Иван Луцкан улуустарга быраастар көһө сылдьан үлэлэрин кэҥэтиигэ этии киллэрдэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэпсэтии Саха сирин тэйиччи сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар араас идэлээх быраастар дьоҕус биригээдэлэрин үлэлэрин тиһиктээхтик тэрийии туһунан буолла.

Иван Луцкан этэринэн, бу нэһилиэнньэни мэдиссиинэ көрүүтүнэн уонна сүбэтинэн хабыыны улаатыннарыаҕа, диспансерга кэтээн көрүүгэ сылдьар ыарыһахтарга болҕомтону туһаайыаҕа, оройуон балыыһаларыгар уонна биэлсэр-акушер пууннарыгар мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах тэриллэрин туһаныы көдьүүһүн үрдэтиэҕэ.

“Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа харах бырааастарын мобильнай биригээдэтэ Томпо улууһугар үлэтин саҕалаата. Быраастар үлэлэрин маннык көрүҥүнэн тэрийии Саха сирин тэйиччи сытар нэһилиэктэрин олохтоохторун мэдиссиинэ таһымнаах көмөтүнэн хааччыйыыга туһуланар.  Эмчиттэр мобильнай биригээдэлэрэ эрэгийиэҥҥэ мэдиссиинэ өҥөтүн үрдэтиигэ дьоһун хардыынан буолар. Дьокуускай доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр көһө сылдьар биригээдэлэр үлэлэрин улахан уопута түмүлүннэ, диагноһы туруорар чинчийиигэ технологическай бааза тэрилиннэ. Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа  харах быраастарын Арктика оройуоннарыгар үлэлэрин түмэн ырыттахха, медиктэр улуустарга барыылара ыарыһахтарга олус туһалаах. Мэдиссиинэ бастакы көмөтүн саҥардыыттан доруобуйа харыстабылын бүтүн ситимин үлэтин тупсарыы саҕаланыаҕа”, — диэтэ Томпо оройуонугар оробуочай сырыытын кэмигэр тустаах балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Луцкан

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын мобильнай биригээдэтэ Өймөкөөн, Муома уонна Томпо оройуоннарыгар үлэлиир. Сүүһүнэн олохтооҕу көрдүлэр, кинилэргэ быраас сөптөөх көмөтө оҥоһулунна. Маны сэргэ Иван Луцкан Муома улууһун Чуумпу Кытылыгар COVID-19  утары вакцинаны тиэртэ. Командировка кэмигэр кылаабынай быраас улуустар салайааччыларын кытта көрүстэ, кинилэри кытта нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу туһунан дьүүллэстэ.

Анатолий Петров

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: тиксэрдилэр

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0