Иван Белолюбскай «Дыгыҥҥа» кыттыаҕа!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ааспыт субуоталаах өрөбүлгэ Дыгын оонньууларыгар сүүмэрдиир күрэхтэһии Орто Дойду этнокомплекска ыытылынна. Хаары-тыалы аахсыбакка барбыт куоталаһыыга Дьулустаан Ноговицын, Иннокентий Миронов, Антон Тойтонов итиэннэ 39 саастаах Иван Белолюбскай инники күөҥҥэ тахсаннар, Туймаада ыһыаҕар ыытыллар Дыгын оонньууларыгар кыттар быраабы ыллылар.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Көрүҥнэринэн ыллахха, “тутум эргииригэр” Давыд Колесов (Нам улууһа) тэҥнээҕин булбата, сахалыы ыстаныыларга Николай Иванов (Кэбээйи улууһа) кими да иннигэр түһэрбэтэ, мас тардыһыытыгар Иннокентий Миронов (Өлүөхүмэ) утарсааччыларын тулуппата, ох саанан сыалы таба ытыыга Дьулустаан Ноговицыҥҥа (Горнай улууһа) тэҥнэһиэх көстүбэтэ, хапсаҕайга Антон Тойтонов (Нам улууһа) бастаата, сырсыыга Иннокентий Миронов биэтэккэ бастакынан дайан кэллэ, 116 киилэ ыйааһыннаах тааһы ыраахха илдьиигэ Дьулустаан Ноговицын чахчы кыахтааҕын көрдөрдө.

Икки күннээх куоталаһыы түмүгүнэн Дьулустаан Ноговицын, Иннокентий Миронов, Антон Тойтонов итиэннэ Иван Белолюбскай (Уус Алдан улууһа) Дыгын оонньууларыгар кыттар быраабы ыллылар. Кыайыылаах Дьулустаан Ноговицын булт саатынан биһирэннэ.

Көрөөччүлэр Дыгын оонньууларын сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа Иван Белолюбскай Үс Хатыҥҥа буолар ат бөҕө, кус быһый уолаттар күрэхтэһиилэригэр эмиэ кыттар буолбутуттан олуһун диэн үөрдүлэр.

Онон “Дыгын оонньуулара-2017” күрэхтэһиигэ Егор Филиппов (Хаҥалас), Алексей Козлов (Усуйаана), Артем Варданян (Нам), Петр Старостин (Чурапчы), Леонид Филиппов (Амма), Николай Матаннанов (Дьокуускай), Алексей Кутуков (Нам), Алексей Иванов (Үөһээ Бүлүү), Дьулустаан Ноговицын, Иннокентий Миронов, Антон Тойтонов уонна Иван Белолюбскай кыттар буоллулар.

Иван Белолюбскай, “Дыгын оонньуулара” күрэхтэһии сэттэ төгүллэээх кыайыылааҕа:

Мин иитиллээччилэрим, Манчаары Баһылай аатынан “Модун” спорт национальнай көрүҥнэригэр кииҥҥэ дьарыктыыр, бииргэ эрчиллэр уолаттарым Дьулустаан Ноговицын, Иннокентий Миронов Дыгын оонньууларыгар кыттар буолбуттарыттан ордук улаханнык үөрдүм. Туймаада ыһыаҕар ситиһиилээхтик кыттыахтара диэн эрэнэбин.

Уонна, биллэн туран, эдэр уолаттары кытта тэҥҥэ эриһэн Дыгын оонньууларыгар кыттар быраабы ылбыппыттан астынным. Мин сүрүн соругум ол этэ. Ону ситистим. Быйыл ыһыах иннинэ түөрт уон сааспын туолабын, онон дьонум-сэргэм иннигэр бүтэһигин тахсан, кыахпынан күрэстэһэр санаалаахпын.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0