Ыһыах алгыһа суох буолбат. Ыһыах биир сүрүн сыала-соруга – Айыылардыын биир ситимҥэ киирэн, кинилэри бэйэ диэки эргитэн, кэлэр сылга этэҥҥэ олорор туһугар алгыстарын ылыы буолар.
Былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит үгэспит сөргүтүллэн, күннээҕи олоххо хото туһаныллар буолбута кэрэхсэбиллээх. Ол эрээри, сорох дьон ыһыахха кэлэн баран, алгыһы театрализованнай көрдөрүүнү, көннөрү артыыс оонньуурун күдээринэ көрөр курдук ылынара баар суол. Кинилэр ыһыахха аһыы-сии, кэнсиэри, күрэхтэһиини эрэ көрө кэлбит курдуктар. Бу алгыс дириҥ ис суолтатын билбэттэн тахсар.
Алгыс суолтата тугуй? Аныгы олоххо киһиэхэ хайдах дьайарый? Бу туһунан анаан үөрэппит уонна айылҕалаах дьоммут туох санаалаахтар эбитий?
Алгыс уонна алгысчыт туһунан сээркээн сэһэнньит Е.Д. Андросов анаан-минээн этэн биэрэн суруйтарбыт сүбэтэ маннык: «Мин билэрбинэн, алгысчыт эр киһи эбэтэр кырдьаҕас оҕонньор буолара. Алгысчыт дьахтары түбэһэн көрбөтөҕүм. Аал уоту 40 саастан саҕалаан, олох олорбут, үтүө тыллаах-өстөөх киһи алҕаан аһатар үгэстээҕэ. Алгысчыт аал уоту алгыырыгар туох баар сиэри-туому тутуһан, ымпыктаан-чымпыктаан этэн алгыыра. Иччилэри алгыырга сэрэхтээх буолуохха дииллэрэ. Иччилэр олус күнүүһүт буолаллара үһү. Ол иһин биири ааттаатыҥ да, барыларын этиэхтээххин.
…Аал уот иччитэ алгыһы ылыммыт буоллаҕына, уот төгүрүйэр курдук гынар. Оччоҕо «аал уотум иччитэ алгыспын ылынна» диэн буолар. Алгысчыт биир сыл устата киибэскэ (бохоруонаҕа) сылдьыбатах, киргэ-хоххо сыстыбатах ыраас киһи буолуохтаах. Кини алгыһын ис сүрэҕиттэн толорон, Үрдүк Айыыларга тылын тиэрдэр, онон дьоҥҥо-сэргэҕэ улаханнык убаастанар. Алгыстартан саамай сүдүлэрэ, улаханнара аал уокка алгыс буолар.» (Е.П. Чехордуна, Е.П. Иванова «Олоҥхо эйгэтэ» кинигэттэн).
Алгыс сиэрэ-туома
Афанасий Федоров, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үтүөлээх артыыһа, алгысчыт:
—Алгыс этэн, аал уот иччитин аһатан, ол нөҥүө иччилэргэ, Айыыларга тахсаҕын. Өскөтүн Айыылар ылыннахтарына, этиллибит тыл туолар. Ол аата алгыс Айыылартан тутулуктаах. Биһиги «Айыы оҕолоро» буолабыт. Ол быһыытынан, орто туруу дойдуга олох олорорбут, киһи буолан кэскиллэнэр кэммит алгыс нөҥүө Үрдүк Айыылартан көрдөһөрбүт-ааттаһарбыт дьайыыта буолар.
Былыр-былыргыттан алгыс тыла дириҥ ис хоһоонноох. Тыл сүмэһинэ, ырааһа, кэрэтэ барыта алгыска түмүллэр. Сиэр-туом толоруллар аналыттан, сыалыттан-соругуттан, ис хоһоонуттан көрөн, алгыһы хас да көрүҥҥэ араарыахха сөп: аал уот иччитин нөҥүө дойду иччилэригэр, Үөһээ Айыыларга алгыс этэн сүгүрүйүү, уйгуну-быйаҥы көрдөһүү. Бу улахан суолталаах алгыс ыһыахтарга, урууларга, Ынахсыт тардыытыгар, Айыыһыты атаарыыга, о.д.а. араас сиэргэ-туомҥа туттуллар. Уот иччитин нөҥүө алгыс этэн, куһаҕан тыынтан, кырыыс тыла-өһө иҥмититтэн арчыланыахха сөп. Оччоҕо оһол-моһол буулаабат, ыарыы-сүтүү кэлбэт буолар.
Аал уоту оттубакка эрэ, сиргэ-дойдуга, ытык маска, күөл, үрэх, өрүс, хайа иччилэригэр сүгүрүйэн алгыстыахха сөп. Күннээҕи олоххо туттуллар алгыстарга киирэллэр: киһини ыраах айаҥҥа атаарыы, чугас дьоҥҥор уонна уруу кэмигэр оҕолорго анаан аймах-билэ дьон үтүөнү баҕарыыта.
Сиргэ-дойдуга алгыс толорорго, илин диэки хайыһан туруохтааххын. Уот оттуоҥ иннинэ сир-дойду, тыа, күөл, алаас иччилэриттэн көрдөһөн, көҥүл ылыахтааххын. Өскөтүн көҥүл ылбакка эрэ уоккун отуннаххына, туругуҥ ыһыллан хаалар, оччоҕо алгыһыҥ тыла-өһө сатаан тахсыбат. Уоккун оттон баран, уот иччитин ааттаан, үрүҥ сылгы сиэлин, онтон үрүҥ астан кымыс, саламаат эбэтэр арыылаах алаадьы биэрэҕин. Хара сиэлинэн уоккун аһаттаххына, абааһылары ыҥырар курдук буолар, ону таһынан быырпаҕы (ынах үүтүттэн оҥоһуллубут кымыһы) уокка биэрбэттэр, сүөһү аллараа дойдуттан таттарыылаах. Ол иһин биэ кымыһа суох кэмигэр үрүҥ арыгыны туттуохха сөп. Кымыһы, саламааты баһарга мас хамыйах туттуллар. Хамыйаҕы уҥа илиигэр тутан, илииҥ иһинэн уоккун аһатаҕын. Өскөтүн илииҥ таһынан аһаттаххына, иччилэри буолбакка, абааһылары ыҥыраҕын.
Алгыс толоруллуутун сүрүн ирдэбиллэригэр киирэллэр: алгыс этиллэр тутулун тутуһуу, кылыһахтаах ырыаны ыллааһын, турукка киирии, саха төрүт култууратын үөрэтии уонна толору билии.
Бастаан алгыс этэргэр иччилэргэр, Айыыларгар туһаайаҕын, ол эбэтэр хас биирдиилэрин ытыктаан ааттыыгын, онтон тугу көрдөһөргүн этэҕин, ол кэнниттэн махтанаҕын. Холобур, ыһыахха уот иччитин Хатан Тэмиэрийэни, сир-дойду иччитин Аан Алахчын Хотуну, Дьөһөгөй Айыыны, Үрүҥ Айыы Тойону араас тыллары туттан, хоһуйаҕын. Ол кэнниттэн ыһыахха дьон хайдах бэлэмнэммиттэрин, түһүлгэ оҥоһуллубутун, иһит-хомуос, ас-үөл тэриллибитин, үөрүү-көтүү олохсуйбутун туһунан кэпсиигин. Дьэ, онтон дьолу-соргуну, быйаҥы, өлгөм үүнүүнү көрдөһөҕүн уонна махтанан баран, «уруй-айхал» тылларынан түмүктүүгүн.
Сахалар алгыһы толорор киһини олус ытыктыыллар. Үгүс өттүгэр алгыһы эр киһи толорор, оттон кыыс, дьахтар алгыһы толороро көҥүллэммэт. Тоҕо диэтэххэ, сахалар өйдүүллэринэн, дьахтар «кирдээх» (ыйдааҕыта кэлэр), ол гынан баран, кэнники 50 сааһын ааһан баран ыһыахтарга, Ынахсыт тардыытыгар — улахан сиэргэ-туомҥа, дьиэтин иһигэр эбэтэр тэлгэһэҕэ кыратык толоруон сөп.
Алгысчыт итэҕэллээх, саха култууратын, үгэстэрин үчүгэйдик билэр, сатаан туойар, тыла-өһө уус, көнө майгылаах, үтүө санаалаах, эйгэтин, тыынын кытта ситимнээх буолуохтаах.
“Алгыс атыыламмат”
Кулан Хаан, ойуун:
— Алгыс диэн оҕо оонньуута, култуурунай тэрээһин буолбатах. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, улахан, дириҥ суолталаах. Ылан көрүҥ, алгысчыттар олохторун-дьаһахтарын. Аһыы-сии сылдьар, бэлэмэ суох киһини, сатаан саҥарар эрэ диэн, сууйан-сотон баран, ыксалынан алгыс этиттэрдэхтэринэ, киһилэрэ уһаабат ээ, оҕустарыан, мөлтүөн сөп. Аны итэҕэйбэт, сатаабат, эдэр оҕолор алгыстаан бардахтарына, уҥуохтарыгар-силиилэригэр тиийэ оҕустаран, араас ыарыы буолан хаалаллар. Ити барыта көстүбэт эйгэ хамсааһынын көрдөрөр.
Алгыс диэн – өбүгэлэрбит хаалларбыт сүдү баайдара, бэлэхтэрэ. Алгыска ис сүрэхтэн итэҕэйэн, сиэрдээхтик сыһыаннаһыы ирдэнэр. Ыччат оонньуу-көр курдук ылынар буоллаҕына, ол биһиги, сааһырбыт, саас ортолоох дьон, буруйбут, ол аата сатаан тиэрдибэтэхпит.
Биир куһаҕан көстүү баар буолла. Сыбаайбаларга, үбүлүөйдэргэ ыҥыран алгыстаталлар. Тоҕо куһаҕан диибин? Харчыга кубулуйан хаалла. Дьиҥэ, алгыс атыыламмат. Алгыһы атыыласпаккын, алгыһы сыаналыахтааххын. Алгыс – олугу оҥоруу, олох түһүн түстээһин буолар. Холобур, урууга эдэрдэр инникилэрин көрөн кэбиһэҕин, сороҕор онно арахсаллар диэн көстөр. Оччоҕо өбүгэлэрин кытары кэпсэтэн, алы гыннаран, үлэлиигин. Тоҕо арахсалларый? Өбүгэлэрин олохторун хатылыыллар, нууччалыы эттэххэ, ис “гордыняны” кыайбаттар. Ону ыраастаан, көрдөһөн-ааттаһан, күнү быһа үлэлиигин.
Онуоха 20 мүнүүтэҕэ алгыһы оҥорторуохтарын баҕараллар. Ол 20 мүнүүтэлээх алгыска артыыһы, үҥкүүһүттэри ыҥыран, муусука холбоон, көрүнньүккэ эрэ оҥорторуҥ ээ, оччоҕо суолтата уларыйар – аралдьытыы, сааратыы буолан хаалар. Ол туһа туспа. Ол артыыскытыгар, дьэ, сыанатын быһыҥ.
Бу үөхсэн, мөҕүттэн эппэппин. Биһиги көмүскээбэтэхпитинэ, сиэрбитин-туоммутун таах сиргэ-буорга тэпсэн кэбиһиэхтэрэ. Сахалыы эйгэҕэ үлэлиир дьон бэйэбит да аҕыйахпыт. Бары тус-туспа, “мин” диэни өрө тутан сырыттахпытына, биир санааҕа кэлбэтэхпитинэ, барыта көргө-нарга кубулуйан хаалыаҕа. Ити улуукан, үҥэр-сүктэр үҥкүүбүт – оһуохай ис суолтатын сүтэрэн, оонньуу-көр, күрэстэһии, билсии-көрсүү туоната буолан хаалбытын курдук…
Кыратык эмэ сахабын дэнэр буоллахпытынан, дьиҥ-чахчы сиэрбитин-туоммутун, итэҕэлбит эйгэтин туруулаһыахтаахпыт. Ол – биһиги ытык иэспит. “Барыта үчүгэй буолуо” дии-дии бэйэни албыннана сырыттахпытына, сотору кэминэн барыта сүтүө – сиэннэрбит нууччалыы эрэ саҥарыахтара, сиэрбит-туоммут көргө-нарга кубулуйуо…
Ол иһин ис суолтатын өйдөөн, сиэргэ-туомҥа, айылҕаҕа, сиргэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт. Оччоҕо тирэхтээх буолуохпут. Ыһыахпытын, алгыспытын, оһуохайбытын – араас дорҕоон көмөтүнэн бэриллэр, ис туругу арыйар, айылҕаны кытта ситимниир ньымаларбытын сөргүтэн, бары холбоһон, “ол киһи үөрэҕэ, бу киһи үөрэҕэ” диэн арахсыбакка, күүһүрэн-кыаҕыран иһиэх этибит. Ити ким эрэ үөрэҕэ буолбатах, өбүгэ билиитэ, баайа-дуола, саха итэҕэлэ, ону ыһан-тоҕон, суолтатын сүтэрэн кэбиспэккэ, бэйэбит туспутугар туһаныахха.
Самаан сайын барахсан кэлбитигэр сүргэни көтөҕөн, куту-сүрү бөҕөргөтөн, ырааһыран, айылҕа күүһүн иҥэриниэҕиҥ, дойдубутун бэйэбит баһылаан-көһүлээн, биир сомоҕо буолуоххайыҥ!
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СИА.