Итии чэй амтана (кэпсээн)

Ааптар: 
29.03.2020
Бөлөххө киир:

Тохсунньу томороон тымныыта алыптыыр айылгылаах. Тоҕо эрэ бу тоһуттар тымныылаах тохсунньу ыйы тас көстүүтүгэр тоҥуй да соҕус буоллар, Агния олус күүтэрэ. Арай таһырдьа уут туман хойдон, тыын былдьаһар кэриэтэ бургучуйар автобустар буруоларын аахсыбатахха, аптаах салгын.

Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ тэлэбиисэр көрө-көрө, эбэтэр кинигэ ааҕа-ааҕа итии чэйи иһэр үчүгэйиин. Итии үүттээх чэй. Таһырдьа ураты салгын буолааччы. Кэтэһиилээх салгын. Ханна эрэ саһан турар кистэлэҥнээх, таабырыннаах дьол салгына. Оҕо эрдэххэ бу салгын Саҥа дьылы кытта ситимнээх, улаатан истэх ахсын сүрэх иэйиитин, сэмэй кистэлэҥин суорҕаныгар суулаабыт тохсунньу ый кистэлэҥэр кубулуйбута. Кини бу салгын уратытын өссө устудьуоннуу кэлбит сылыгар бэлиэтии көрбүтэ. Оччолорго куорат барахсан бу билиҥҥи курдук тыһыынчанан да уот лаампалар буолан тыкпатар, уулуссаҕа тырааныспар ахсаана аҕыйах буоллар, бастаан кэлбит, сонургуу көрөр киһиэхэ, буолаары буолан дьаҕа баһыттан, арҕаа улуус түгэх нэһилиэгин оҕотугар барыта сонун этэ. Аптаах түүн. Таҥха аптаах түүнүн чугас дьүөгэтэ Катя билиһиннэрбитэ. Сытыы хотуу, кыра уҥуохтаах кыысчаан сөбүлүүр уолунуун кинини туох дьылҕа күүтэрин ыстакааннаах ууга биһилэх уган билбитэ. Ол саас чахчы, доҕоро аармыйаттан ытык иэһин төлөөн кэлээт, Катюшаны кэргэн кэпсэппитэ. Кинилэр ыал буолан улууска көспүттэрэ. Катя кэтэхтэн үөрэнэр буолбута. Агния биир соҕотох эрэнэр дьүөгэтэ ыал буолбутугар иһигэр наһаа хомойбута. Дьону кытта түргэнник уопсай тылы булбат түҥкэтэх майгылаах кыыс сэмээр ыраас, сырдык тапталы кинигэҕэ ааҕар арамаанын дьоруойун күүтэрэ.

Сыл-хонук. Сүүрбэччэ сыллааҕыта курдук, аны бүгүн, олоҕун орто омурҕаныгар тиийбит дьоһун дьахтар эмиэ сэрэбиэйдии олороро. Нэдиэлэ анараа өттүгэр сааһырбыт доҕоро Константин Иванович ааны хайа быраҕан тахсан барбыта. Дьахтар уу нуурал олоҕун уйгуурдубут эр киһи номнуо олоххо суолун тобулан, хас да сиэн эһээтэ, түөрт оҕо аҕата этэ. Кытта кырдьыбыт кыдьыга, арай аһыы утаҕы хам-түм иһэр адьынаттааҕа. Ону аахсыбатахха, майгыта сайаҕаһа, кэпсээн көбүөрүнньүктээн, сыллаан сырылатан бардаҕына, толору эттээх-сииннэх, элбэх саҥата-иҥэтэ суох Агния иһигэр ама, дьол диэн бу буоллаҕа дуу, тоҕо мин маны эрдэ билбэккэ, олоҕум кэрэ саастарын биир кыракый дьиэ муннугар атаарбытым эбитэ буолла диэн муҥатыйар санаатын таайбыттыы, Константин Иванович Агнияны ыга кууһан олорон ону-маны, буолары буолбаты кэпсээччи.

Константин Иванович Агния олоҕор соһуччу көстүбүтэ. Агния эдэр эрдэҕиттэн бэйэтин сааһыгар мөдөөт көрүҥнээх буолан эбитэ дуу, киниэхэ тоҕо эрэ наар саастаах эр дьон иҥээҥнээччилэр. Оттон бэйэтин саастыылаахтара кинини улаханнык ахсарбат этилэр.

Арай, үһүс кууруска үөрэнэ сылдьан биир дойдулаахтар көрсүһэр дьоро күҥҥэ биир уоллуун билсибитэ. Саша үөрэҕиттэн үүрүллэн куоракка ускул-тэскил сылдьар эдэр киһи, Агнияҕа тоҕо эрэ олус сыстыбыта. Устудьуоннар олорор уопсай дьиэлэригэр хаста да сыбыытаан, Агнияны ыҥыттаран, кыыһы долгутан турардаах. Агния тыаһа-ууһа суох сылдьан, дьэ, уолламмыт үһү диэн бииргэ үөрэнэр кыргыттара кистээн кэпсэтэр буолбуттара. Саша кыыска кэлэн чэйдээн, аһаан барар этэ. Оттон биирдэ, хоно хаалбыта. Ол түүн кэнниттэн  кыысчаан аллараа этээскэ вахтер хоһугар киирэн олорон Саша төлөпүөннүүрүн маныыра. Саша олоххо инники сыала-соруга суох буолан дойдулаабакка, күннээҕинэн олорорун Агния да эдэрэ бэрт буолан улахан кыһалҕа курдук көрбөт этэ. Сашалыын төлөпүөнүнэн олус аһаҕастык санааларын үллэстэллэрэ. Саша аһыы утаҕы хото иһэрэ, ардыгар охсуһан да баран кэлэрэ. Ол эрээри, төһө да таска истиҥ сыһыаннаахтарын иһин, уол хаһан даҕаны Агниялыын инники олох туһунан кэпсэппэт этэ. Кыыс иһигэр сэмээр күүтэрэ. Ол аһаҕас кэпсэтии, куруук аһаҕас хаалан иһэрэ. Сотору кэминэн Агния  оҕо күүтэр буолбута. Наһаа кыбыстыбыта, куттаммыта. Сашаҕа төлөпүөннүү сатаабыта. Оттон Саша били куһаҕан киинэ артыыһын курдук ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалбыта. Агния олоҕун ол хараҥа кэмнэригэр хата ийэлээх аҕата, бырааттара баар буолан аһарыммыта. Кэлин үөрэҕин бүтэрэн, куорат биир тутаах тэрилтэтигэр үлэҕэ киирбитэ. Төрөппүттэрэ өйөөннөр, кыараҕас да буоллар, куорат киинигэр дьиэ атыылаһан, олоҕун эдэр сааһын онно атаарбыта. Үлэтэ дьиэтэ, оҕото буолан олох устан субуллар тэтимин өйдөөмүнэ хаалбытын иһигэр төһө да кэмсиннэр, аттыгар баар кыысчаана өрүү киниэхэ Сашатын сырдык харахтарын санатар этилэрэ. Кэмсиниэх санаатын ыраах кыйдаан, күннээҕи түбүккэ үтүрүйтэрэн күнү дьылы аһаран испитэ.

Агния кыысчаана номнуо оскуоланы бүтэрэн үрдүк үөрэх кыһатыгар киирбитэ. Бу кэмҥэ эмискэ бириэмэ өрө сүүрэр тэтимин тохтотор кыаҕа суоҕун өйдөөн, тус олох туһугар туруулаһарга санаммыта. Дьиҥэр, киһи баҕардаҕына тугу барытын кыайар, кини сүрэҕин эрэ үлэлэтиэн наада диэччилэр. Оттон Агния уһун сылларга утуйан баран уһуктубут курдук этэ. Биллэн турар, кини саастыылаахтара номнуо ыал аҕалара. Сорох эрдэлээбиттэр эһэлэр да буолбут этилэрэ.

Константин Иванович Агния олоҕор соһуччу киирбитэ. Олох аһыытын-ньулуунун өйүнэн-санаатынан билбит дьахтар ким да буоллун, сүрэҕин аһарга бэлэм этэ. Онон бу сааһырбыт эр киһи Агнияҕа ыалдьыттыыр. Кэлин хоно хаалар үгэстэммитэ. Кини Агния олоҕор эрдэ буолуохтаах эбитэ дуу, үгүс уларыйыылары аҕалбыта. Ол курдук, кини көмөтүнэн сааһыран эрэр Агния киэҥ-куоҥ дьиэ ылыммыта, ымсыырар саҕынньаҕын дьэ, кэппитэ. Ол эрээри, аһыы утахха кэмиттэн кэмигэр аралдьыйар огдообо ардыгар соҕотох дьахтарга боҕуу курдук буолара. Доҕотторун кытта бырааһынньыктаан дьэлтэччи көрөн киирэн кэллэҕинэ, Агния иһигэр олус абарар этэ. Чэй да куппат, ас да бэлэмнээбэт тоҥкуруун дьахтарга кубулуйара. Эр киһиэхэ атаахтаан таалалаабатах буолан, тугу күүтэрин, хайдах сыһыаннаһары ардыгар билбэт этэ. Онуоха бэйэтин да майгыта уустуга эрэйдээбитэ. Агния бэйэтин куруук чуумпу, элбэх саҥата иҥэтэ суох курдук сананара. Онто баар эбит, кыһыйдаҕына абардаҕына, атаҕастанным диэтэҕинэ иэйэн-куойан саҥарар эбит этэ. Биирдэ Константин Иванович аһары элбэх ханньааҕы иһэн төбөтө ыалдьан айгыстан, аарыгыран киэҥ дьыбааны киэптии сыппыта. Агния барыах-кэлиэх сирин булбакка, хайдах бу киһини киэр кыйдыырын санаан уһун киэһэтин атаарбыта. Кэбис, маннык киһи наадата суох, хайдах тыл көтөҕөн арахсар бэйэбиний диэн мунчаарбыта. Онтон дьэ, тыын ылан баран, тимир-тамыр курдук батары баттаан саҥарбата дуо. Оо, онуоха, били сылаас ньээкэ уйаны буллум дии санаабыт, айгыстыахтаах, аарыгырыахтаах эр киһи соһуйан да куттанан да кутуйах хороонун кэҥэппитэ. Дьалкыҥныы сылдьар төбөтүн ыарыыта арыый мүлүрүйүүтэ тахсар ааны былдьаспыта.

Хаһан даҕаны эр киһиэхэ анаан чэй куппатах, күөс күөстээбэтэх  дьахтар хаһан бу барыта бүтэрин кэтэһэр курдуга. Онто дьэ бүттэҕэ дии. Аны мантан антах эн олоххор биир да эр киһи моһуоннаах көстөрө саарбах, кэһэй диэбиттии сиэркилэ нөҥүө бэйэтин уйадыйбыт сирэйэ одуулаан турара. Дьиҥэ, саха дьахтарын сэмэй олоҕо-дьаһаҕа барыта күөс тула эргийэрин, эрин, оҕолорун тула буоларын хантан билээхтиэй. Ол да иһин буолуо, тимир аан тыастаахтык хайа быраҕылыннаҕа… Аны хаһан даҕаны аһыллыбаттык… Нэдиэлэ устата эрэйдэннэ даҕаны, кэмсиннэ даҕаны.

Оо, орто дьаҕыл дойдуга соҕотохсуйуу саҕа ыар сүгэһэр суох эбээт. Киэһэ, ордук кыһыҥҥы чуумпу киэһэлэр уһуннарыын… Саатар кыысчаана кэлэн сэргэхситиэн, эдэр саас барахсан манна олоруо дуо. Оттон хаһан эрэ, үлэ үгэнигэр умса түһэр кэмигэр, кыысчаана уончалааҕар этэ дуу, ийэтиниин өрүү бииргэ буоларга дьулуһара. Ахсыс этээс түннүгүнэн ийэтэ үлэтиттэн кэлэрин манаан турара субу баар курдук көстөр. Ол кэм аастаҕа түргэнин. Билигин кыысчаана номнуо устудьуон. Оттон Агния эмиэ соҕотох.

«Константин кэлиэ дуо?», — диэн иһигэр ботугураат, сэрэбиэйдиир кинигэтин арыйа баттаабыта. Онуоха, “ыалдьыт киирэн аан чанчыгар турда” диэн эппиэти көрөн, олус үөрбүтэ, долгуйбута. Киһи кыраттан да үөрэр, хомойор. Итии чэйдээх чааскытын уоһугар оргууй даҕайан, сыпсырыйан иһэ олорбута. Олох эмиэ бу итии чэйдээх чааскы курдук. Сатаан испэтэххэ, чэйи тоҕуохха да сөп, оттон олох сыыстахха, алҕас мүлчү тутан алдьатыахха да сөп эбит. Арай оргууй сэрэнэн сыпсырыйан истэххэ, чэй барахсан амтана, сыта үчүгэйиин. Олоҕум чааскылаах чэйин ортолотон баран, дьэ,  тыын ылан хат ыймахтаан эрэр эбиппин. Чэй амтана минньигэһиин. Урут чэй үүтэ, саахара суох суххай да буолар этэ. Ол барыта ыксаан, аанньа ахтыбакка, аахайбакка амсайартан эбит. Оттон билигин чыҥха атын. Агния чааскылаах чэйин эбии толорон биэрдэ. Кыысчаана бүгүн эмиэ кэлбэт. Доҕотторун кытта киинэҕэ барар. Дьахтар сэрэбиэйдиир кинигэтин ыраах уурда. Аан чанчыгар киирэн туруохтаах ыалдьытын ээр-сэмээр манаата. Сааһыран истэх ахсын олох ахсым ата дьигиһитэн ыраах да илдьэргэ  бэлэм. Агния ол ахсым акка олорсон баҕардар халлааҥҥа да харбаһыах курдук.

Эмискэ домофон тыаһаата. Дьахтар сүрэҕэ мөҕүл гына түстэ. Костябын диэн кэһиэҕирэн хаалбыт куолас домофон нөҥүө иһилиннэ… Аан чанчыгар туран кини тугу саныай. Олоҕун быстах ыалдьыта эбитэ дуу, уһун суолга айанныыр, кырдьыы боруогун тэҥҥэ атыллаһар аргыс эбитэ дуу…Остуолга Агния иһиэхтээх итии чэйэ «чэ, кытаат ыймахтыы оҕус, сойо иликпинэ» диэбиттии кэтэһэн турара…

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

2019 cыл. Тохсунньу 22 күнэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0