Итэҕэй-итэҕэйимэ: Үөр уйаламмыт дьиэтэ

Ааптар:  Евдокия Слепцова
Бөлөххө киир:
Бу түбэлтэ биир ыраах улуус дэриэбинэтигэр буолбута. 1990-с сыллардаахха биир эдэр ыал көһөн кэлбитин эргэ дьиэҕэ олохтообуттара.

Эр киһи бэтэринээрдээбитэ, кэргэнэ биир саастаах уол оҕотун көрөн олорбута. Бастаан барыта үчүгэй этэ: дэриэбинэ олохтоохторо эдэр ыалы сөбүлээбиттэрэ, билсэн-көрсөн доҕордоһон, көмөлөсүһэн испиттэрэ.

Арай, биир киэһэ хойут бэтэринээри туох эрэ куһаҕан оту сиэн ыалдьыбыт ынахха ыҥырбыттар. Кэргэнэ дьиэҕэ оҕотун кытары хаалбыт. Түүн ортото эмискэ, хаһан да аймаммат, ытаабат оҕото ытаан уһуктубут. Ийэтэ: “Оҕом ыарыйдаҕа дуу”, — дии санаан турбут. Кырачаан уол ороно дьонун кытары биир хоско эрээри, таҥас быыс нөҥүө турара. Дьахтар быыһы арыйа тардаат, хаһыытыы түспүт – ытыы сытар оҕо аттыгар кып-кыһыл сирэйдээх эмээхсин турар уонна токур тарбахтарынан оҕо төбөтүн имэрийэр эбит! Ийэ барахсан оҕоҕо таптала туохтан толлуой, ол эмээхсиҥҥэ утары ыстаммыта, онуоха куһаҕан тыын сүтэн хаалбыта. Дьахтар уолчаанын көтөҕөн ылаат, чугас ыалларыгар куоппут.

Сарсыарда кэргэнэ кэлэн ойоҕун кэпсээнин итэҕэйбэтэҕэ. Ойоҕо мантан көһөн барыахха диэбитигэр туох да иһин сөбүлэммэтэҕэ. Онон, ити дьиэлэригэр салгыы олорбуттара. Хас да нэдиэлэ ааспытын кэннэ, эр киһи биллэ-көстө дьүдэйэн барбыта. Олус ырбыта, өрүү төбөтө ыалдьарын туһунан этэр буолбута, түүнүн сатаан утуйбакка баттатара. Ыаллыы олорор дьоннор улахан тымныылар түһэ иликтэринэ, атын дьиэҕэ көһөргө сүбэлииллэрэ. Ол эрээри, ол этэр дьиэлэрэ олус эргэ этэ уонна урут олорбут дьон этэринэн, тымныы буолан, оҕобут ыалдьан хаалыа диэннэр көспөтөхтөр. Кэргэнэ күнтэн күн мөлтөөн иһэрин көрөн, ойоҕо бу куһаҕан сиртэн барыахха диэн көрдөһө сатыырын эр киһи буолуммат эбит. Сотору орон киһитэ буолбута… Аҕыйах хоноот, анараа дойдуга аттаммыта. Туохтан өлбүтэ биллибэтэҕэ, быраастар чинчийиилэрэ туох да ыарыыны булбатаҕа.

Кэргэнин кистээн баран, дьахтар бэйэтэ бэйэтигэр бүкпүтэ. Күнү быһа ытыыра, туохха да наадыйбат, тугу да интэриэһиргээбэт буолбута. Кинини кырачаан уолун кытта дьүөгэ дьахтара дьиэтигэр олордо ыҥырбыта. Биирдэ, дьиэлээх дьахтар түүн кыайан утуйбакка, тэлэбиисэр көрө олорбут. Арай, көрбүтэ, ыалдьыта оҕотун суорҕаҥҥа суулаан, бэйэтэ чап-чараас сонун кэтэн, таһырдьа тахсаары ааҥҥа турар эбит.

— Тыый, ханна бардыҥ? – диэн ыйыппытыгар, тугу да саҥарбатах. — Таһырдьа тыбыс-тымныы! Бэйэҥ ыалдьыаҥ, оҕоҕун тымнытыаҥ! – диэн хаһаайка сүүрэн тиийэн, оҕону былдьаабыт.

Огдообо барахсан түргэн-түргэнник чыпчылаҥнаан баран, ытаан киирэн барбыт. Өлбүт кэргэнэ олоро сылдьыбыт дьиэлэригэр ыҥырар куолаһын истэн бараары гыммытын туһунан кэпсээбит…

Аҕыйах хонук ааспытын кэнниттэн хаһаайка таһынааҕы хоско оҕо хаһыытыттан уонна ким эрэ күүскэ мөхсөр тыаһыттан уһуктубут. Сүүрэн тиийбитэ: огдообо сиргэ сытан, көстүбэт кими эрэ кытта охсуһар уонна ол көстүбэтэ кинини хос устун төттөрү-таары соһор курдук эбит. Дьиэлээх дьахтар куттанан хаһыытаабытыгар, тута барыта чуумпуран хаалбыт, арай, кырачаан оҕо эрэ ытыы сыппыт.

Ыалдьыт дьахтар уоскуйан баран кэпсээбитинэн, өлбүт кэргэнэ кэлэн уолларын былдьаһа сатаабыт. Дьахтар оҕотун биэримээри гыммытыгар анарааҥҥыта кинини тыынын хаайа, кырбыы сатаабыт. Ол кэнниттэн огдообо этигэр-сиинигэр көҕөрдүүлэр, моонньугар тарбах суола тахсыбыт.

Сарсыҥҥы күнүгэр ыаллыы дэриэбинэттэн көрбүөччүнү ыҥырбыттар. Көрбүөччү били дьиэҕэ урут хаста да кэлэ сылдьыбытын, итинтэн куһаҕан тыыны үүрэригэр кини күүһэ тиийбэтин туһунан эппит. Ити дьиэ дьон дууһатынан аһылыктанарын туһунан кэпсээбит уонна бу дойдуттан баралларыгар сүбэлээбит.

— Эн өлбүт кэргэниҥ куһаҕан тыын, үөр, буолбут, мантан барбатаххына, эйигин сүгүн олордуо суоҕа. Ити дьиэҕэ барыта өлбүт дьон үөрэ, тыыннаах киһиэхэ онно миэстэ суох, — диэбит.

Аҕыйах хоноот, огдообо дьахтар уолун илдьэ ити дэриэбинэттэн барбыт. Оттон ол дьиэ билигин да баар, иччитэх турар. Дьон онно уот умайан турарын уонна түннүккэ эр киһи күлүгэ көстөрүн көрөллөр, сорохтор ыһыыны-хаһыыны истэллэр эбит.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0