Биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарбыт оҕо ахсаана өссө икки киһинэн эбилиннэ. Историяны Дьокуускай куорат Н.О. Кривошапкин аатынан 5-с нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччитэ Елена Тимофеева, физиканы Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт үөрэнээччитэ Станислав Новиков 100 баалга туттардылар.
Историяҕа уонна физикаҕа биир кэлим эксээмэн түмүгүн көрдөрүүтэ ааспыт сылы кытта тэҥ. Физикаҕа ирдэниллэр алын баалы (порог) ылбатах оҕо ахсаана биллэ аҕыйаата. Математикаҕа 100 баалга биир даҕаны оҕо туттарбатах эрээри, уопсай көрдөрүү тупсубут.
“Уустугурдуллубут (профильнай) математиканы үрдүк (70-тан үөһэ) баалга 792 кыттааччы туттарда, итинтэн 90-тан үөһэ баалы 33 киһи ылла”, — диэн СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Михаил Сивцев иһитиннэрдэ. Миниистир этэринэн, бу биридимиэккэ орто тестовай баал былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, 2,3 баалынан үрдээбит.
Бу күннэргэ, бэс ыйын 24 уонна 25 күннэригэр сүрүн түһүмэх бүтэһик эксээмэнин информатиканы уонна ИКТ туттараллар. Санатан эттэххэ, быйыл аан маҥнайгытын информатика уонна ИКТ эксээмэнэ көмпүүтэр көрүҥүнэн ыытыллар. Эксээмэн түмүгүн от ыйын 8 күнүттэн хойутаабакка билиэхтэрэ.
БКЭ сүрүн түһүмэҕэ ыам ыйын 31 күнүттэн от ыйын 2 күнүгэр диэри (бэс ыйын 28 – от ыйын 2 күннэрэ – эрэсиэрбэ күннэр) буолар.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Хаартыска: http://old-sesc.nsu.ru/main/study-news/1152-vypusknik-sunc-ngu-sdal-dva-egje-na-100-ballov.html