Итирик аҕа оҕотун массыынанан оскуолаҕа илдьибит

25.05.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ массыынаҕа кыра оҕолору тиэйии быраабылатын кэһиигэ ГАИ иниспиэктэрдэрэ бэрэбиэркэ ыыта сылдьаллар.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

СӨ ИДьМ-тын Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, Дьокуускай куорат 20 №-дээх оскуолатыгар «Москвич-2141» тимир көлөлөөх аҕа кыра уолун аҕалбытын бэрэбиэркэлээбиттэр. Уол анал куру тардыммакка олорор эбит. Ити диэн өссө кыра буоллаҕа. Аҕа итирик туруктаах уруулга олорбут. Иниспиэктэрдэр итирик туруктаах суоппар оскуолаҕа хайдах этэҥҥэ айаннаан кэлбитин олус сөхпүттэр. Киһи кыһыйыах, суоппар «Бэҕэһээ, бэҕэһээ, испитим», – диэн куотуна сатаабыт.
Аҕа оҕону анал кура суох тиэйбитин уонна уруулга итирик туруктаах олорбутун иһин, административнай эппиэтинэскэ тардылынна. Балтараа сылга тимир көлөнү ыыта бырааба быһыллар.

Манна даҕатан эттэххэ, 2017 сыл саҥатыттан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сааһын ситэ илик оҕо кыттыылаах 51 СТБ (суол-транспорт быһылаана) тахсыбытыттан 60 оҕо эчэйбит, биир оҕо суорума суолламмыт. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, оҕо кыттыылаах СТБ 75,8 %-нан үрдээбит, оҕо эчэйиитэ икки төгүл элбээбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0