Норуодунай поэт Иван Мигалкин Анаабырга сырыыта

Ааптар:  Николай Туприн-Кэһиилээх уола,  Анаабыр, Сааскылаах.  
Бөлөххө киир:
СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин Анаабыр улууһугар оскуола ыҥырыытынан кэлэ сылдьан сэргэхситтэ. Иван Васильевич кэлбит күнүгэр “Чуораанчык” диэн оҕо уһуйааныгар сылдьыбыта. Кырачаан оҕолордуун уопсай тылы булбута, оҕо кинигэлэрин бэлэхтээн үөрдүбүтэ.

Сарсыҥҥытыгар Сааскылаахтан 160 килэмиэтирдээх сиргэ сытар Лаптев муора кытыытыгар долган омук түөлбэлээн олорор Үрүҥ Хайаҕа ыалдьыттаабыта. Кинини Сааскылаах оскуолатын учуутала Г.А.Алексеева уонна мин арыаллаабыппыт. Манна “Кыа кыымнара” диэн литературнай түмсүү тэриллибитэ сүүрбэ сылыгар анаан кэпсэтии буолла. Эҕэрдэ тылы дьокутаат Н.П.Туприна, учуутал Спиридонова С.В., Үрүҥ Хайа кэрэспэдьиэннэрэ А.Е.Спиридонова, В.Е.Спиридонова, саха тылын учуутала Е.В.Иванова эттилэр. Иван Мигалкин бэйэтин олоҕун уонна айар үлэтин билиһиннэрдэ, бэрт элбэх сүбэлэри биэрдэ. Кини “Кыа кыымнара” түмсүү олохтоох ааптардарын хоһооннорун хомуйан ыыталларыгар көрдөстө. Киэһэтин олохтоох ааптардар уонна мелодистар кэнсиэрдээтилэр.

Сааскылаахха “Тугутчаан” оҕо уһуйааныгар сырытта. Дьэ, ол кэнниттэн улуус гимназиятыгар уонна орто оскуолаҕа ыалдьыттаата. Онтон Сааскылаах ос­­куолатыгар Анаабыр улууһун олохтоох, айар куттаах ааптардарын стендэтин аһыллыытыгар түмүстүбүт. Стендэҕэ олохтоох ааптардар Леонид Туприн, С.Кылтасов, Константин Шубин, Александр Туприн, Аксинья Спиридонова уо.д.а. бааллар. Үөрүүлээх түгэҥҥэ норуодунай поэт маннык стендэ аан бастаан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу оскуолаҕа оҥоһуллубутун бэлиэтээтэ. Кини олохтоох ааптардар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк сылдьалларыгар сүбэлээтэ. Мелодист Афанасий Андросов, Виктория Николаева ырыаларын астына иһиттибит. “Дьэргэлгэн” оҕо үҥкүү ансаамбыла (салайааччы А.Ачикасова) толоруутун сэргээтибит.

Иван Васильевич улуус бибилэтиэкэтигэр сылдьан оҕолор төрөппүттэрин кытта хоһоон ааҕар күрэхтэһиилэригэр жюрилаата. Маны сэргэ, “Ийэлэргэ сүгүрүйүү” диэн ааттаах кинигэм сүрэхтэниитэ буолбута. Иван Васильевич миэхэ ситиһиилэри баҕарда. Түмүгэр миигин СӨ суруйааччыларын сойууһугар чилиэнинэн киирбиппин иһитиннэрдэ. Кини “Кэрэ кыргыттарга” диэн хоһоонун аахта. Кинигэ сүрэхтэниитигэр кэлбит дьон кинигэ тутуурдаах үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Анаабыр олохтоохторо Иван Васильевичка хоту дойду дьонун кытта алтыһыытын иһин махтанныбыт.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0