Бөтүрүөп күнүн иннинэ, дьон окко киирээри бэлэмнэнэ сырыттаҕына, Ньурба улууһун сорох уопсастыбанньыктара “дойдубутун аһыҥа буулаан, кыстыыр оппутун булунар кыахпыт саарбах буолла” диэн бэлиэр “ыраах оттуур сирдэргэ барар биригээдэлэргэ көмө оҥоруоҕуҥ” диэн ыҥырыы суруйан батсаап нөҥүө тарҕаппыттара. Кырдьык, аһыҥа быйыл элбэх улуустарга улахан кыһалҕаны үөскэттэ. Онон Ньурба улууһугар от туруга хайдаҕын туһунан улуус дьаһалтатыттан туоһуластыбыт. Бу ыйытыыга хоруйдаан Ньурба улууhун тыатын хаhаайыстыбатын департаменын салайааччыта Иван Васильевич Егоров Ньурбаҕа от үлэтин балаһыанньатын кытта билиһиннэрдэ.
Былаан, барыл
— Былырыыҥҥы былаан 33 500 туонна от этэ. Ону Саха сирин үрдүнэн кураан туран 28 500 туоннаны оттоон кормовой балаансабытын тиийэр-тиийбэт толорбуппут.
Быйыл былырыыҥҥытааҕар үчүгэй күн-дьыл турда эрээри, Сүлэ, Дьиикимдэ, Октябрьскай, Ньурбачаан сирдэригэр аһыҥа күүскэ туран, быйыл ити хаһаайыстыбалар эҥээр от туруга мөлтөх, хата атын нэһилиэктэрбитэгэр от үүнүүтэ үчүгэй буолан, быйылгы былааммытыгар эппиэттэһэр оту ылыахпыт диэн барыллыыбыт. Күн-дьыл эрэ туран биэрэрэ буоллар.
Аһыҥаны утары охсуһуу
Быйыл биһиги диэки сорох сиринэн аһыҥа турда. Дьиҥэр, бу харамай утары миэрэлэр ылыллыбатахтара ыраатта, кыһалҕа буолар гына элбии илик этилэр. Онон эмтээһин эҥин ыытылла илик этэ. Быйыл Россельхозцентр салайааччыта Агнесса Степановна Данилованы ыҥыран аҕалан сэминээр ыыттыбыт. Онон аныгыскы сылтан бары нэһилиэктэргэ аһыҥаны утары күүстээх охсуһууну биллэриэхтээхпит. Аһыҥа курааны баттаһа үөскүүр, саха омугу үйэлэр тухары арыаллаабыт харамай. Ол эрэн, сайдыы миэстэтигэр турбат, аныгыс сыл үчүгэйдик ходуһалары эмтээтэхпитинэ, кэлэр сылларга ахсаанын лаппа аччатыахпыт диэн эрэнэбит. Быйыл бэйэбит күүспүтүнэн Сүлэ уонна Октябрьскай сирдэригэр 580 га сири эмтээтибит, ону таһынан 252 га сиргэ “Ньурба кормовой хампаанньата” сиэмэ ыһан үүннэрэр ходуһаларыгар икки төгүл төхтүрүйэн эмп ыһыллыбыта.
Оттуур сирдэр
Быйыл даҕаны кураан күннэр тураннар, күөллэр уоланнар оттуур сир тахсан биэрдэ, онон уу ылан оттоммотох сир диэн быйыл суох. Билигин мобильнай биригээдэлэр тэриллэннэр Үөдэй нэһилиэгин сирдэригэр ыраах ходуһаларга оттуу бардылар. Быйыл 14 мобильнай этэрээт тэринэбит диэн сайаапка биэрэн турабыт, бу биригээдэлэр сүрүннээн Үөдэй уонна Таркаайы нэһилиэгэр оттуохтара, былааннара — 2080 туонна от.
Былырыын кураан туран оттуур сир аҕыйаан, балачча элбэх сир сэтиэнэхтэн ыраастаммыта, сорох сирдэри баһаар уота ыраастаабыта. Онон оттуур сир эбиллибитэ.
Отчуттарга көмө
Быйыл биһиэхэ “Норуот көҕүлээһинин сыла” биллэриллибитэ. Ити бырайыак чэрчитинэн дьон саҥа саҕалааһыныгар көмөлөһөргө аналлаах граннар түҥэтиллибиттэрэ. Бэрт элбэх киһи бу көмөнү оттуур ньымаларын тупсарарга туһаммыта. Холобур, бу үбү дьон от мунньар, пресс от баайар, дулҕаны ыраастыыр тиэхиньикэни атыылаһыыга туһаммыта. Онон быйыл улуус дьаһалтата отчуттарга улахан көмөнү оҥордо диэххэ наада.
Эбии аһылык
Үс сыллааҕыта “Ньурба кормовой хампаанньата” тэрилтэ быраҕыллыбыт бааһыналары сөргүтүүнү уонна ходуһалары күрүөлээһин үлэтин саҕалаабыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ судаарыстыбаннай бырагыраама ылыллан, улуус тэҥҥэ үбүлэһэн быраҕыллыбыт бааһыналар чөллөрүгэр түһэн эрэллэр. Быйыл “Күндээдэ” уонна “Сиибиктэ” бааһынай хаһаайыстыбалар 214 гектар сиргэ өр сыллаах оту ыспыттара үчүгэйдик үүнэн эрэрэ көстөр. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта “Ньурба кормовой хампаанньата” нөҥүө үс сыл устата күүстээх үлэ ыытылынна. Бу хампаанньа тиэхиньикэнэн олус үчүгэйдик хааччыллыбыта. Италияҕа, Японияҕа оҥоһуллубут аналлаах массыыналар тигинэччи үлэлии сылдьаллар. Онон Ньурбаҕа сүөһү аһылыгын бэлэмнииргэ биллэр сайдыы баар.
Ону таһынан, оройуоҥҥа 64 гектар сиргэ үрдүк үүнүүлээх оттору ыһан, элбэх сыл ситэр үүнээйилэр питомниктара тэриллибитэ. Бу сиртэн от сиэмэтин хомуйан кэлэр сылга улуус хаһаайыстыбаларыгар түҥэтии үлэтэ барыаҕа.
Сенаж былаана быйыл 600 туонна, сиилэс 2000 туонна.Оттон комбикорм туһунан этэр буоллахха, быйыл улууспут дьонугар 1000 сибиинньэ аҕалан түҥэппиппит. Олору иитэргэ, уонна сүөһүнү аһатарга анаан 248 туонна комбикорму атыылаһан аҕалан тарҕаппыппыт. Тиэйэн аҕалыы соболоҥун улуус дьаһалтата уйуммута.
Егор Карпов.