18 сааһыттан үөһэ саастаах дьон ханнык биричиинэнэн аан бастаан инбэлииккэ тахсалларый? СӨ Медицинскэй-социальнай экспертиза кылаабынай бюротун дааннайдарын туһанан, ырытан көрдүбүт.
2000 сыллаахха 3445 киһи инбэлииккэ тахсыбыт эбит буоллаҕына, 2009 сыллаахха 5314 киһиэхэ тиийэ сылдьыбыт. 2015 сылга 4066 киһи инбэлииккэ тахсыбыт. Онон сыл аайы инбэлииккэ тахсыы ахсаана улаатан иһэр эбит диэн түмүк оҥоруохха сөп.
Ханнык ыарыыларынан инбэлииккэ тахсалларый?
Сэллик –162 киһи (2000 с.), 2015 сылга – 86 киһи.
Искэн – 434 киһи (2000 с.), 2015 с. – 1008 киһи.
Эндокриннай систиэмэ кэһиллиитэ, диабет – 120 киһи (2000 с.),– 285 киһи (2005 с.), 2015 с. – 88 киһи.
Уйулҕа ыарыыта:– 158 киһи (2000 с.), 2007 с. – 89 киһи, 2015 с. – 159 киһи.
Ньиэрбэ ыарыылара: 165 киһи (2000 с.), 2015 с. – 172 киһи.
Харах ыарыылара: 235 киһи (2000 с.), 2015 с. – 225 киһи.
Кулгаах ыарыылара: 42 киһи (2000 с.), 2015 с. – 298 киһи.
Сүрэх-тымыр ыарыылара: 882 киһи (2000 с.), 2006 с. – 1714 киһи, 2015 с. – 1015 с.
Тыынар уорган ыарыылара: 107 киһи (2000 с.), 2006 с. – 163 киһи, 2015 с. – 60 киһи.
Ис-үөс ыарыылара: 107 киһи (2000 с.), 2005 с. – 157 киһи, 2015 с. – 84 киһи.
Сүһүөх, былчыҥ ыарыылара: 277 киһи (2000 с.), 2010 с. – 674 киһи, 2015 с. – 258 киһи.
Эчэйии, сүһүрүү, о.д.а. түмүгүнэн: 494 киһи (2000 с.), 2015 с. – 189 киһи.
Производственнай эчэйии:– 64 киһи (2000 с.), 2015 с. – 8 киһи.
Профессиональнай ыарыылар:– 22 киһи (2000 с.), 2009 с. – 229 киһи, 2015 с. – 89 киһи.
Мантан көстөрүнэн, сэллигинэн ыалдьан инбэлииккэ тахсыы аҕыйаан иһэр. Ол эрээри, искэн ыарыыларынан ыалдьыы ахсаана улаатан иһэрэ дьиксиннэрэр. Былырыын тыһыынчаттан тахса киһи искэн ыарыытынан инбэлииккэ тахсыбыт.
Кулгаах ыарыытынан инбэлииккэ тахсыы кэнники кэмҥэ хас да төгүл үрдээбит.
Ис-үөс, тыынар уорган ыарыыларыттан, эчэйииттэн, производственнай эчэйиилэртэн инбэлииккэ тахсыы сыллата намтаан иһэрэ бэлиэтэнэр.
Төрүөҕүттэн кэһиллиилээх оҕо элбэх
18 сааһыгар диэри инбэлиит оҕо ахсаана: 2000 с. – 6995 киһи, 2015 с. – 6247 киһи. 10 тыһыынча оҕоттон 239 оҕо инбэлиит.
Оҕолор барахсаттар ханнык ыарыынан инбэлиит буолалларый?
Инфекционнай, паразитарнай ыарыылар – 40 оҕо (2000 с.), 10 оҕо (2015 с.).
Сэллик – 2 оҕо (2000 с.), 4 оҕо (2015 с.).
Ньиэрбэ систиэмэтин вируснай инфекциялара – 10 оҕо (2000 с.), 1 оҕо (2015 с.).
Искэн – 141 оҕо (2000 с.), 176 оҕо (2015 с.).
Хаан, иммунитет кэһиллиитин ыарыылара – 73 оҕо (2000 с.), 45 оҕо (2015 с.).
Эндокриннай систиэмэ кэһиллиитэ – 172 оҕо (2000 с.), 236 оҕо (2015 с.). Мантан сахарнай диабеттаах оҕолор: 69 оҕо (2000 с.), 150 оҕо (2015 с.).
Уйулҕа ыарыылара: 612 оҕо (2000 с.), 1059 оҕо (2015 с.).
Ньиэрбэ ыарыылара: 1634 оҕо (2000 с.), 1820 оҕо (2015 с.).
Харах: 297 оҕо (2000 с.), 274 оҕо (2015 с.).
Кулгаах: 343 оҕо (2000 с.), 390 оҕо (2015 с.).
Тыынар уорганнар: 349 оҕо (2000 с.), 155 оҕо (2015 с.).
Сүрэх, хаан: 70 оҕо (2000 с.), 53 оҕо (2015 с.)
Ис-үөс: 142 оҕо (2000 с.), 45 оҕо (2015 с.).
Тирии: 159 оҕо (2000 с.), 66 оҕо (2015 с.).
Сүһүөх, былчыҥ: 234 оҕо (2000 с.), 138 оҕо (2015 с.).
Хабах, бүөр ыарыылара: 197 оҕо (2000 с.), 82 оҕо (2015 с.).
Төрүөҕүттэн аномалиялаах, хромосомнай кэһиллиилээх оҕо: 1642 оҕо (2000 с.), 2007 с. – 2055 оҕо, 1307 оҕо (2015 с.)
Эчэйии, сүһүрүү: 241 оҕо (2000 с.), 307 оҕо (2003 с), 59 оҕо (2015 с.).
Мантан көстөрүнэн, оҕо эчэйиитэ, инфекционнай-паразитарнай, тирии, сүһүөх, ис-үөс, хабах-бүөр, ньиэрбэ, тыынар уорганнар ыарыылара биллэ намтаабыттара көстөр. Ол эрээри оҕолорго искэн ыарыылара, эндокриннай систиэмэ кэһиллиитэ улаатан иһэр эбит. Уйулҕа, ньиэрбэ ыарыыларыттан, төрүөҕүттэн ыарыһах оҕо ахсаана хас да төгүл элбэҕэ сөхтөрөр. Үөһэ ыйыллыбыт ыарыылартан барыларыттан элбэх: тыһыынчалыыттан тахса оҕо уйулҕата, ньиэрбэтэ ыалдьар…
Ол эрээри, инбэлиит оҕо уопсай ахсаана сыыйа намтаан иһэрэ бэлиэтэнэр.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА.
Сыыппара
Инбэлииттэр уопсай ахсааннара
Инбэлииттэр уопсай ахсааннара: 59 тыһыынча киһи.
Үлэлиир саастаах инбэлииттэр – 2096 киһи.
2015 сылга 4066 киһи инбэлииккэ тахсыбыт.
Инбэлиит оҕо ахсаана: 6247 киһи.