Италия альпиниһа Победа хайаны дабайыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аан дойду биир бастыҥ альпиниһа, итальянец Симоне Моро Саха сиригэр Победа хайаны дабайар сыаллаах кэлбит. Сыалын-соругун туһунан Facebook социальнай ситимҥэ бэйэтин страницатыгар суруйбут.

Симоне Моро аҕыс тыһыынча миэтэрэ үрдүктээх аҕыс хайаны дабайбыт киһинэн биллэр. Кини спорт наукатын доктора уонна хайаҕа тахсыан баҕалаах дьону сирдиир идэлээх. «3003 миэтэрэ үрдүктээх Победа хайаны Моро хамаандата дабайарыгар Саха сирин тымныыта күүстээх мэһэйи оҥоруо»- диэн Rock and Ice альпинистар сурунааллара бэлиэтээбитэ. Маны таһынан, Симоне Моро хайаны дабайан баран аан дойду альпинистарын Саха сиригэр угуйар сыаллаах.

Морону кытта Италия альпинистката Тамара Лунгер, фотограф уонна альпинист Маттео Занга уонна суруналыыс Филиппо Валоти Алебарди Победа хайаҕа ыттыахтара. Сирдьитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин альпиниһа Олег Сайфулин барсыаҕа.

Санатан эттэххэ, Победа хайа Черскай арҕас хайатын муҥутуур чыпчаала буолар. Хайа Уус Ньара бөһүөлэгиттэн 180 км ыраах сиргэ баар.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0