

— “Үөрэх экспорда” бырагыраама иитинэн англия тылынан хас даҕаны исписээлинэскэ үөрэтиэхтээхпит. Үөрэх былаанын бигэргэттибит. Күһүҥҥүттэн зоотехниктары, технологтары үөрэтэн саҕалыахпыт. Сыллата кэҥэтэн иһиэхпит.

Олохтоох оҕолор саха тылын сэргэ, омук тылын булгуччу билиэхтэрин наада. Хомойуох иһин, төрөөбүт тылларын билбэттэр эбит. Баҕалаахтары саха тылыгар эмиэ үөрэтэбит.

Үһү — бииргэ

— Аны авто-оскуола аһан эрэллэр диэн истибитим. Ити төһө оруннааҕый?

— Оннук. Төлөөн үөрэнэр устудьуоннары босхо авто-оскуолаҕа үөрэтиэххэ диэн этии киллэрбитим. Ол эбэтэр, устудьуон үөрэҕин бүтэрэригэр дипломун сэргэ сибидиэтэлистибэ тутуоҕа. Авто-оскуола аһан эрэбит, массыына атыылаһабыт, автодром дуогабардаһабыт. “В” уонна тыраахтар категориятыгар аны күһүҥҥүттэн үөрэтэн саҕалыахпыт, сыыйа эбиэхпитин сөп.

Ону таһынан, оробуочай идэҕэ (уонтан тахса идэттэн талан) үөрэтэбит. Бу барыта сыллааҕы үөрэх төлөбүрүгэр киирэ сылдьар. Холобур, зоотехник идэтигэр төлөөн үөрэммит устудьуон дипломун сэргэ сыбаарсык идэтин баһылыыр уонна массыына эбэтэр тыраахтар ыытар быраап ылар. Тоҕо диэтэххэ, устудьуон төлөөн үөрэнэр, аны истипиэндьийэ көрүллүбэт. Оробуочай идэ хаһан да хаалбат, бэйэтин хаһаайыстыбатыгар даҕаны туһалаах буолуо.  Онон устудьуоннары биһиэхэ кэлэн бары өттүнэн барыстаахтык үөрэниҥ диэн ыҥырабыт.

Үөрэх төлөбүрэ

— Бэрт бырагырааманы толкуйдаабыккыт. Оччотугар төлөбүрдээх үөрэх сыаната төһөнүй?

— Күн бүгүн сыанабытын быһа иликпит. Ыам ыйын бүтүүтэ чопчулуохпут. Быйыл үрдүк үөрэх сылга 130 тыһыынча солкуобайтан үөһэ, орто үөрэххэ быһа холоон 75 тыһыынча буолара буолуо. Симиэстиринэн аҥаардаан төлүөхтэрин сөп.

— Үрдүк үөрэххэ туттар­сааччылар эбии баалы ылыахтарын сөп дуо?

— Ларионовскай, Чугуновскай ааҕыыларга кыайбыт оҕолор 10-нуу баалга тиийэ ылаллар. Аны агро-оскуола үөрэнээччилэрэ эбии баалы аахсыахтарын сөп. Бэйэбит эмиэ араас олимпиадалары ыытабыт.

Уопсайынан, кэлиҥҥи сылларга устудьуоннарбыт үөрэхтэрин хаачыстыбата тубуста. Былырыын биир кэлим эксээмэҥҥэ орто баал 64-кэ тэҥнэспитэ. Онон устудьуон ахсаанынан эрэ эбиллибэт, хаачыстыба эмиэ тупсар.

Арктикатааҕы агротехнологическай судаарыстыбаннай университет саҥа таһымҥа тахсан, былааммыт киэҥ. Устудьуоннар олорор уопсайдарын туттарары былаанныыбыт, стадион бырайыагын оҥорторобут. Каадыры бэлэмнээһиҥҥэ уонна материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаны тупсарыыга күүскэ үлэлэһэбит. Оскуоланы бүтэрээччилэри биһиэхэ кэлэн туттарсалларыгар, үөрэнэллэригэр ыҥырабыт.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0