Үрдүк үүнүүнү ыларга үчүгэй хаачыстыбалаах сиэмэни булан туһаныы быһаарар суолталаах. Онуоха туох сүрүн ирдэбиллэрдээҕий?
Бастатан, үүнээйи сиэмэтин кытта сыыс от сиэмэтэ, үүнээйи араас ыарыыта, буортулаах үөн-көйүүр киирэн кэлсиэн сөп. Үүнээйи сиэмэтин харайыы сиэмэ хаачыстыбатыгар дьайар. Ол курдук, үүнээйи сиэмэтин суорда судаарыстыбаннай реестргэ киллэриллибит буолуохтаах. Ону тэҥэ харайыыга уонна сиэмэ хаачыстыбатыгар хас култуура аайы анал судаарыстыбаннай стандартар бааллар.
Туһааннаах биэдэмэстибэлэр хонтуруоллуулларын үрдүнэн харайыы, атыылааһын уонна туһаныы ирдэбиллэрин кэһии түбэлтэтэ тахсыталыыр. Үүнээйи сиэмэтин аҕалан атыылыыр биирдиилээн дьон сиэмэ хаачыстыбатын туоһулуур докумуоннаах буолуохтаахтар уонна хаачыстыбаны мэктиэлиэхтээхтэр. Ол эбэтэр хас биирдии атыыланар бакыакка фирма аата, аадырыһа, төлөпүөнэ, тустаах култуура аата, суорда, суордун уонна ыһыыга хаачыстыбатын стандартара, баартыйа нүөмэрэ, бакыат иһигэр баар сиэмэ ыйааһына эбэтэр ахсаана, атыыланар болдьоҕо толору ыйыллыбыт буолуохтаахтар.
Сиэмэни үүннэриинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга бурдук сиэмэтигэр апробацияны ааспытын туһунан аакта, хортуоппуйга аһыгар анаалыс аактата, бэйэтэ туттар буоллаҕына сиэмэ хаачыстыбатын туоһулуур докумуон, атыылыыр түгэнигэр анал сертификаттар ирдэниллэллэр. Үүнээйинэн идэтийэн дьарыктанар дьон, хаһаайыстыбалар атыылыыр дьонтон бу докумуоннары булгуччу көрдөрүөхтээхтэрин модьуйар бырааптаахтар.
Бэрэбиэркэлээһин түмүгэр ити ирдэбиллэри тутуспакка туран үүнээйи сиэмэтин атыылыыр, харайар, туттар түбэлтэҕэ РФ административнай быраабы кэһии туһунан кодексын 10.12 ыстатыйатыгар олоҕуран, биирдиилээн дьон 3 мөһөөхтөн 5 мөһөөххө диэри, дуоһунастаах дьон 5 мөһөөхтөн 1 тыһ. солкуобайга диэри, юридическай сирэйдэр (хаһаайыстыба, тэрилтэ) 5 тыһ. солкуобайтан 10 тыһ. солкуобайга диэри административнай ыстараапка тардыллыахтарын сөп.
Сергей СВИНОБОЕВ, Россельхознадзор Саха сиринээҕи управлениетын исписэлииһэ.