Ис дьыала урукку миниистирэ Яков Стаховы амнистия быыһаата

Ааптар: 
19.11.2016
Бөлөххө киир:

Ис дьыала урукку миниистирэ, генерал-майор Яков Стаховка тэриллибит холуобунай дьыала сабыллыбыт. Бу туһунан РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрэр.

Санатар буоллахха, бу дьыала 2011 сыллаахха РФ Холуобунай кодексатын 285-с ыстатыйатынан тэриллибитэ. Ол эбэтэр, дуоһунас боломуочуйатынан туһаныы бэлиэтэ баарынан.

Силиэстийэ биэрсийэтинэн, Стахов 2007 сыллаахха «АЛРОСА» АК Ис дьыала министиэристибэҕэ биэрбит «Мерседес Бенц 400 SEL» джип массыынатын аймаҕар ылбыт.

2012 сыл олунньутугар уорбаланааччы Стахов силиэдэбэтэлгэ кэлиэхтээҕин, өрөспүүбүлүкэттэн күрээн хаалбыта. Ити сыл кулун тутар ыйыгар кинини норуоттар икки ардыларынааҕы уонна федеральнай ирдэбилгэ биллэрбиттэрэ.

Түөрт сылы быһа куота-саһа сылдьыбыт генерал бу дьыл алтынньы 12 күнүгэр силиэстийэ уорганнарыгар бэйэтэ кэлэн, буруйун билинэн, дьыаланы силиэстийэлээһин хат сөргүтүллүбүтэ. Стаховы хаарчахтыыр миэрэ быһыытынан, Силиэстийэлиир изоляторга хаайбыттара. Алтынньы 21 күнүгэр киниэхэ буруйдааһын тиксэриллибитэ.

Буруйун бэйэтэ кэлэн, толору билиммитин, хайдах быһыыга-майгыга оҥорбутун туһунан сиһилии көрдөрүү биэрбитин учуоттаан, ханна да барбат баппыысканан таһаарбыттара. Силиэстийэ кэмигэр массыына Ис дьыала министиэристибэтигэр төннөрүллүбүт.

Бу дьыл сэтинньи 11 күнүгэр буруйданааччы Яков Стахов хадатаайыстыба киллэрбит. Дьыалабын сабыҥ диэн ис хоһоонноох. Былырыын РФ Госдумата Улуу Кыайыы 70 сылынан биллэрбит амнистиятыгар олоҕуран. Ити амнистияҕа кыра уонна орто буруйу оҥорбут, судаарыстыбаннай наҕараадалардаах уонна 55 саастаах буруйданааччылар эмиэ хапсалларынан сибээстээн.

Силиэдэбэтэл ити хадатаайыстыбаны өйөөн, холуобунай дьыаланы сабар туһунан быһаарыы таһаарда. Реабилитацияланар быраабы биэрбэккэ туран.

Бу дьыала туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыат сэтинньи 24 күнүнээҕи нүөмэригэр «Киһи уонна сокуон» балаһатыгар ааҕаарыҥ.

Вера МАКАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0