Сүбэ: истириэстэн хайдах быыһанабыт

Ааптар: 
05.03.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Кэнники кэмҥэ аан дойду үрдүнэн буола турар балаһыанньаттан, араас сонуннартан киһи ыксыыр-ыгылыйар, устунан истириэскэ да киириэн сөп. Маннык түгэҥҥэ, төттөрүтүн, ыгыллыбакка, холкутуйуох тустаахпыт. Оччоҕо эрэ дьэҥкэтик толкуйдуугун, түргэнник дьаһанаҕын, сыыһа хардыылары оҥорбоккун. Өр кэмнээх истириэс киһи доруобуйатын алларытар кыахтаах. Истириэс кэмигэр киһи бэйэтигэр хайдах көмөлөһүөн сөбүй?

Истириэс киһи тыын­наах хааларыгар, уустук балаһыанньаҕа түргэнник үөрэнэ охсоругар көмөлөһөр. Мэйиигэ баар гипоталамус, гипофиз көмөлөрүнэн салаллар. Оттон бэйэбит ону салайар кыахпыт суох эрээри, ол содулун туоратар, эппитигэр-сииммитигэр көмөлөһөр кыахтаахпыт.

Биһигини гормоннар сала­йаллар. Истириэс, куттал кэмигэр адреналин уонна норадреналин диэн гормоннар тахсаллар. Тыыныы, сүрэх тэбиитэ түргэтиир, быччыҥнар, мэйии хаанынан хачайданаллар. Бу аата, куттал тирээтэҕинэ, куот уонна быыһанар туһуттан түргэнник толкуйдаа диэн айылҕаттан бэриллибит көмүскэлбит.

Салгыы хайдах дьаһанарбыт бүөр үрдүнээҕи былчархайдар (надпочечники) кыахтарыттан уонна бэриллибит удьуор­дааһынтан (генетикэттэн) ­тутулуктаах. Ыксаллаах түгэҥҥэ дьон сүрүннээн икки көрүҥүнэн хамсаналлар эбит:

  • Симпатическай ньиэрбинэй систиэмэлэрэ баһыйар дьоҥҥо элбэхтик дофамин уонна кортизол диэн гормоннар тахсаллар “оҕус, эбэтэр, куот” диэн дьайыылара хааннарыгар баар. Маннык дьон кыраттан да кыыһыра, боо­тургуу түһэллэр, куруук тугу эрэ гыныахтарын, ханна эрэ сүүрүөхтэрин-көтүөхтэрин наада. Үгүстүк долгуйаллар, ыксыыллар, өрүкүйэллэр, куһаҕаннык утуйаллар.
  • Парасимпатическай ньиэрбинэй систиэмэлэрэ баһыйар дьону тастан көрдөххө, туохха да кыһаммат, кыраттан ымыттыбат курдуктар. Истириэс кэмигэр бытааран хаалаллар, бэйэлэригэр бүгэллэр, көрбөтөх-истибэтэх курдук, күннээҕи дьыалаларынан дьарыктана сылдьыахтарын сөп.

Көмө да араастаах

Маннык уустук түгэҥҥэ эппитигэр-сииммитигэр хайдах көмөлөһүөхпүтүн сөбүй? Бастакы көрүҥнээх дьоҥҥо:

Бастатан туран, бүөр үрдүнээҕи быччархайдарга көмөлөһүөххэ наада. С битэмиини (дөлүһүөн утаҕа, гибискус, хахтары оргутуллубут лимон), магнийы, В битэ­мииннэр бөлөхтөрүн, тигээйи бородууксуйатын (“маточное молочко”, перга), мумиены, о.д.а. иһэр туһалаах.

Маны тэҥэ, тыыныы гимнастиката, спорт, муусуканы истии, аутогеннай эрчиллии, инфракраснай уотунан терапия, үчүгэйдик уту­йуу, эпсом-туустаах, эфирнэй арыы­лаах баанналар, от чэйдэр (ромашка, пустырник, валериана, мелисса) көмөлөөхтөр. Утуйан быстыбат дьон киэһэ маннык от чэйдэринэн күөмэйдэрин сайҕаныахтарын сөп: оччоҕо парасимпатическай ньиэрбэ систиэмэтэ холбонон, киһи уоску­йар, кытаанахтык утуйар.

Иккис көрүҥнээх киһиэхэ, тугу да баҕарбат, баттаммыт, сылайбыт турукка киирэн хааллаҕына, көмө наада. Эрдэ утуйан, эрдэ туран, сүүрэн, түргэнник хааман, ыстаҥалаан, быччыҥнарын үлэлэтиэхтээх. Сарсыарда 7 чаас диэки симпатическай ньиэрбэ систиэмэтэ күүскэ үлэлиир. Бу кэннэ суунан-тараанан, кураанах суокканан массаастаныы, кулгааҕы имитии туһалаах.

Айылҕа күүһүн туһаныы

Истириэс кэмигэр бүөр былчархайдара элбэх кортизолу оҥорон таһаараллар. Ол түмүгэр киһи иһин диэкинэн сыаланар, элбэхтик ыалдьар, либидо мөлтүүр, мэ­­йиитэ эргийэр, сэниэтэ суох буолар. Кортизол үрдээтэҕинэ, оһоҕос микробиотата уларыйар, онон пробиотиктары иһиэххэ наада. Магнийдаах баанналар күүрүүнү уһулаллар, күүс-сэниэ эбэллэр.

Истириэс куһаҕан дьайыытын тохтотор эмтэр суохтар, ол эрээри, организм ноҕуруусканы утары охсуһарыгар көмөлөһөр оттор бааллар.

  • Ашваганда – кортизол таһымын 26%-ҥа диэри намтатар. Соҕуо былчархайын (щитовидная железа), ньиэрбэ систиэмэтин үлэлэрин тупсарар, иммунитеты бөҕөргөтөр, хааҥҥа саахар таһымын түһэрэр.
  • Тэтэркэй родиола – организм истириэһи утары охсуһар кыаҕын күүһүрдэр, сылайбыты сүтэрэр, үлэлиир кыаҕы күүһүрдэр. Сүрэх, ­ньиэрбэ үлэтигэр туһалыыр.
  • Лимонник – иммуннай, эндокриннай, ньиэрбинэй, сүрэх-тымыр, тыынар уорганнар систиэмэлэрин үлэлэригэр көмөлөһөр. Хааҥҥа саахар таһымын түһэрэр.

Туох содуллааҕый?

Истириэс киһиэхэ дьайыыта төһө күүстээҕиттэн уонна төһө өр буоларыттан тутулуктаах. Күүстээх истириэс уонна мөлтөх эрээри, өр кэмнээх истириэс доруобу­йаҕа ордук охсуулаахтар. Аан бас­­таан организм бары систиэмэлэрин үлэлэрэ кэһиллэр, мөлтүүр, онтон ыарыы үөскүүр. Куртах, сүрэх, тыҥа аан бастакынан охсууну ылаллар.

Тугу да гымматахха, өр кэмнээх истириэс түмүгэр саахар диабета, гипертония, инсульт, сүрэх ишемическэй ыарыыта, искэннэр үөскүөхтэрин сөп. Ону тэҥэ, маннык ыгыллыыга сылдьар киһи эрдэ кырдьар, үйэтэ кылгыыр.

Чугас доҕоттордоох, дьиэ кэргэннээх, бигэ тирэхтээх киһи истириэһи чэпчэкитик аһарынар. Арыгылааһын, табахтааһын исти­риэстэн быыһаабаттар, кылгас кэмҥэ умуннаран баран, өссө күүскэ киирэр.

Өр кэмнээх истириэс организмы кэрбээн сиир, мөлтөтөр уонна бытааннык өлөрөр диэн учуонайдар этэллэр. Онон, киһи истириэстэн босхолонору, содулун туоратары билиэхтээх, сатыахтаах.

Тускар туһан

Бу хал буолбут тулалыыр эйгэттэн, күннээҕи олохтон атын сиргэ барыы, саҥа дьону кытта алтыһыы киһи өйүн-санаатын уларытар, ыраастыыр. Холобур, турбазаҕа, дэриэбинэҕэ баран, сынньанан, саҥа толкуйу тобулан кэ­­лиэххэ сөп. Атын сиргэ атыннык толкуйдуугун.

Күн аайы оҥорор дьайыылартан мэйии хал буолар, сылайар. Онон хаһан да оҥоро илик дьайыыгын оҥордоххуна, мэйии саҥаны, сонуну ылынан, атыннык үлэлээн барар (саҥа нейроситимнэр үөскүүллэр). Холобур, сноуборд, квест-оонньуу, саҥа хобби, маастар-кылаас, о.д.а.

Маны тэҥэ, эрдэ утуйуу, сөпкө аһааһын, үлэни-сынньалаҥы дьүөрэлээһин, хамсаныы, айылҕаҕа күүлэйдээһин, баанньыкка сылдьыы, массаас көмөлөһүө. Антиоксиданнар (С, Е битэмииннэр, селен, бета-каротин, ликопин) исти­риэс кэмигэр элбэхтик тахсан, килиэккэлэри алдьатар көҥүл радикаллартан көмүскүүллэр.

Куруук куһаҕан сонуннары көрүү-истии киһини олус баттыыр. Тула барыта куһаҕан курдук буолан барар. Инники олохпут эмиэ куһаҕан буолан көстөр. Оттон эн сонуну көрүмэ, тулаҕын көр: хайдах курдук чаҕылхай күн тыкпытый, күөх халлаан күлүмүрдээбитий, сандал саас мичээрдээбитий? Таһырдьа тахсан хаамп, хайыһардаа, хаҥкылаа, сыыртан сырылаа, оҕолордуун оонньоо… Субу сибилигин, субу манна олох үчүгэйин бил, буола иликтэн долгуйума.

Куһаҕан сонунтан, дьон саҥатыттан-иҥэтиттэн куотар кыаҕыҥ суох буоллаҕына, бэйэҕэр “харысхал хаххатын” оҥоһун.

“Харысхал хаххата”

Хараххын симэн тураҕын, дириҥник тыынаҕын. Этиҥ-сииниҥ тула, биир илии тиийэринэн тэйиччи, сымыыт курдук быһыылаах, сырдыы умайар кыһыл көмүс хах үөскээбитин хараххар оҥорон көрөҕүн. Туох баар кир-хох, куһаҕан тыл, санаа бу хаххаҕа кэлэн анньыллаат, тэйэн биэрэрин, иһирдьэ кыайан киирбэтин көрөҕүн. Ким эрэ эн тускунан куһаҕаннык саҥарар буоллаҕына “бэйэҥ гиэҥҥин бэйэҥ ыл!” диэн ботугуруугун. Куһаҕаны ылымматаххына, эйиэхэ тиийбэт.

Кириисистэн тахсар көрүдүөр

Кириисис хаһан эрэ син биир бүтэр уһуктаах. Ыксаллаах кэмҥэ киһи биир уһуктан атын уһукка барыан сөп: ыгылы­йар, уолуйар, эбэтэр, сыалыттан, баҕа санаатыттан аккаастанан, тугу да гыммакка, бэйэтигэр бүгэн хаалар. Кириисис кэмигэр сорохтор элбэҕи сүтэрэллэр, оттон сорохтор, төттөрүтүн, эбинэллэр,  уопутураллар. Бу кинилэр туруктарыттан уонна хайдах дьаһаналларыттан ­тутулуктаах.

Бэйэ туругун хонтуруоллаан, түргэнник дьаһанан, үөрэнэргэ, уларыйарга бэлэм буоллахха, кириисиһи сүтүгэ суох туоруохха сөп. Кириисис сороҕор хамсатар күүс ­буолар.

Оҕоҕо хайдах көмөлөһүөххэ?

Наталья Гармаева, психолог:

— Улахан дьон долгуйуулара, куттаныылара оҕолорго эмиэ бэриллэр. Оҕоттон кистиир, сымыйалыыр табыгаһа суох. Оҕо син биир туора дьонтон, саастыылаахтарыттан, интэриниэттэн истэр, билэр. Онон төрөппүт бэйэтэ быһааран биэрэрэ ордук. Тугу да эппэккэ, кистии сырыттахха, оҕо бэйэтэ оҥорон көрүөн, онтуттан куттаныан, сыыһа түмүктэри оҥостуон сөп.

Оҕо ханнык баҕарар сааһыгар төрөппүтүн өйөбүлүн, көмүскэлин билиэхтээх. “Эн куттанаргын, долгуйаргын биһиэхэ этэр буол. Хаһан баҕарар өйүөхпүт, көмүскүөхпүт. Эйигин таптыыбыт. Бары биир хамаанда буолабыт” диэн этэргит оҕоҕо эрэли үөскэтэр, күүс-уох биэрэр.

Үксүгэр төрөппүттэр оҕо иэйиитин аахайбаттар: “Па, ити уолтан куттанаҕын дуо? Кини эйигиттэн кыра дии”. Оҕо иэйиитин тэҥҥэ үллэстэр улахан суолталаах. Сороҕор, оҕо бэйэтин иэйиитин сатаан таһаарбат. “Эн билигин куттанаҕын, долгуйаҕын дуо? Мин эмиэ долгуйабын. Ол эрээри, туох да буоллун, ийэҥ-аҕаҥ эн диэки буолуохтара” диэн баран, оҕону кууһан ылыллар. Улахан киһи кини иэйиитин өйдүүрэ, кууһара-сыллыыра оҕо кутталын, долгуйуутун си­­мэлитэр.

Төрөппүт аан бастаан бэйэтигэр көмөлөһүөхтээх, уоскутунуохтаах. Оччоҕо эрэ чугас дьонугар көмөлөһөр ­кыахтаах.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ»

СИА хаартыската

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0