Итирик суоппартан сылтаан 13 киһи өллө

20.09.2017
Бөлөххө киир:

Былырыын кулун тутар 18 күнүгэр аан дойду кик-боксиҥҥа алта төгүллээх чөмпүйүөнэ, аан дойду боксаҕа  дьахталларга чөмпүйэнээтин боруонса призера, кик-боксиҥҥа Россия спордун үтүөлээх маастара Лида Андреева итирик туруктаах суоппартан сылтаан суол быһылааныгар түбэһэн, суорума суолламмыта…

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Бу саахал туһунан кылгастык кэпсээтэххэ, Дьокуускай куорат Можайскай уонна Жуковскай уулуссаларын быһа охсуһууларыгар итирик туруктаах КамАЗ массыына суоппара Борис Шишмарев утары суолга тахсан, түөрт киһи айаннаан испит «Toyota Corona» массыынаҕа кэлэн түспүтэ. ГИБДД чахчыларынан, Шишмарев икки сыллааҕыта эмиэ арыгы иһэн баран уруулга олорон, массыынаны ыытар бырааба быһыллыбыт эбит. Ол да үрдүнэн, массыынаны ыыта сылдьыбыт.

Хомойуох иһин, бу биир эрэ түгэн буолбатах. Маннык түбэлтэлэр сырыы ахсын тахса тураллар. Холобур, 2015 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ итирик суоппар буруйунан тахсыбыт 149 суол быһылааныгар 52 киһи өлбүт, 216 киһи араас эчэйиини ылбыт. Оттон былырыын итинник 113 суол быһылааныгар 29 киһи суорума суолламмыта, 142 киһи эчэйиини ылбыта. 2017 сыл аҕыс ыйдааҕы туругунан 107 суол быһылаана тахсан, 13 киһи өлбүт, 143 киһи эмсэҕэлээбит. Бу барыта уруулга итирдэр утаҕы иһэн баран олорбут киһи бэйэтин уонна атын дьон олоҕор дьалаҕай сыһыаныттан тахсар.

Киһи сөҕүөн уонна соһуйуон иһин, ГИБДД иниспиэктэрдэригэр итирик суоппар-дьахталлар тутуллар түгэннэрэ эмиэ баар. Онно биир холобуру аҕалыым. 2016 сыл сааһыгар ГИБДД иниспиэктэрдэрэ Дьокуускай куорат олохтооҕо, 35 саастаах элбэх оҕолоох ийэ Екатерина С. итирик туруктаах массыына ыыта сылдьарын туппуттара. Суоппар-дьахтары суут уурааҕынан, тимир көлөнү ыытар быраабын биир сыл сэттэ ый болдьохтоон быспыттара. Өссө ыстарааптаммыта. Дьахтар сыл да буолбакка, 2017 сыл ыам ыйыгар эмиэ итирик туруктаах массыынатынан сылдьарын туппуттара… Дьэ, киһи хараастар түбэлтэтэ. Дьахтар бырааба быһыллыбытын үрдүнэн, өссө арыгы иһэн баран массыынатыгар олорбут.

Сорох дьон хаста даҕаны төхтүрүйэн итирик сылдьан иниспиэктэрдэргэ тутуллар «үгэстээхтэр». Улахан алдьархай тахсыар диэри уруулларыттан арахсыбаттар. Ол курдук, 2013 сыллаахха СӨ профессиональнай үөрэхтээһинин урукку миниистирэ Георгий Куркутов итирик туруктаах массыына ыыта сылдьан тутуллан, дуоһунаһыттан босхолоноругар тиийбитэ. Дьокуускайдааҕы мировой суут быһаарыытынан кини массыынаны ыытар бырааба 2016 сыл ыам ыйын 23 күнүгэр диэри быһыллыбыта. Үс сыл буолан баран, Куркутов итирик айанныы сылдьан саахалы таһааран, ГИБДД үлэһиттэригэр тутуллубута. Кини «LexusGX470» массыынатынан сылдьан «ToyotaSucceed» массыынаны кытта харсыспыта. Суолга быһылаан кэнниттэн Холуобунай кодекс 264.1 ыстатыйатынан холуобунай дьыала тэрийбиттэрэ.

Оттон чөл олоҕу пропагандалааччы, арыгы атыытыгар хонтуруол кытаатарын туруорсар киһибит – норуот дьокутаата, «Колми» автосалон хаһаайына Николай Румянцев бу дьыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр итирик туруктаах сылдьан киһи өлүүлээх саахалы таһаарбыта. Биир киһи тута өлбүтэ, өссө икки киһи улахан эчэйиини ылбыттара. Быһылаан кэнниттэн кинини дьиэ хаайыытыгар хаайар туһунан быһаарыныыны Дьокуускай куораттааҕы суут ылыммыта. SakhaDay сайт суруйарынан, дьокутаат урут эмиэ арыгы иһэн баран ГИБДД иниспиэктэрдэригэр тутулла сылдьыбыт эбит.

Хомойуох иһин, итирик туруктаах суоппартан сылтаан массыына саахалыгар ким баҕар түбэһиэн сөп. Сорох дьон сокуон иннигэр улахан эппиэт сүгүллүбэтин билэннэр дуу, уруулга итирик олороллорун улахаҥҥа уурбаттар.

Бу суол быһылааннарын таһаарбыт суоппардар ГИБДД иниспиэктэрдэригэр арыгы иһэн баран хаста даҕаны тутуллубуттара биллэр. Бу суруйуубар мээнэҕэ үрдүк сололоох, биллэр-көстөр дьону аҕалбатым. Холобур оҥостор дьоммут итирэн баран сууту-сокуону билиммэккэ, таптаабыттарынан хаардыы хаама сылдьаллара киһини сөхтөрөр. Бастакытын тутуллан баран, иккиһин уора-көстө итирик сылдьан, суолга кутталы үөскэтэллэрин туһунан толкуйдаан да көрбөт эбиттэр. Холобур, дьокутаат Румянцев бастаан тутуллан баран, өйдөөн-төйдөөн сылдьыбыта буоллар, маннык ыар быһылааны оҥоруо суох этэ. Онон, арыгы иһэн баран тутуллубут дьону кытаанах миэрэҕэ тардаллара буоллар, итинник быһыы-майгы тахсыа суох этэ дии саныыбын.

Бары көрө-билэ сылдьарбытынан, үрдүк сололоох чунуобунньук, биитэр үптээх-харчылаах киһи буруйу оҥорбут буоллаҕына, суут сылы быһа, сорох түгэҥҥэ хас даҕаны сылы быһа ыытыллар. Ол тухары буруйдаах дьиэ хаайыытыгар олорор. Оттон боростуой суоппар саахалы таһаарбыт буоллаҕына, тута хаайыллар. Ити сымыйа буолбатах. Баар дьыала. Онон киһи социальнай туругун көрө барбакка, буруйдаах киһи барыта сокуон иннигэр толору эппиэттиэхтээх.[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-quote-left» color=»pink» add_icon=»true»]

«Газета.Ru» суруйарынан, 2017 сыл бастакы аҥаарын туругунан, итирэн баран иккиһин уруулга ордук Приволжскай федеральнай уокурук уонна Сибиир олохтоохторо олороллор эбит. Красноярскай кыраайга 1905 холуобунай дьыала тэриллибит, Башкирияҕа — 1874, Пермскэй кыраайга — 1422, Кемеровскай уобаласка — 1225, Нижегородскай уобаласка — 1196 уонна Алтайскай кыраайга — 1023.

[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-quote-right» color=»pink» add_icon=»true»]Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0