— Биһиги, “киинэ дьоно”, буолаары буолан, Арассыыйа таһымыгар Киинэ сылын биллэриэхтэрэ эрэ дии санаабатахпыт. Онон быйылгы сылга киинэни искусство биир суолталаах көрүҥүн быһыытынан сыаналаан, болҕомтоҕо ылбыттара хайҕаллаах суол, — диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр тыа сирин кулуубун киномеханигыттан оройуон киинэтин ситимин дириэктэригэр тиийэ үүммүт Вера Попова.
Вера Дмитриевна Дьокуускай куоракка киномеханиктары үөрэтэр ТУ-7 училищены бүтэрээт, Калининградскай уобалас Советскай куоратыгар тиийэн, киинэ техникумугар киинэ инженерин идэтигэр үрдэтиммитэ. Сайыныгар дойдутугар кэлэн, практикатыгар Модут уонна Көбөкөн кулууптарыгар киномеханигынан үлэлиирэ. Кэлин дириэктэрдии сылдьан, Санкт-Петербургдааҕы киинэ уонна телевидение университетын Саха сиринээҕи филиалыгар үрдэтиммитэ.
Киинэ архыыбын тэрийии
Онтон дойдуну үнтү булкуйбут 90-с сыллар киинэ эйгэтин эмиэ айгыраппыт кэмнэрэ үүммүттэрэ. Нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан, кулууптарга видеоны көрдөрүү үөдүйбүтэ. Ол эрээри намнар онно бэриммэтэхтэрэ — улуустааҕы киинэ уонна видео ситимин техническэй киинин тэрийбиттэрэ. Дьокуускайга кинопрокат тэрилтэтэ баар буолан, атыылаһыллыбыт киинэни кулууптарга ыытан көрдөрөллөрө. Ол эрээри бу тэрилтэни кэлин “Сахафильмҥа” холбоон, киинэни булан көрдөрүү уустугуран барбыта.
— 2000 сыллар ортолоруттан чааһынай дьон киинэ устуулара элбээн, “50% — 50% -ҥа“ дуогабардаһар буолбуппут, — диэн кэпсиир Вера Дмитриевна. Ол аата киинэттэн киирбит дохуот аҥарын киинэ устааччыларга биэрэллэр эбит.
Улуус аайы кинотеатрдар сабыллан барбыттара. Намнар, атын улуустар курдук ыһыллан, эстэн хаалбатахтара — соҕотох киинэ театрдарын тутан хаалбыттара. 2000-2008 сылларга үлэтигэр бэриниилээх Вера Попова “Сардаҥа” киинэ техническэй киинин дириэктэринэн ананан үлэлээбитэ. Анал үөрэхтээх киһи диэх курдук, киинэ эйгэтин атарыхсыппатаҕа. Бу салааҕа сыһыаннаах үлэ көрүҥүн бииртэн биири тобулан испитэ. Ол курдук, Вера Дмитриевна дириэктэрдии сылдьан, Нам улууһун историятын үйэтитэр киинэ-видео архыыбын тэрийбитэ. Билигин кини бу эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.
— Улуус историята үйэтитиллэрин учуоттаан, муниципалитет салалтата үс киһилээх штаты арыйбыта: архыып сэбиэдиссэйэ, оператор уонна фонданы хаҥатааччы. Ахтыылары хомуйарбыт таһынан, араас тэрээһиннэри устабыт. Улууспут киинэҕэ үйэтитиллибит 1948 сылтан ыла историята баар. 90-с сылларга видео сайдан, архыып кассеталарга тиһиллибитэ, — диэн кэпсиир Вера Дмитриевна.
Ааттаах-суоллаах киинэ Намы кытта сибээһэ
“Государственные дети” диэн Улуу Кыайыы 70 сылыгар анаммыт киинэ уһуллуутугар намнар өйөбүллэрэ сүҥкэн.
— Детдом оҕолорун туһунан киинэ Борис Васильев “Дьылҕа түүнэ” сценарийынан уһуллубута. Ити иннинэ биэс сылы быһа бэйэбит киинэ устан холонон көрбүппүт да, кыаллыбатаҕа. Үчүгэй аппараат суоҕа атахтаабыта. Ол иһин киинэни устарга дьоҕурдаах, намнар бэйэбит уолбут Александр Лукины кытта кэпсэтэн, бииргэ үлэлииргэ көрдөспүппүт. Кини киинэни устарыгар биир санаалаахтарын мунньан, “Сахафильмы” кытта дуогабардаспыта. Бастаан бырайыакпыт “Дети войны” диэн этэ. Онтон “Государственные дети” диэн ааттаммыта. Киинэни уһуларбытыгар икки өттүттэн сценарийдарбытын холбоон уһулбуппут. Модутунан, Бөтүҥүнэн сылдьан үлэлээбиппит. Соҕурууттан кэлбит аҕыс саастаах кыыс хараҕынан Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын көрүүтүн көрдөрбүппүт, — диэн кэпсиир сэһэргэһээччим.
“Киинэ устуутугар уопуттаах киномеханик быһыытынан сүбэлээн-амалаан көмөлөстөҕүҥ буолуо?” – диэн ыйытыыбар Вера Дмитриевна:
— Киинэ эйгэтигэр өр кэмҥэ үлэлээбит буолан, ханнык да ис хоһоонноох үлэҕэ ылсыым, олус көмөлөһөр. Киномеханик быһыытынан, будкаттан да буоллар, ханнык кадры хайдах ылалларын элбэхтэ көрөн үөрэппит киһи буоллаҕым. Онон сүбэ-ама биэрэрбин оператордар ылыналлар. Хаартыскаҕа түһэрии эмиэ туспа тиэхиникэлээх. Түһэрэр киһигин тулалыыр өрүтү барытын учуоттуугун. Аан кэннигэр, түннүк аттыгар түһэриэ суохтааххын, — диэн санаатын үллэһиннэ.
“Киинэбин” диэн сананар киһи – ураты
“Биһиги, киномеханиктар, үлэбитигэр олус эппиэтинэстээх уонна бэриниилээх дьоммут. Ханнык баҕарар улуус нэһилиэгин олохтоохторуттан ыйыттахха, бука, кинилэр урукку киномеханиктарын курдук үлэтин сөбүлүүр киһи суоҕа чахчы. Биһиги улууспутугар 1953 сыллаахха Николай Дьяконов диэн киномеханик Никольскайга киинэ бааҥкаларын таһаары анаан, нууччалыы эттэххэ, “аэросани” диэн көлөнү таҥан оҥостубут. Билиҥҥи “Буран” курдук хайыһардаах, эбиитин пропеллердээх көлө. Көр, киинэ үлэтигэр оннук бэриниилээх дьонноох этибит.
Атырдьах ыйын 27 күнүгэр “киинэбин” диэн сананар киһи хайаан да идэлээх бырааһынньыкпытын бэлиэтии кэлэр. Улууспутугар 30-тан тахса урукку киномеханиктан 20-тэ баар буолар. Сыл аайы отчуоттуубут: тугу ситиспиппитин, туох ыарахаттар баалларын бэтэрээннэрбитигэр кэпсиибит. Дьоммут үбүлүөйдэрин хайаан да бэлиэтиибит. Аныгы үйэ сиэринэн Нам улууһун киномеханиктара ватсапка анал бөлөхтөөхпүт”, — диэн кэпсиир киинэ бэтэрээнэ Вера Попова.
Кэпсэтиибитин Вера Дмитриевна: “Киинэ сылынан сибээстээн, Арассыыйаттан аныгылыы технологиялаах 10-ча киинэ көрдөрөр аппарат кэлээри турар. Биһиги испииһэккэ баар буолан, саҥа үктэлгэ тахсыахпыт диэн санаабыт көтөҕүллэн сылдьабыт”, — диэн үөрүүлээх сонунунан түмүктээтэ. Онон Киинэ сылыгар тыа сирин кулууптарыгар киинэни көрдөрүү хаттаан сөргүтүллээрэй диэн эрэх-турах санаа үөскээтэ.
Елена ПОТОЦКАЯ