Иван Шамаев: Учуутал оҕону өйдүөхтээх

14.10.2016
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү биһиэхэ өрөспүүбүлүкэ лицейын дириэктэрэ, Михаил Алексеев аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ хаһаайына Иван Иванович Шамаев ыалдьыттыыр. Иван Иванович учуутал эрэ быһыытынан буолбакка, кини ыччаты түмэр, сахалыы тыыннаах киһи.

Мин Иван Ивановичтан Михаил Алексеев эн учууталыҥ үһү, кини хайдах этэй?, — диэн кэпсэтиибитин саҕалаатым.

  • Михаил Андреевич төһө да миигин уруокка үөрэппэтэр, мин кини тэрийбит систиэмэтигэр үөрэммит, иитиллибит буоламмын, учууталым курдук ылынабын. Кини мин олохпун бүтүннүү оҥорбут киһи диэтэхпинэ да, омуна суох буолуо. 7-с кылааһы бүтэрбит сылбар Михаил Андреевич быһаччы кэпсэтэн, биһигини, үс уолу Новосибирскайдааҕы физико-математическай хайысхалаах оскуолаҕа үөрэттэрэ ыыппыта. Онтон кэлин бэл аспирантураҕа киирэрбэр көмөлөспүтэ. Тыа сиригэр олорор учуутал оннук кыахтаах, уһулуччу киһи этэ. Учууталым Михаил Андреевич 100 сааһын туолар сылыгар, кини аатынан бириэмийэ ылбыппынан киэн туттабын.

Учуутал

  •  Учуутал диэн киэҥ өйдөбүл. Олоххо, үөрэххэ уһуйааччы, билии тиэрдээччи. Бу идэҕэ киһи ылбычча кэлбэт. Учуутал хайдах буолуохтааҕын туһунан анал халыып суох. Биллэн турар, учуутал билиитин таһыма үрдүк буолуохтаах, үөрэтэр предметин биэс тарбах курдук билиэхтээх. Ол туһунан этэ да барыллыбат. Ол гынан баран, билиҥҥи, аныгы кэм учуутала оҕону өйдүөхтээх дии саныыбын. Оҕо эрдэҕэс сааһыгар элбэх кыһалҕалаах буолар. Бу сааһыгар кини өйүн-санаатын тута, майгытын-сигилитин оҥосто сатыыр кэмэ. Бу кэмҥэ кини сүрүн кыһалҕатынан бииргэ сылдьар табаарыстарын кытта сыһыанын сааһылааһына, тус эйгэтин тула кыһалҕалар буолаллар. Бу барыта оҕоҕо ураты ыарахан кэм. Дьэ, манна учуутал оҕону өйдүүрэ эмиэ уустуктардаах. Биһиги, учууталлар, оҕоттон үөрэтэр матырыйаалбытын уонна кини ону хатылаан билэр буолуохтааҕын ирдиибит. Оттон үөрэнээччиҥ кэлин оскуолаттан, учууталтан хайдах билиини эрэ ылбытын буолбакка, учуутал киниэхэ хайдах сыһыаннаспытын саныыр, өйдүүр эбит.

  • Өскөтүн, эн ыарахан, соччото суох аптарытыаттаах оскуолаҕа үлэлиириҥ буоллар, хайдах сыһыаннаһыаҥ этэй?
  • Мин оннук ыарахан туруктаах оскуолаларга үлэлээбэтэҕим, ол эрээри, үлэлиирим буоллар, атыннык үлэлиэм эбитэ буолуо. Оҕо үксүн 5-7 кылааска улахан кыһалҕаны көрсөр. Кини сүрүн кыһалҕата биир саастыылаахтарын кытта сыһыаны олохтооһуна, тулалыыр обществоны кытта дьүөрэлэһиитэ буолар. Миэхэ биир үөрэнээччим маннык билинэн турар: «Мин РК-ҕа үөрэнэ кэлэн баран, киһи киһиэхэ сыһыана хайдах буолуохтааҕын дьэ, өйдөөбүтүм. Онуоха диэри дьоҥҥо наһаа хабыр сыһыаннаах эбиппин», — диэбитэ. Итинник билинии, миэхэ, учуутал киһиэхэ, бастыҥ хайҕал буолар.
  • Бу күһүн ХИФУ иһинэн эһиги лицейгит курдук физико-математическай хайысхалаах оскуола аһыллыбыта. Бу тула санааҕыт?
  • Мин саҥа оскуола үөскээбитин эҕэрдэлиибин. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир көлүөнэҕэ саха оҕотун ахсаана быһа холоон 5 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр. Онон араас хайысхалаах оскуолалар тэриллэллэрэ бары өттүнэн туһалаах.

Оскуола эйгэтэ

  • Билигин даҕаны саха оскуолаларыгар мин саныахпар, авторитарнай тыын ордук баһыйар дии саныыбын. Онон оскуолаҕа учуутал оҕону кытары тэҥҥэ кэпсэтэр, санаа атастаһар, сүбэлэһэр-амалаһар салгынын, тыынын оҥорор наадалаах. Хас биирдии оскуола холку эйгэлээх буоларга дьулуһуохтаах. Оскуола иһин түөрт араҥаҕа арааран көрүөххэ сөп: үөрэнээччи, учуутал, оскуола дьаһалтата, төрөппүт. Манна үөрэнээччи – төрөппүт, төрөппүт – учуутал диэбит курдук араҥалар икки ардыларыгар алта араас көрүҥ сыһыан баар. Мин саныахпар, араҥалар сыһыаннаһыыларыгар хайата да хайатыттан да куттаммат, холку, эрэллээх балаһыанньата үөскүөхтээх. Биһиги оскуола быһыытынан маннык эйгэни тэрийэргэ дьулуһабыт.

Оҕону үлэнэн иитиэххэ

  • Саха омук былыр-былыргыттан оҕону үлэнэн иитэн киһи-хара оҥорор этэ. Билигин оҕону үлэнэн иитии туһунан боппуруос үгүстүк көтөҕүллэр. Оҕону киһи быһыытынан иитиигэ аҥардас оскуола эрэ эппиэтинэһи сүкпэт. Төрөппүт быһаччы кыттыһар, көмөлөһөр буоллаҕына, элбэх ситиһиллэр.
  • Биһиги оскуолабыт төрөппүттэрэ үгүстэрэ улуустарга олороллор. Арай алын сүһүөх эрэ кылаас оҕолорун төрөппүттэрэ куоракка олорор буоланнар, олору кытта бииргэ үлэлэһэр кыахтанабыт. Оҕо иитиитигэр бу төрөппүттэр бары кэриэтэ кытталлар. Холобур, сайынын төрөппүттэр оҕолору илдьэ экпедицияҕа сылдьаллар, араас үлэ кэллэктииптэригэр сылдьаллар, сир баайын хостуур артыаллар, хампаанньалар үлэлэрин билсэллэр. Мин саныахпар, билиҥҥи төрөппүт оҕото сүрэҕэ суох буоларыттан куттаныахтаах. Оҕону үлэһит майгылаах иитии төрдө төрөппүккэ сытар. Мин биир ыалы холобур аҕалыахпын баҕарабын. Төһө да бу ыал куоракка олордор, оҕолорун тыа үлэтигэр-хамнаһыгар сыһыарар сыалтан тыаҕа ынах ииттэрэллэр. Хас сайын аайы тахсан оттууллар, ынахтарын көрөллөр. Оттон от үлэтэ – саха саамай баһылаабыт идэтэ буолар. Куорат усулуобуйатыгар оҕону үлэнэн иитии уустук.

Сиргэ сыһыан уларыйыаҕа

  • «Биир гектар» туһунан федеральнай сокуон сүнньүнэн санаабын тиэрдэр буоллахха, сир түҥэтигэр дьон-дьон санаата араас. Сорохтор «бу сири ылан тугу гынабын?», — диэн мунаахсыйар боппуруоска тиийиилэрэ, биһиги майгыбыт-сигилибит 1917 сыллаахтан, 100 сыл тухары дьону сиртэн тэйитии үлэтэ күүскэ барбытыгар олоҕурар. Ол тэйитии хас да түһүмэхтээх этэ. Маҥнай артыаллары тэрийбиттэрэ. Дьон аҕа уустарынан холбоспута. Артыалга саҥа үөрэнэн истэхпитинэ, аны колхоз тэриллибитэ. Сахалар колхозка үлэлии эмиэ үөрэммппит. Кэлин аны ону тохтотон, бөдөҥсүтэн совхоз үөскээбитэ. Ол кэннэ киһи сиртэн букатыннаахтык тэйбитэ. Билигин сир боппуруоһугар маннык чычырбас өйдөбүллээх буолуубутугар, бу алдьатыылаах түһүмэхтэр тиэртэхтэрэ. Ол да буоллар, өбүгэлэрбит өйдөрө-санаалара син иҥэ сылдьар. Ону сөргүтэммит сиргэ сыһыаммытын тосту уларытыахтаахпыт. Бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыт дьон саҥата: «Бу сиринэн тугу гынабын» диэн буолар. Бэлэм сотору суох буолуоҕа. Сахабыт сиригэр аҥардастыы баһылаан олорбуппут тохтуур кэмэ кэлиэҕэ. Аан дойду үрдүнэн үктэнэр да сирэ суох киһи да, омук да ахсаана элбээтэр элбээн иһэр. Сирбитин былдьаттахпытына, ол кэнниттэн оннук гымматахпыт, маннык гымматахпыт диэн кэмсиммэт туһуттан өйдөөхтүк-төйдөөхтүк дьаһаныахтаахпыт. Эн сиргин, мин сирбин, кини сирин барытын холбоотоххо, Саха сирэ диэн буоларын өйдүөх тустаахпыт. Улуу убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй өтө көрөн эппит буолан, биһиги биир сыл иһигэр син уһугуннубут. Кини «Ойуун түүлэ» айымньытын хаалларбатаҕа буоллар, дьону уһугуннарар күчүмэҕэй буолуо этэ.

Саха литературата түгэх түһэ илик

  • Кинигэни, хаһыаты, сурунаалы аахпат буолуу Саха сирин эрэ кыһалҕата буолбатах. Бу бүтүн аан дойду үрдүнэн буола турар олох хамсааһына буолар. Биһиги оҕоҕо тоҕо аахтара сатыыбытый? Тылбытын-өспүтүн, өйбүтүн-санаабытын, үгэстэрбитин тиэрдэ сатыыр сыалтан. Кэлин саҥа, аныгы ньыманан, холобур, сахалыы тыллаах сайтары, мультиктары оҥорон оҕолорбутун, ыччаппытын сахалыы ааҕыыга көҕүлүү сатыыбыт.
  • Ыччат букатын аахпат буолла диир мөккүөрдээх соҕус. Холобур, мин ватсап ситимигэр элбэх бөлөххө баарбын. Манна дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта уу сахалыы суруйсаллар, кэпсэтэллэр. Манна араас таһымнаах саҥа кэпсээннэр, хоһооннор тарҕаналлар. “Чолбон”, “Күрүлгэн” саҥаттан саҥа айымньылары таһаара тураллар. Онон саха суруга-бичигэ букатын түгэх түһэн хаалла диир сатаммат курдук.

Хордуон тастаах, кумааҕы кинигэни ааҕыы үйэтэ баҕар, ааһан эрэрэ буолуо. Онуоха гаджет экраннарыгар сахалыы тыл күүскэ көһөн, сайдыы тэтимин кытта тэҥҥэ барыахтаах дии саныыбын. Уопсайынан, аан дойду үрдүнэн литератураҕа кириизис буола турар. Аҕыйах сыллааҕыта саха прозата олох кураанахсыйа сылдьыбыта. Кэлин сахалыы суруйар ыччат элбээһинэ саҥа суруйааччы үөскүүр кэмэ кэлэн эрэр дуу диэн санааҕа тиэрдэр. Ол эрээри саха литературатыгар кэлэн иһэр кэрдиис кэм «Сааскы кэм», «Төлкө», «Сүрэх тэбэрин тухары» романнар бэйэлэрин кэмнэригэр тоҕо анньан киирбиттэрин курдук буолбакка, бука атыннык, уратытык кэлэрэ буолуо…

Ульяна ЗАХАРОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0