IT сатабыллара — аныгы олох ирдэбилэ

Бөлөххө киир:

Тохсунньу 18-26 күннэригэр Саха сирин орто үөрэх тэрилтэлэрин икки ардыларыгар WorldSkills идэтийбиттэр чемпионаттара буола турар. WorldSkills региональнай таһымын чемпионатыгар өрөспүүбүлүкэ эдэр профессионаллара саҥа IT-компетенцияларынан оонньуохтара. Саҥа IT- компетенцияларга киирэллэр: инженернэй дизайн CAD (САПР), промышленнай автоматика, инфокоммуникационнай ситим, компьютернай оонньуу, мультимедийнэй приложение, компьютерынан 3D моделирование, анализ уонна тас информационнай куттал суох буолуута, быыһыыр үлэ, оскуолаҕа музыканы үөрэтии.

Биллэн турар, маннык бүттүүн промышленнай уонна IT-компетенция – олохпут ирдэбилэ. Ол иһин, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев маны Саха сирин саҥа стратегическай соруктарын уонна экономика сайдыытын кытта ыкса сибээстиир.

Санатар буоллахха, 2013 сыллаахха бастаан бу хайысхаҕа алта компетенцияҕа идэтийбиттэр күрэхтэспит эбит буоллахтарына, быйыл 2019 сылга компетенция ахсаана 53 буолуо, оттон юниордар 30 тахса компетенцияҕа күрэхтэһиэхтэрэ.
Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, чемпионат кыттыылаахтарын ахсаана сылтан-сыл элбээн иһэрэ уонна бэлэмнэрин таһыма үрдүүрэ эдэр профессионаллары көҕүлүүр күүс буолар, кинилэр идэлэрин билиилэрин таһыма үрдүүрүгэр көмөлөһөр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0