Искэни сэрэтэр ааксыйалар улуустарга ыытыллыахтара

05.02.2018
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 4 күнэ – искэн ыарыытын утары охсуһуу күнэ. Бу күн искэн ыарыыларын сэрэтиигэ флешбом-ааксыйалар тэрилиннилэр.

edersaas.ru

Саха тыйаатырын дьиэтигэр уодаһыннаах ыарыыны сэрэтиигэ ааксыйа ыытылынна. Үгэс курдук ыытыллар дьаһалга Дьокуускай куорат медицинскэй кииннэрин уонна поликлиникаларын терапевт, онколог, маммолог, УЗИ-быраастара нэһилиэнньэ доруобуйатын бэрэбиэркэлээтилэр. Баҕалаахтар уопсай бэрэбиэркэни сэргэ, эмиий, куртах-оһоҕос, репродуктивнай систиэмэ искэннэрин быһаарыы билиҥҥи туругун билиһиннэрэр маастар-кылаастарга кытыннылар.

СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Людмила Вербицкая: «Маннык ааксыйаны биһиги сылга биирдэ эрэ ыытабыт, дьиҥэр, доруобуйатын көрдөрүүгэ уонна эмтэниигэ наадыйааччы элбэх. Хомойуох иһин, искэн араас көрүҥүттэн өлүү өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэҕэ турар», – диэн 2018 сылга сэрэтэр дьаһаллары киин куоракка уонна улуустарга өссө ыытар былааннаахтарын туһунан эттэ.

Ааксыйа түмүгүнэн сүүстэн тахса киһиэхэ доруобуйатын эбии көрдөрүнэригэр сүбэлээтилэр.

Диспансер тутуллуо

Манна даҕатан эттэххэ, искэни эмтиир өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансер дьиэтин тутуу 2019 с. саҕаланара сабаҕаланар.

2018 с. «Доруобуйа харыстабылын сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн балыыһалары тутууга Уһук Илиҥҥэ федеральнай бюджеттан 1,4 млрд солкуобай бэриллиэҕэ. Онуоха үбү үс регион – Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Хабаровскай кыраай уонна Магадан уобалаһа ылыахтара.

Онон, 2018 с. киин куоракка искэни эмтиир өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансер радиологияҕа отделениетын саҥардыы үлэтэ түмүктэниэхтээх. Манна федеральнай бүддьүөттэн 363,8 мөл. солк. бэриллиэҕэ.

Испэсэлиис сүбэлиир

Дьокуускай куораттааҕы Медицина киинин онколог-маммолога Аэлита Федорова:

Эмтээһин ситиһиилээх буолара ыарыыны төһө эрдэ быһаараргыттан тутулуктаах. Ол иһин, нэһилиэнньэ бэйэтин доруобуйатыгар кыһаныахтаах, сэрэхтээх буолуохтаах. Ол аата кэмигэр диспансеризацияны барыахтаах, анал испэсиилэстэргэ көрдөрүнүөхтээх. 50 саас кэнниттэн онкомаркеры туттарыахтаах. Дьахталлар 40 сааһыттан маммографияҕа көрдөрүөхтээхтэр. Хайа баҕарар саастарыгар сытан эрэ эмиийдэрэ кытаатарын-кытааппатын кэтии сылдьыахтаахтар.

Мастопатиялаах дьахталлар бэйэлэрин доруобуйаларыгар ордук болҕомтолоох буолуохтаахтар уонна быраас тугу этэрин толоруохтаахтар. Холобур, сайын күҥҥэ салгылыыртан, саунаҕа, баанньыкка суунартан, физио уонна бадараанынан эмтэнииттэн туттунуохтаахтар.

Искэн ыарыыта үксүгэр биэнсийэ саастаах дьону булар. Онуоха кини организма «киртийиитэ», ааһан-араҕан биэрбэт ыарыылара төрүөт буолуохтарын сөп, – диэн ыарыыны сэрэтэр туһунан кылгастык билиһиннэрдэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0