Иван Мигалкин уһулуччулаах дьоннуун соһуччу көрсүһүүлэрэ

11.10.2019
Бөлөххө киир:

Саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин Москваҕа М.Горькай аатынан Литература институтугар поэзия отделениетыгар үөрэммитэ. Бу кэмҥэ саха суруйааччылара Семен Данилов, Николай Габышев, Бүөтүр Тобуруокап уо.д.а. киниэхэ эрэллээх доҕор, бигэ тирэх, өйөбүл буолбуттара. Ол туһунан Иван Васильевич: “Бэйэм көлүөнэм саха суруйааччыларыгар мин курдук оннук ураты чиэскэ тиксибит, бука, суоҕа буолуо…», — диир.


Сүүрбэччэлээх эрэ уолга хайдахтаах курдук киһилии сыһыаннаһалларай, тэҥнээхтэринии кэпсэтэллэрэй, үөрэххэ, айар үлэҕэ алгыылларай, сүбэ-ама биэрэллэрэй? Олох барахсан очурдарыгар оройбунан охсулла да сылдьаммын, кинилэр үөрэтиилэринэн тыыннаах ордубутум”, – диэн махтана саныыр. Иван Васильевич дойду тэбэр сүрэҕэр олорбут, үөрэммит кэмигэр уонна кэлин бэйиэт буолан ситэригэр-хоторугар киһи аайы бэриллибэт ханнык дьоллоох түгэннэр кини билиитэ-көрүүтэ кэҥииригэр, дьоҥҥо сиэрдээх сыһыаны билэригэр сабыдыаллаабыттарын сороҕун эрэ ахтан-санаан аастыбыт.

Бастатан туран, 1967 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы “Артек” лааҕырга Саха сириттэн дэлэгээтинэн тиийбитэ. Оччолорго 13 эрэ саастаах уолчаан саҥардыы аатыран эрэр “Неуловимые мстители” киинэ дьоруойдарын оонньообут артыыстары, Брест кириэппэһин көмүскэлин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа Петр Гавриловы, Сэбиэскэй Сойуустан куйаарга бастакынан көппүт Юрий Гагарины илэ бэйэлэрин көрөн, тылларын-өстөрүн истэн, кэпсэтэн кэрэ мөссүөннэрин умнубаттыы өйүгэр хатаабыта.

ЯКОВ ШВЕДОВТЫЫН
БИИР КУПЕҔА

1975 сыллаахха бэс ыйын 6 күнүгэр, Александр Пушкин төрөөбүт күнүгэр Брянскай куоракка “Тютчевскай ааҕыыларга” кыттар соруктаах айаннаабыта. Пуойаска купеҕа киирбитэ, хара көстүүмнээх, хара ырбаахылаах кырдьаҕас киһи олороро. Бииргэ айанныыр дьон сиэринэн, кэпсэтэн киирэн барбыттара. Киһитэ 20-чэ эрэ саастаах уолу сонургуу көрөн, ханна үөрэнэрин ыйыппыта. Оччолорго оройуоннааҕы хаһыаттарга эрэ хоһоонноро саҥа тахсан эрэр киһи “поэппын” дэммититтэн кыбыста санаабыта уонна алҕаһын көннөрөрдүү, Москваҕа М.Горькай аатынан Литература институтугар үөрэнэрин туһунан киэн тутта кэпсээбитэ.
Айанньыта эмискэ: “Орленок” диэн ырыаны истибитиҥ дуо?” – диэн ыйыппыта. Ваня Мигалкин сэбиэскэй кэмҥэ киэҥник биллибит ырыаны билэрин туһунан билиммитэ уонна өссө: “Өрүөлчээн, Өрүөлчээн, көт күнтэн үрдүктүк” – диэн сахалыы тылбааһын ыллаан иһитиннэрбитэ. Киһитэ сэргээбитэ быһыылааҕа, аны ырыаны ким суруйбутун, ааптарын билэрин-билбэтин ыйыппыта. “Билэн. “Орленок” ырыаны 16 саастаах бартыһаан уол ытылла бараары сылдьан түрмэ истиэнэтигэр суруйбут. Онтон кинини ыппыттар…”, – диэн 3-с кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, куораттан быраактыкаҕа кэлбит учуутал эппитин өйдөөн кэлэн кэпсээбитэ.
Брянскай куоракка кэлбиттэригэр, ыалдьыттары аркыастыр доҕуһуолунан көрсүбүттэрэ. Обком бастакы сэкирэтээрэ Москваттан суруйааччылар дэлэгээссийэлэрин ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Яков Шведов салайан кэлбитин туһунан иһитиннэрбитэ. Арай, онно көрбүтэ, бииргэ айаннаабыт киһитэ “Орленок” уонна “Смуглянка” ырыа ааптара, нуучча суруйааччыта уонна ырыа суруйар бэйиэт Яков Шведов илэ бэ¬йэтинэн эбит! Тыа сирин муҥкук уолчаана кыбыстан сиргэ тимириэн сир кытаанах буолан биэрбитэ.
Иван Мигалкин доҕотторунуун күүлэйдээн баран, киэһэ гостиницатыгар кэлэн, нүөмэригэр киирбитэ, били “ытыллыбыт бартыһаана” аны остуолга аһыы олорор эбит. “Ванечка, кыбыстыма. Водка иһэҕин дуо?” – диэн ыйыппыта. Оттон Иван Мигалкин өссө пуойаска кинини пиибэнэн күндүлүү сатаабытын аккаас¬таабыт этэ.
Дьиҥэр, “Тютчевскай ааҕыыларга” Семен Данилов барыахтааҕын ыарытыйан хаалан, Литература институтугар үөрэнэр Иван Мигалкиҥҥа кини оннугар баран, сири-дойдуну көрөн кэлэригэр эппит этэ. Онон, эдэркээн уол Сэбиэскэй Сойуус биллиилээх суруйааччыларын кытары бииргэ айаннаан, биир гостиницаҕа түһэн турардаах.

АРКАДИЙ РАЙКИН “ВОЛГАТЫН” НҮӨМЭРЭ УМНУЛЛУБАТ

Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Семен Данилов Москваҕа кэллэҕинэ, үксүн “Россия” гостиницаҕа түһэрэ. Бириэмэлээх буоллаҕына, эбиэт кэннэ таһырдьа тахсан аа-дьуо хаамар идэлээҕэ. Онно Саха сириттэн сылдьар устудьуон Иван Мигалкинныын тоҥолохторуттан ылсан аа-дьуо хаамсаллара. Оччолорго 19 саастаах Ваня Мигалкин 56 эрэ саастаах киһини кырдьаҕас оҕонньор курдук саныыра. Убаастыыра да бэрт буоллаҕа. Биир оннук хаамсыы кэмигэр ССРС норуодунай артыыһа Аркадий Райкин кэнсиэртиир саалаттан тахсан иһэрин көрсө түспүттэрэ. Икки норуодунайдар илии тутуһан кэпсэппиттэрин көрөн, аргыс уол олус соһуйбута. Кырдьыга да, бу иннинэ сөбүлүүр артыыһын тэлэбиисэргэ эрэ көрөр этэ буоллаҕа. Аркадий Райкин эдэр аргыс кимин ыйыппытыгар, Семен Петрович, Литература институгар үөрэнэр биир дойдулааҕа уол буоларын эппитэ. Иван Мигалкин хараҕа эмискэ массыына туруорар сиргэ турар “МОК 001” нүөмэрдээх хара “Волга”-ҕа хатаммыта. “Мин ити массыына нүөмэрин күн бүгүҥҥэ диэри умнубаппын. Улуу артыыс массыынатын бэйэтэ ыыта сылдьар эбит этэ. Сэбиэскэй кэмҥэ чааһынай “Волга” олох аҕыйах уонна биллиилээх дьоҥҥо эрэ баара”, – диэн кэпсиир уруккуну күнүгэр, чааһыгар диэри өйдүү сылдьар дьоҕурдаах Иван Мигалкин.

“ЛИТЕРАТУРНЫЙ СЫН” ДИЭН БИЛИҺИННЭРЭРЭ

Москваҕа литератураҕа, литература боппуруостарыгар аналлаах мунньахтар сотору-сотору буолаллара. Онон, Семен Петрович Москваҕа сылга хаста да кэлэрэ-барара. Онуоха устудьуоннуу сылдьар Иван Мигалкин кинини көрсөрө-атаарара. Ол сылдьан, кини элбэх доҕотторун илэ хараҕынан көрбүтэ, билсибитэ. Семен Петрович кинини бырааттыы омуктар уонна нуучча бэйиэттэригэр, суруйааччыларыгар: “Иван Мигалкин – мой литературный сын”, – диэн билиһиннэрэрэ. Кинилэртэн балкар омук норуодунай бэйиэтэ, прозаига уонна байыаннай кэрэспэдьиэнэ Кайсын Кулиевы итиэннэ калмык норуодунай бэйиэтэ Давид Кугультиновы үчүгэйдик өйдөөн хаалбыта.
“Сэрии уоттаах хонуутугар сылдьыбыт икки бэйиэти Москваҕа ыҥыран, дьиэ биэрээри гыммыттар. Онно иккиэн биир кэмҥэ кэлбэтэхтэр эрээри, иккиэн үтүктүспүт курдук: “Биһиги норуоппут сыылкаҕа сырыттаҕына, Москваҕа олоруохпут дуо?!” – диэн байыаннай чыыннаах-хааннаах дьон норуоттарын кытары бииргэ буолаары, аккаастаан кэбиспиттэр. Биллэрин курдук, калмыктары уонна балкардары эрэпириэссийэҕэ түбэһиннэрэн, Орто Азияҕа сыылкаҕа ыыппыттара. Давид Кугультинов сыылкаҕа сырыттаҕына: “Калмыктар сэбиэскэй норуоту таҥнарбыттарын иһин, Пушкин өйдөбүнньүгүттэн “калмык” диэн тылы ылан соппуттар”, – диэн кэпсээбиттэр. Давид Кугультинов Сталин өлбүтүн кэннэ сыылкаттан кэлэн баран, өйдөбүнньүккэ өр хараҕын быһа симэн, умса туттан турбут. Кэмниэ-кэнэҕэс хараҕын сэгэтэн, “калмык” диэн тыл сотуллубатаҕын көрөн, үөрүүтүттэн ытаабыт. Ити курдук, наһаа уйан дууһалаах бэйиэт этэ.
Кэлин саныыбын ээ, биһиги Семен Петровичпыт 61 сааһыгар күн сириттэн күрэммэтэҕэ буоллар, кинилэр курдук, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин ылыахтаах этэ. Кайсын Шуваевич уонна Давид Никитич кэлин уу тэстибэт доҕордуу дьон буолбуттара. Саамай уратыларынан, кинилэр сэрии уонна эрэпириэссийэ алдьархайын, эрэйи-кыһалҕаны билбит буоланнар, туора дьоҥҥо бииргэ төрөөбүттэрин курдук истиҥник сыһыаннаһаллара буолара”, – диэн бүгүҥҥү дьоруойбут бырааттыы омуктар доҕордуу сыһыаннарын билбитигэр дьылҕатыгар махтанар.

НОРУОДУНАЙ БЭЙИЭТ
КЭРЭМЭС ТЫЛЛАРА:

Прозаик бэйиэттэн уратыта диэн, кини төһөнөн сааһыран иһэр да, өссө үчүгэйдик суруйар буолан иһэр. Оттон бэйиэт сааһырдаҕына, төттөрүтүн, кэхтиэн сөп.
— Прозаик көрбүтүн, истибитин уонна дьоруойун мэтириэтин биэрээри, уустаан-ураннаан суруйар. Оттон бэйиэт иэйиитин тириэрдэр.
— Прозаик биир кэпсээни ыйы-ыйдаан, сылы-сыллаан суруйуон сөп буоллаҕына, бэйиэт, настарыанньатыттан көрөн, биир сарсыарда иэйиитин биир этиинэн олус бэргэнник этэн кэбиһэр уратылаах.
— Ааҕааччы уларыйа турар.
Мин оҕо сылдьан:
“Сир ийэни сырдыгынан күндүлүүр
Отон этим — оҕо этим…
Олох диэн тугун билбэтим…” диэн уобарастаан эппиппэр: “Ол эн отон үһүгүн дуо?” диэн табыллыбатах тэҥнэбилинэн аахпыттара. Билигин бу хоһоон, төттөрүтүн, афоризм буолла. Ол аата поэзия сороҕор бириэмэтин кэтэһэн, хойутаан тиийэр, сороҕор бэйэтин кэмигэр наһаа күүстээхтик иһиллибит хоһооннор сыллар-хонуктар туманнарыгар сүтэн-симэлийэн хаалаллар.
— Талаан хара үлэнэн кэлэр. Дьоҕуру, литератураҕа көннөрү сыстаҕас буолууну айылҕа аныан сөп. Дьоҕурдаах киһи элбэх, ол гынан баран, маны сайыннаран талааннаах буолбут аҕыйах.

Надежда ЕГОРОВА, `”Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0