Итирбит икки, иирбит икки …

05.02.2019
Бөлөххө киир:

“Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор кэмитиэттэрин мунньаҕар сылдьан улаханнык айманан кэлэн олоробун. 17 саастаах икки уол кафеҕа киирэн, 2,5 лиитэрэ бытыылкалаах пиибэни испит. Ол тахсан, суолга көрсө түспүт икки кыра уолчааны кырбаабыттар, төлөпүөннэрин былдьаабыттар, сиэптэригэр баар харчыларын ылбыттар. Үҥкүрүтэ сылдьан кырбаан, биир оҕону илиитин тоһуппуттар. Кинилэр итирик турукка киирэн, бэйэлэрин хонтуруолланар кыахтара суох буолбут. Гиппократ: “Кыра да арыгыны иһии — баҕа өттүнэн иирээһин” диэн этэн турар. Ол аата, киһи арыгыны ыйыһыннаҕына даҕаны, хонтуруола кэһиллэр”,

edersaas.ru

— диэн наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар өр сылларга үлэлээбит психиатр-нарколог Надежда Васильевна Хоютанова диспансерга учуокка ылыллааччыларга оҕолор, ыччаттар эмиэ баалларын бэлиэтиир.

Эрдэ саҕалаабыт эрдэ буомурар

— “Алкоголизм”, “наркоман”, “токсикоман” диэн диагноһынан  учуокка ылыллыбыттар биһиэхэ үс сыл кэтээн көрүүгэ сылдьаллар. Учуокка ылыллыбыттарын туоһулуур докумуон толоробут, амбулаторнай карточкаҕа бэлиэтиибит. Учуокка ылыллыбыт бастакы сылларыгар – ый аайы, иккис сылларыгар – үс ыйга биирдэ, үһүс сылларыгар сылга иккитэ сылдьаллар. Бу кэм устата анааалыстары туттараллар уонна кэмиттэн кэмигэр психологка сылдьан сүбэлэтэллэр-амалаталлар. Наада буоллаҕына, таһыттан эбэтэр диспансер балыыһатыгар сытан эмтэниэхтэрин сөп.
Диспансернай учуот тоҕо наадалааҕый диир буоллахха, үөһээ этиллибит дьаллыктартан тутулуктаммыт дьон доруобуйаларын көннөрүнэллэригэр, куһаҕан дьаллыктарыттан тэйэллэригэр тирэх, көмө буолабыт. Бу ыарыылартан киһи биир укуолунан, биир эмтээһининэн, балыыһаҕа да киирэн эмтэниинэн үтүөрэн хаалбат.
Тоҕо диэтэххэ, кинилэр санаа тууйуллуута, кэхтии (депрессия) туругар киирбит буолаллар. Сорохтор туохтан эрэ уйулҕалара ыһыллан, санаа-оноо муҥар ылларан баран, арыгы иһэр буолаллар. Атыттар, төттөрүтүн, күүскэ, уһуннук арыгылаабыттарын түмүгэр депрессиялыыллар. Эттэригэр-хааннарыгар биохимическэй уларыйыы тахсан, депрессия туругар киирэн хаалаллар. Арыгы бэйэтэ уонна киниттэн үөскүүр дьааттар киһи хааныгар киирэн уларыйаллар, саамай кутталлаах дьаакка кубулуйаллар, мэйии килиэккэтин истиэҥкэтин суурайаллар. Килиэккэ иһигэр баар эттиктэри сүһүрдэн, кинилэр үлэлэрэ кэһиллэр. Ол түмүгэр килиэккэлэр өлөллөр эбэтэр буорту буолаллар, улахан охсууну ылаллар.
Эт-хаан килиэккэлэрэ бары (ол иһигэр половой, генетическэй килиэккэлэр, хромосома) сүһүрэллэр. Ол иһин этэбит: эдэр киһи төһөнөн эрдэ саҕалыыр да, оччонон күүстээх охсууну ылар. Арыгыны, токсическай эбиликтэри туттууну оҕо сылдьан саҕалаабыт дьон мэйиилэригэр, уйулҕаларыгар уларыйыылар түргэнник биллэллэр. Ити ыччаттар үөрэхтэрэ мөлтүүр, олоххо интэриэстэрэ сүтэр, билиилэрин-көрүүлэрин таһыма намтыыр. Кинилэр киинэҕэ, тыйаатырга таласпакка, “доҕотторун” кытары биллибэт-көстүбэт сирдэринэн суксуруһан сылдьан, ону-маны боруобалыыр усулуобуйалаах сири көрдөөн булаллар.

Төрөппүт сөбүлэҥинэн үлэлиибит

— Үксүгэр сөптөөх көрүүтэ-истиитэ суох, төрөппүттэр болҕомтолоро тиийбэт оҕолор араас дьаллыкка түргэнник ыллараллар. Ийэлээх-аҕалара иккиэн аһыы утахха умса түспүт төрөппүттэрдээх оҕолор баар буолаллар. Кинилэр үксүгэр бэйэлэрин саастыылаахтарыттан ордук көстө сатаан куһаҕан дьаллыктарга ыллараллар. Итинник үөрэнээччилэри сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар хамыыһыйа учуокка ылар, онтон полиция отделларыгар уонна биһиэхэ биллэрэллэр. Биһиги кинилэри төлөпүөнүнэн ыҥыран ылабыт эбэтэр хамыыһыйа бэйэтэ ыытар.
Оҕолор төрөппүттэрин кытары кэлэллэр. Сокуон быһыытынан, биһиги төрөппүт сөбүлэҥэ суох оҕону кытары кэпсэтэр бырааппыт суох. Төрөппүт “медицинскэй орооһууга баҕа өттүнэн сөбүлэһии» диэн докумуон толордоҕуна, сөбүлэҥин, көҥүлүн ыллахпытына эрэ үлэлэһэбит.

Аддикция диэн тугуй?

Сорох төрөппүттэр: “Кыра сылдьан куһаҕан дьаллыктан эмтэммит оҕо улаатан да баран, куһаҕан дьаллыктарга ылларар куттала ордук улахан дуо?” – диэн ыйытааччылар.
Ити сөптөөх ыйытыы. Куһаҕан дьаллыктары киһи барыта оҕо сааһыгар боруобалаан көрөр диэн буолбатах. Бэйэлэрэ аддикция¬лаах, ол эбэтэр майгыларыгар-сигилилэригэр төрүөхтэриттэн кэһиллиилээх оҕолор баар буолаллар.

Аддикция диэн киhи ис туругун уларыта сатыыр ньымалары көрдүүрүн этэллэр (“пищевой” аддикция уонна да атын көрүҥнэр бааллар).
Кинилэр чуолаан эйфория туругар тардыһаллар. Ол иһин, буортулаах химическэй эбиликтэри боруобалаан баран, чэпчээн хаалабыт диэн билинэллэр. Кинилэр эйфория бастакы кэрдииһигэр көтө-дайа сылдьар турукка киирэллэр, настарыанньалара көнөр, солуута суох күлүөхтэрин, үөрүөхтэрин сөп, туох барыта сырдык кыраасканан көстөр. Иккис кэрдииһигэр ииримтийэн, ону-маны суоҕу көрүү-истии туруга (галлюцинация) баар буолар. Араас гномиктар, мультяшкалар, ханнык эрэ саарбах эбийиэктэр чахчы аттыларыгар сылдьалларын курдук саҥаларын, ырыаларын истэллэр. Үһүс кэр¬диискэ өйдөрө-санаалара хараҥарар (онейроидный синдром), өйдүүн-санаалыын дьиҥнээх олохтон “сүтэллэр”. Итинник турукка сырыттахтарына кинилэри төнүннэрэр кыах суох буолар, ити кутталлаах туруктан төһө эмэ бириэмэ буолан эрэ баран тахсаллар. Ол кэнниттэн наһаа аччыктыыллар эбэтэр, төттөрүтүн, аһыахтарын баҕарбаттар, утуйуохтарын эрэ баҕараллар.

Кэлин кэп туоммат курдук

— Төрөппүт оҕотун кытта истиҥ, итэҕэтиилээх сыһыаннаах буо¬луохтаах. Оҕону мөхпөккө-эппэккэ, кини туох интэриэстээҕинэн ылыныахтаах. Оҕо тугу этиэн баҕарбытын саба саҥарбакка, болҕомто¬лоохтук истиллиэхтээх. Оҕо ис туруга араас буолар. Ол уустук туругун бэйэтэ билиннэҕинэ: “Эн итинник диэмэ!” — диэн аахайбакка хаалыа суохтаах. Төттөрүтүн, аһаҕастык кэпсэттэ¬риэхтээх, сэргиэхтээх. Түүрэйдээбэккэ, ыкпакка, оҕо бэйэтигэр сыанабылын түһэрбэккэ эрэ улахан киһи көрүүтүнэн көннөрөн биэриэхтээх. “Ийэбэр-аҕабар эттэхпинэ, мөҕүөхтэрэ” диэн куттамматын курдук, төрөппүт оҕотун кытары атах тэпсэн олорон аһаҕас кэпсэтиигэ бэлэм буолуохтаах. Төрөппүттэрин кытары быһаччы, аһаҕас сибээстээх оҕо хаһан даҕаны бэйэтигэр бүгэн хаалбат, итинник куһаҕан быһыыга-майгыга тиийбэт.

Арыгылааһын, наркомания, токсикомания курдук куһаҕан дьаллыктартан тутулуктаммыт дьону наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар учуокка ылаллар.
Кинилэри ис туруктарын кэтээн көрөллөр, психолог, пси¬хиатр-нарколог уо.д.а. сүбэ-ама биэрэллэр, наада буоллаҕына, эмтэнэллэр. Поликлиника отделениетыгар уонна балыыһаҕа сытааччылар эмиэ кинилэр өҥөлөрүнэн туһаналлар. Наркология диспансера поликлиникатын, сытар балыыһатын сэргэ, Дьокуускай куоракка, Таатта улууһун Туора Күөл, Ньурба улууһун Маар нэһилиэктэригэр уонна Кангаласс сэлиэнньэтигэр эмтэнии кэнниттэн доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииннэр үлэлииллэр.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0