Иван Левин: «Дойдубут инникилээх буоларын туһугар дойдубутун харыстыахха»
Кэбээйи улууһун баһылыга Иван Левин буола турар быһыы-майгы тула санаатын үллэстэр:
— Биһиги дойдубутун аан дойду барыта кэтиир. Маныаха буруйдаахтары көрдүү сатыыр наадата суох, Украинаҕа буола турар быһыы-майгы барыта күһэллиинэн буола турар. Бу быһаарыныыны биир эрэ күнүнэн ылымматахтара. Олохтоохторго куттал суоһаабатын туһуттан дойду салалтата туох баар миэрэлэри ылынарын көрөбүт.
Билигин првокацияҕа киирэн биэримиэххэ уонна чопчуламмыт информацияҕа эрэ итэҕэйэр наада. Санкциялар, кыраныыссалар сабыллыылара — бу кылгас кэмҥэ эрэ дии саныыбын. Социальнай ситимнэрэ даҕаны суох олорбуппут, паниканы тардар наадата суох. Ол кэриэтэ чугас дьону кытта иллэҥ кэми атаарыахха. Саха сирин олохтоохторо өрүү биир сомоҕо, муударай буолаллара, бу даҕаны сырыыга оннук буолуо диэн эрэнэбин. Атын даҕаны киһи сыратын барыыр кыһалҕалар элбэхтэр. Маннык кэмҥэ бары бииргэ түмсэрбит ордук. Дойдубут инникилээх буоларын туһугар дойдубутун харыстыахха.