Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Национальнай үҥкүү тыйаатыра бэйэтин YouTube ханаалыгар көрдөрөр испэктээктэриттэн бүгүн “Киһи” этнобалеты уонна “Күн Кыыһа” хотугу остуоруйалар матыыптарынан испэктээги көрөргүтүгэр ыҥырабыт!
“КИҺИ” (алта хартыыналаах этнобалет)
Киһи айылҕатын туһунан тиэмэ бу этнобалекка түмүллүбүт метафорическай уобараһынан билиһиннэриллэр: бастакы дьон баар буолууларыттан, кини аналын анаарыыга тиийэ.
Национальнай тыйаатырга саха норуотун култууратын нөҥүө олоҕу көрүү икки бүк бэлиэ буолар, ол эбэтэр, саха олоҕун философиятын уратытын боппуруостарын таарыйар.
Премьера 2019 сыл ахсынньы 17 күнүгэр буолбута.
Муусука ааптара – Моисей Кобяков;
Либретто ааптара уонна консультант – Афанасий Федоров;
Туруорааччы-режиссер, туруорааччы-хореограф – Изабелла Егорова;
Туруорааччы-худуоһунньук – Екатерина Шапошникова;
Муусука оркестровката — Николай Петров.
“Күн Кыыһа” (хотугу остуоруйалар матыыптарынан испэктээк)
Премьера 2009 с. ахсынньы 23 күнүгэр буолбута.
Сценарий – Александр Титигиров;
Туруорааччы – Афанасий Соловьев;
Норуот муусуката.
Кустук сэттэ өҥүнэн оонньуур оҕуруо-дуҕа тиһиктэр үөһээ талаһаллар… Манна биир уус, биир хаан дьон олороллор.
Иһирдьэ баар саамай улахан кыһыл оҕуруо-дуҕа сир төрдүн, олоҕу бэлиэтиир. Саһархай дуҕа – суоллар-иистэр. От күөҕэ – эдэр дьон, барыта сибиэһэй от-ас. Халлаан күөҕэ — саастаах дьон, тыа.
Сырдык халлаан күөҕэ – өрүстэр уонна күөллэр. Маҥан – күһүн түспүт хаар…
Испэктээги манна көрүҥ:
edersaas.ru