Биһиги килиимэппититтэн улахан уратылаах уонна өҥүрүк куйаас сатыылыыр омук сирдэригэр барарга тустаах быраабылалары билэр наадалаах.
edersaas.ru
Сөбүгэр килиимэттээх дойдуга олорор дьон тропическай уонна субтропическай килиимэттээх сиргэ тиийэн, организмнарын үөрэтэллэригэр бириэмэ наада. Ол иһин, чуолаан, оҕолору кытта сынньанар буоллахха, тиийээт тута ноҕуруускаламмакка, хас да күн дойду килиимэтигэр эти-сиини үөрэтэргэ СӨ Роспотребнадзор управлениета сэрэтэр.
Туох кутталлааҕый?
Туристар үксүгэр күн охсуутуттан эмсэҕэлииллэр. Онон, ыарытыйбат туһугар:
— Чэпчэки ыйааһыннаах уонна натуральнай матырыйаалтан тигиллибит таҥаһы кэт;
— төбөҕөр сэлээппэтэ кэт эбэтэр былаатта баан;
— тириигин күн охсуутуттан харыстыыр кириэминэн сотун;
— ууну элбэхтик ис, арыгылаах утаҕы аҕыйат.
Сынньалаҥ кэмигэр кыыллары кытары хантаактаһарга сэрэхтээх буол. Тоҕо диэтэххэ, кыыллар араас сыстыганнаах уонна паразитарнай ыарыылаах буолуохтарын сөп.
Оҕолоргут куоскалары, ыттары уонна араас кыыллары убахтыылларын көҥүллээмэҥ. Бу кыыллар хайа баҕарар дойдуга кутталы үөскэтэллэр.
Олохтоох кыылы-сүөлү кытта хантаактаһартан кыайан куоппатах уонна ытыртарбыт, хайа тартарбыт эбэтэр сырааннарын сыһыарбыт буоллахтарына, ол миэстэҕин булгуччу мыылалаах уунан суун. Ол кэнниттэн бырааска көрдөр. Быраас ииригириини уонна тартаран ыалдьар сыстыганнаах ыарыыттан (столбняк) утары быһыы ылар наадатын, наадата суоҕун быһаарыа.
Сорох дойдуларга дьааттаах эриэн үөн, үөн-көйүүр (скорпион, каракурт, тарантул, сколопендр) уонна тропическай муораларга сылдьааччылар (дьааттаах медузалар, пиявкалар, балыктар) ытырыылара доруобуйаны улаханнык айгыратыан сөп.
Бэл, былахы, клещ, кумаар, күлүмэн, оҥоойу уонна сахсырҕа курдук биһиги бэркэ билэр үөннэрбит тропическай сыстыганнаах уонна паразитарнай ыарыылары тарҕатааччыларынан буолаллар.
Сынньалаҥ кэмигэр үөҥҥэ-көйүүргэ ытыртарбат туһугар:
— Кыыллартан, сыылар үөнтэн-көйүүртэн тэйиччи тутта сатаа;
— уһун сиэхтээх таҥаһы уонна ыстаанна кэтэ сырыт;
халыҥ бачыыҥкаҕар гетраны уонна наскыны кэтэргин умнума;
үөнү-көйүүрү утары репелленнары туһан;
— киэһээҥи уонна түүҥҥү бириэмэҕэ (куоракка эмиэ) фонариктаах сырыт.
Гостиницаҕын кичэллээхтик тал
Эһиги сынньалаҥҥытыгар туох да куттал суоһаабатын уонна санаа хоту сынньанаргыт туһугар киинтэн хааччыллар уулаах уонна канализациялаах гостиницаларга эрэ түһэ сатаа. Хоскутугар кумаар, былахы уонна кэрбээччи үөн киирбитин көрдөххүнэ, тута дьаһалтаҕа биллэрэн, «ыҥырыллыбатах ыалдьыттары» суох оҥорорго көрдөс. Түннүктэр уонна ааннар сиэккэ сабыылаах буолалларын ирдээ.
Уопсай быраабылалар
Хаачыстыбалара мэктиэлэммит бородуукталаах сирдэргэ эрэ аһыы сатаа.
Билэр утахтаргын, соктаргын эрэ атыылас. Бытыылкалаах уонна оргуйбут ууну эрэ ис. Оҕуруот аһын уонна фруктаны сууйаргар эмиэ оргуйбут ууну эрэ туһан.
Уулусса атыыһыттарыттан утаҕы тымнытар мууһу, итии дойдулар үгэс буолбут куукуналарын аһын, туттуллар болдьоҕо ааспыт бородууктаны ылар улахан кутталлаах.
Бассейҥҥа уонна анал уу түөлбэлэригэр эрэ сөтүөлээ.
Ону тэҥэ, пляжка тэлгэнэр таҥаһа суох сытар уонна кумахха атах сыгынньах хаамар кутталлаах.
Онон, омук сиригэр сылдьар, сынньанар кэмҥитигэр ханнык да усулуобуйаҕа тус гигиена быраабыларын тутус.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru