Быйыл саха норуодунай бэйиэтэ Иван Васильевич Мигалкин хас да кинигэтэ күн сирин көрөн, ааҕааччыларыгар күндү бэлэҕи оҥордо.
“Дани-Алмас” хампаанньаҕа бэчээттэппит “Сүгүрүйэр, махтанар суруйааччым” диэн кинигэтэ тус олоҕор уонна айар үлэтигэр үтүө сабыдыалы оҥорбут саха биллиилээх суруйааччыта Николай Алексеевич Габышев олоҕор уонна айар үлэтигэр анаммыт.
edersaas.ru
Ааптар Николай Алексеевич истиҥ доҕор, кыһамньылаах аҕа табаарыс, дириҥ билиилээх, үрдүк култууралаах кэрэ киһи буоларын кини суруктарыгар олоҕуран, ылыннарыылаахтык кэпсиир.
Ону таһынан, Николай Габышев 1976 сыллаахха таһаарбыт “Ытыс саҕа кэпсээннэр” кинигэтэ туспа салаа быһыытынан киллэриллибит.
Иван Мигалкин кинигэтигэр:
“1973 сыллаахха аан бастаан Литературнай институкка кинини көрсүбүппүн. Кини миигин И.Глазунов быыстапкатыгар сырытыннарбыта, театрдарга өрүү бииргэ илдьэ барара. Аны санаатахха, элбэҕи бил-көр диэн такайара, миигиттэн төһө да 32 сыл аҕа буоллар тэҥнээҕин курдук сыһыаннаһыыта, истиҥ көмөтө, амарах санаата – барыта Кини үрдүк култууралааҕын, киһи быһыытынан кэрэтин көрдөрөллөр… Кини суруктарын билигин болҕойон аахтахха, кини хас биирдии суругар айар үлэһит быһыытынан олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһарын, быычыкаайык да сурукка элбэҕи да иэҕэн этэрин, дириҥ билиилээҕин тута өйдүүгүн:
“Уйбаан Москуоскай! Хоһоон муоратыгар уста сырыт, туохтааҕар да кичэй образтаан суруйаргын, булар буол бэргэн метафоралары, онон таҥыннар Соһумар дириҥ Санааны. Хайҕалтан улаатыма, сирэллэр диэн сиҥҥэр түһүмэ – литератор олоҕо халбас харата. Бэйэҕин эрэ эрэн – Ол поэт!” – диэн ахтан ааспыт.
Бэргэн этиилэр
“Алаас” кинигэ кыһатыгар Иван Мигалкин кэрчик хоһооннорун уонна бэргэн этиилэри 3 быыкаан кинигэнэн таһаартарбыта эмиэ сонун. Киһи ытыһыгар тутан ханна баҕарар илдьэ сылдьан ааҕыыһы уонна сэҥээрииһи.
Ааптар 3 быыкаа кинигэтигэр дойдуга таптал, көҥүл, киһи киһиэхэ сыһыанын уо.д.а. бэргэнник этэн кэбиһэр. Бэйиэт бэйэтэ эппитинии, “Олох хас биирдии үктэлэ соһутар таабырыннаах буолар”. Ону таайар туһуттан уонна өй-санаа мөккүөрүн быһаарарга бу кинигэлэр “көмүс” тыллара ааҕааччыга сүбэ-соргу буолууһуктар.
“Махталым бэлиэтигэр”
“Төрөөбүт тылбытын, баай ис хоһоонноох литературабытын үйэтитэр инниттэн В.А. Протодьяконов-Кулантай аатынан Литературнай комплексы төрүттээбит, тэрийбит кэргэним Зоя Васильевна Мигалкина бу күннэргэ 65 сааһын туолбутунан истиҥник эҕэрдэлээн киниэхэ ис сүрэхпиттэн махталым бэлиэтин хоһооннорбун аныыбын.
Кэргэним мичээрэ көрбүт харахтара
Кэргэним мичээрэ көрбүт харахтара –
Ханнык да бэлэхтэн күндү миэхэҕэ.
Манныгы көрдөөн да булбаккын аан дойдуга,
Кини көстөрө – сылаас сыһыаннаах тапталга.
Кэргэним мичээрэ көрөбүт харахтара –
Ханнык да эмтэн күүстээх миэхэҕэ.
Манныгы атыыласпаккын халыҥ харчыга,
Кини ананар – сүрэхтэн саҕыллар тапталга.
Кэргэним мичээрэ көрбүт харахтара –
Ханнык да баайтан суолтата үрдүгүөн.
Истиҥ иэйиинэн олохпун сырдатара –
Сааһырдаҕым аайытын тапталым күндүтүөн!
Кэргэним мичээрэ көрбүт харахтарыгар
Мин өрүү баар буолуохпун баҕардым,
Сайаҕас майгынан, иһирэх санаанан –
Кинини өрүү үөрдэн, тапталбытын уһатан…
Миэхэ эн олус чугаскын
Ханна да сылдьаммын саныыбын
Нарыннык, намчытык ахтабын,
Миэхэҕэ эн олус чугаскын –
Мин эппэр, мин хааммар эн бааргын.
Ол иһин дууһалыын сырдааммын
Махталым бастыҥын аныыбын,
Сүрэҕим сүрэххэр этиэхтин
Бары баар тыллартан кэрэтин.
Ардыгар, ыраата сылдьаммын
Суохтуубун – мичээрэ көрүүгүн,
Кыракый кыысчааным саҥатын –
Миэхэҕэ эн биэрбит үөрүүгүн.
Оҕоттон дьоллонуу диэн тугун
Биллэҕим аайытын олуһун,
Миэхэҕэ эн тутум үрдүүгүн,
Төлөммөт иэстээхпин өйдүүбүн.
Хонуктар, сыллар да усталлар –
Эн биһи кырдьыыны кыйдыыбыт,
Өрүүтүн эн бааргын санаабар –
Өйдөспөт буолууну тумнабыт.
Оҕолорум ортотугар
Оҕолорум ортотугар олордохпуна –
Тулам сандаарар, минньийэр салгынныын,
Толору үөрбүт айылҕаны санатабын –
Биирдэ бэриллибит олохпор махтанабын…
Оттон кэргэним илиитин сүрэхпэр даҕайыам,
Мин да киһи эбиппин дэниэҕим,
Мичээрэр сулус чугаһын билбиппин
Сылаастык санаан, сылдьыаҕым мэлдьитин.
Оҕолорум ортотугар олордохпуна,
Олоҕум доҕоро аттыбар сырыттаҕына –
Оһоҕум уота тачыгыраччы умайар,
Илгэлээх кыымынан тыыннарар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru