Иван Аржаков: “Соһуйан эрэ хаалбытым”

30.07.2022
Бөлөххө киир:

2016 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллыбыт “Азия оҕолоро” оонньууларга төннөн ылыах. От ыйын 11 күнүгэр өҥүрүк куйаас сатыылаабыт кэмигэр “Туймаада” стадиоҥҥа чэпчэки атлетика күрэхтэһиилэрэ буола тураллар. 2000 миэтэрэҕэ мэһэйдээх сүүрүүгэ Өлүөхүмэттэн сылдьар Ваня Аржаков утарылаһааччытыттан 5 сөкүүндэ эрэ арыттаах биэтэккэ инники кэлэн, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах бастакы күрэхтэһиитигэр кыһыл көмүс мэтээли түөһүгэр килэбэчитэн кэтэр.

Ол күнтэн ыла алта сыл ааста. Ааспыт оонньуулар дьоруойдара Иван Аржаков билигин ханна баарый, тугунан дьарыктанар? Сэһэргэһээччибитин булар уустуктардаах дьыала буолан биэрдэ. Сүүрүүктэртэн даҕаны ыйыталаһан көрдүбүт, социальнай ситимнэргэ даҕаны көрдүү сатаатыбыт — булбатыбыт. Дойдутугар сибээскэ тахсыахха диэммит, Өлүөхүмэ улууһун Абаҕа сэлиэнньэтин дьаһалтатыгар эрийэн уолбут ийэтин Пелагея Ивановна төлөпүөнүн нүөмэрин булан үөрдүбүт-көттүбүт. Ол эрээри, онтубут уһаабата, Иван Владивостокка аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар эбит. Ол да буоллар, Иван биһигини кытта сибээскэ тахсан, аныгы үйэ сиэринэн төлөпүөнүнэн, батсаабынан ирэ-хоро кэпсэттибит.

Ситим быстыбат

— Иван, дьиэ кэргэниҥ, успуорка бастакы хардыыларыҥ туһунан кэпсээ эрэ.

— Мин Уус Алдаҥҥа күн сирин көрбүтүм, Өлүөхүмэҕэ улааппытым. Аҕам Дмитрий Иванович А.Г. Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕатааҕы оскуолаҕа физкултуура уонна ОБЖ учууталынан үлэлиир. Кини сүүрүүгэ, национальнай ыстаҥаҕа Чурапчы улууһун, өрөспүүбүлүкэ хас даҕаны төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера, Уһук Илиҥҥэ миэстэлэспитэ. Оттон ийэм Пелагея Ивановна эмиэ физкултуура учуутала, хайыһарга, сүүрүүгэ Уус Алдан, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, призера буолар. Онон төрөппүттэрбин, эһээбин хайыһардьыт, бэлисэпэдиис, успуорт бэтэрээнин Иван Афанасьевич Стручкову утумнаан, алтыс кылаастан хайыһардаан саҕалаабытым. Хайыһарга, биатлоҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабытым, Арассыыйаҕа миэстэлэспитим.

— Оттон сүүрүүнэн хаһааҥҥыттан дьарыктанан саҕалаабыккыный?

— Ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан хайыһары кытта тэҥҥэ сүүрүүнэн дьарыктанан саҕалаабытым. Сүүрүүгэ бастакы тириэньэрим Валерий Романович Николаев улахан тирэҕи биэрбитэ. Кини араас сбордарга сырытыннаран миигин бу көрүҥҥэ сайыннарбыта.

Баҕа санааттан — чөмпүйүөҥҥэ

— Оҕо сылдьан “Азия оҕолоро” күрэхтэһии туһунан истэр этиҥ дуо? Эн хайдах талыллан кытынныҥ?

— Истээччибин, ол эрээри аахайбат этим. Бииргэ дьарыктанар доҕорбун кытта “кыттыбыт киһи” диэн көннөрү дьээбэлэнэн биирдэ эмит кэпсэтээччибит. Ол эрээри, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн өссө күүстээх, түргэн оҕолор бааллара буолуо, кинилэр кытталлар дии саныырбыт. 2016 сыллаахха кыһыҥҥы спартакиада кэнниттэн чэпчэки атлетика тириэньэрэ Сергей Афанасьевич Барашков: “Азия оҕолоругар” сүүмэрдиир күрэхтэһиилэр буолаллар, сүүрүүгэ кыттан көр”, — диэбитэ. Ол этиини быһа гыммакка, үс ый курдук сүүрүүнэн дьарыктанан, күрэхтэһэн, оонньууларга кыттар буолбутум. Ол кылгас кэм иһигэр дьарыктанан норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга бастаабыппыттан бэйэм даҕаны соһуйан эрэ хаалбытым.

Бэйэҕэ эрэл күүһэ

— Онтон ыла алта сыл ааста. Оонньуулар хайдах ааспыттарай? Стартка атаҕын эчэтэн баран бастаата диэн сонуннар тарҕаммыттара.

— “Азия оҕолоро” соторутааҕыта эрэ буолбуттарын курдук, номнуо алта сыл ааһа охсубут эбит. Утарылаһааччыларбын онон-манан өйдүүбүн, бэлэмнээх, таһымнаах уолаттар этэ. Мин сүүрүүнэн саҥа дьарыктанан эрэр буоламмын, таһыммын намыһах дии саныырым.Ол эрээри, хайыһарым уопута баар буолан, бэйэбэр эрэллээх этим. Тириэньэрбэр Валерий Романовичка эрийэн куруук сүбэ-ама ылааччыбын.

Старт бэриллибитигэр биир уол атахпын үктээбитэ, ол шиповкабын нөҥүөлээн атаҕым тарбаҕын хайа тардыбыт этэ. Долгуйан алҕас үктээтэҕэ буолуо дии саныыбын, соруйан буолбата ини. Мин шиповкам тырыттан, атахпыттан хаан оҕуолуу сылдьарын, сүүрбүтүм үһүс эргииригэр биирдэ өйдөөн көрбүтүм. Финишкэ туох баарбынан киирсэммин, филиппинец Эдуард Джош Буенавистаны биэс сөкүүндэнэн куотан бастаабытым.

Арба, кэлин ол шиповкабын бөххө быраҕаары гыммытым, ону ийэм кыайыыга кынаттаабыт атах таҥаһа диэн ууран кэбиспит этэ. Дойдубар баар.

Саллаат Саха сирин хамаандатыгар ыалдьыаҕа

— Күрэхтэһии кэнниттэн олоҕуҥ уларыйбыта дуо? Сүүрүүнэн кэлин дьарыктанаҕын дуо?

— Суох, уларыйбатаҕа. Арай өрөспүүбүлүкэ сүүрүүктэрэ билэр буолбуттара. Устудьуоннуу кэлэн бараммын Диана Дмитриевна Тартакыноваҕа салгыы дьарыктаммытым. Иллэҥ кэммэр доҕотторбун кытта волейболлуубун, бэйэбит хамаандалаахпыт, бастакы лигаҕа оонньуубут.

— Ханна устудьуоннаабыккыный?

— Дьокуускайдааҕы үп уонна экэниэмикэ кэллиэһигэр үөрэммитим, салгыы Г. В. Плеханов аатынан Арассыыйатааҕы экэнэмиичэскэй университекка кэтэхтэн үөрэнэ сылдьабын, Суут департаменын управлениетыгар буҕаалтырдаабытым. Онно үлэлии сырыттахпына, ааспыт кыһын ахсынньыга байаҥкамааттан ыҥыраннар, соһуччу аармыйалаан хаалбытым.

Билигин Владивостокка морпехха сулууспалыы сылдьабын. “Азия оҕолоро” манна буолалларын истэн олус үөрбүтүм, сүүрүү күрэхтэһиилэрин көрөөрү былааннана сылдьабын. Саха сирин хамаандатыгар ыалдьыахпыт!

Айтана Аммосова.

Хаартыскалар — Иван Аржаков тус архыыбыттан.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0