Норуокка иккис килиэбинэн ааттаммыт хортуоппуй Саха сиригэр олордуллубута икки үйэҕэ чугаһаата.
edersaas.ru
Суруйааччы Иван Гончаров «Паллада» фрегатынан акыйааннары уонна муоралары нөҥүөлээн устан баран, 1854 сыл күһүнүгэр Айаантан Дьокуускайга айанныыр кэмигэр олохтоох нууччалар уонна сахалар бурдугу, көлөпүнэни таһынан оҕуруот аһын (ол иһигэр, хортуоппуйу) үүннэрэллэрин сөҕөн-махтайан суруйбута.
Хортуоппуй ыһыытын иэнэ уонна үүнүүтэ 1980-1990 сылларга муҥутуурдук улааппыта. Биллиилээх хортуоппуй үүннэрээччилэр А.С.Иванов («Саҕынньахтаах» сопхуос), Г.П.Иванов («Покровскайдааҕы» УоПХ), И.К.Котрус («Маҕан» сопхуос), В.Д.Цой (Дьоруой Попов аатынан сопхуос) салайар звенолара чыпчаал көрдөрүүлэри ситиспиттэрэ. Агрономическай сулууспа таһыма үрдүк буолан, олохтоох хортуоппуй сиэмэтэ эрэ олордуллара. Ол иһин, өрөспүүбүлүкэ таһыттан үүнээйини кэҕиннэрэр үөн, ыарыы уонна сыыс от өтөн киириитэ суоҕун кэриэтэ этэ.
Сүүрбэ-отут сылтан бэттэх биирдиилээн дьоннор уонна тэрилтэлэр хортуоппуй сиэмэтин өрөспүүбүлүкэ таһыттан, Голландияттан, Белоруссияттан тиийэ аҕалар идэлэннилэр. Ардыгар ити сиэмэни кытары урукку өртүгэр көстүбэтэх кутталлаах сыыс оттор сиэмэлэрэ, кэрбиир үөннэр кэлсэллэр. Холобур, 2012 сыллаахха “Россельхознадзор” Саха сиринээҕи управлениетын иниспиэктэрдэрэ Алдан оройуонугар Тобук диэн сиргэ чааһынай дьон ыһыытыттан хортуоппуй көмүстүҥү нематодатын булбуттара.
Көмүстүҥү нематода үөнэ төгүрүк чиэрбэлэргэ киирсэр, Соҕуруу Америка Анды хайаларыттан төрүттээх, Европаҕа аан бастаан 1913 с. Германияҕа көстөн турар. Хортуоппуй силиһин кэрбиирин түмүгэр, хортуоппуй үүнүүтэ 30-90 % кэхтэр. Анал литератураттан көрдөххө, ордук биирдиилээн ыаллар ыһыыларыгар тарҕанар. Ыаллар хортуоппуйу уонунан сыллар тухары биир сиргэ уларыппакка олордоллоруттан нематода цистата (хаҕа) буорга мунньуллар, тыйыс усулуобуйалаах хайалартан төрүттээх буолан тымныыны, курааны уонна сииги тулуйар эбит. Саха сирин хортуоппуйу үүннэрэр оройуоннарын килиимэтэ бу үөн сайдарыгар табыгастаах, онон сөптөөхтүк дьаһамматахха, ураты кутталлаах ыарыы сиэмэҕэ, таараҕа, таһаҕас таһар тырааныспарга, бэл, уунан уонна тыалынан тарҕанар кыахтаах. Бу ыарыыны суох оҥоруу унньуктаах уһун кэми, сыралаах үгүс үлэни эрэйэр. Бастатан туран, нематодалаах сиргэ хас да сыл устата хортуоппуй уонна атын үүнээйилэр олордуллуо суохтаахтар, сыыс от ылҕаныахтаах эбэтэр гербицидтэринэн сүһүрдэн өлөрүллүөхтээх. Иккиһинэн, нематода дьайыытын тулуйар хортуоппуй суортара олордуллуохтаахтар (олор испииһэктэрин интернеттэн булуохха сөп). Үсүһүнэн, харантыын олохтонон хортуоппуйу уонна киниэхэ аймахтыы үүнээйилэри нематода булуллубут сириттэн таһаарыы булгуччу бобуллар.
Хортуоппуй сиэмэтин уларытаары уонна саҥардаары былырыын өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбалара Омскайтан, Иркутскайтан 205 туонна хортуоппуйу аҕалан олордубуттара. Сибирь уонна Уһук Илин эрэгийиэннэригэр көмүстүҥү нематода киэҥник тарҕанан турар. Холобур, Иркутскай уобалас 19 оройуонугар 70 тыһ. гектарга, Омскай уобалас 22 оройуонугар 28 тыһ. гектар иэннээх сиргэ булуллубута.
«Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Юридическай сирэй, эбэтэр биирдиилээн киһи атын эрэгийиэннэртэн хортуоппуй сиэмэтин атыылаһыан иннинэ “Россельхознадор” Саха сиринээҕи сулууспатыттан ол эрэгийиэн, оройуон фитосанитарнай туругун, чуолаан хортуоппуй көмүстүҥү нематодата баарын-суоҕун туоһулаһара наада, федеральнай сокуон ирдэбилэ итинник. Атыылаһыллыбыт сиэмэ хайаан даҕаны фитосанитарнай туругу, суорду уонна ыһыы хаачыстыбатын мэктиэлиир докумуоннардаах буолуохтаах. Тэрилтэлэр да, биирдиилээн да дьон өрөспүүбүлүкэ таһыттан хортуоппуй уо.д.а. үүнээйи сиэмэтин аҕалбыттарын туһунан тута биһиэхэ биллэриэхтээхтэр.
Тапталлаах Сахабыт сирин быйаҥнаах бааһыналара, сибэккилээх сыһыылара, аар тайҕата айгыраабатыннар, чэлгийэ көҕөрдүннэр. Айылҕаны харыстыыр уонна көмүскүүр барыбыт ытык иэһэ. Ону умнумуохха.
Петр ВИНОКУРОВ, “Россельхознадзор” Саха сиринээҕи управлениетын судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан