История пааркатыгар – Ийэ тыл күнүгэр аналлаах тэрээһин

Ааптар: 
08.02.2019
Бөлөххө киир:

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө “Арассыыйа – мин историям” история паарката сэргэх тэрээһини ыытта.

edersaas.ru

Тэрээһин сахалыы сиэринэн алгыһынан саҕаланна. Сиэри-туому алгысчыт, култуура исписэлииһэ Саргылаана Николаева-Тупсаана толордо.

Түмэл сырдатар, быыстапкалыыр салаатын үлэһитэ Виктор Борисов: “Бу тэрээһиммит саха тылыгар ананар. История паарката С.Н.Донской аатынан институту кытта кыттыһан ыытабыт. Манна сүрүннээн саха тылын учууталлара кытыннылар. Тэрээһин барылынан лингвист-учуонай С.А.Новгородов туһунан “Лингвист” диэн киинэни устубут айар бөлөҕү кытта көрсүһүү уонна киэҥ хабааннаах “Квест” оонньуу, тиэмэнэн экскурсиялар буоллулар. Түмэл эрэгийиэннээҕи контеныгар саха тылын, саха алпаабыта айыллыытын туһунан баар. Учууталлар ону көрдүлэр”, — диэн кэпсиир.

“Лингвист” киинэни дьон сэргээн көрдө. Сорох түгэннэргэ дьон отур-ботур кэпсэтэр, “ээ” дэһэр тыллара иһиллэллэр. Учууталлар мустубут буолан, үксэ сыһыаннаах дьон. “Бу түмэлгэ кэлэн тылга сыһыаннаах элбэх түһүмэхтэри көрдүбүт, кытынныбыт. Биһиги сыалбыт – квест оонньуу. Билиини-көрүүнү хаҥатар, туһалаах оонньуу эбит. Үксүн саха литэрэтиирэтигэр олоҕурбут, историяҕа сыһыаннаах, ол гынан баран, толкуйдатар түгэннэрэ эмиэ баарын биһирээтибит. Учуутал буоларбыт быһыытынан маннык оонньууну үөрэнээччилэрбитигэр тэрийиэхпитин сөп эбит диэн түмүккэ кэллибит. Хомойуох иһин, оонньуур буолан, киинэни көрбөтүбүт”, — диэн биэс хамаандаттан бастаабыт “Күбэйэ” хамаанда  кыттааччыта,  Саргылаана Асекритова үөрүүтүн үллэстэр.

Ийэ тыл күнүн чэрчитинэн араас тэрээһиннэр буола тураллар. Сахалыы тыллаах дьону кыттыҥ, санааҕытын этиҥ диэн ыҥырабыт.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0