Иркутскайга харах балыыһатыгар

Ааптар: 
22.11.2016
Бөлөххө киир:

Кистэл буолбатах, билигин үгүс киһи хараҕынан моһуогурар. Сорохтор соҕуруу эпэрээссийэҕэ бара сатыыллар. Иркутскайга баар харах балыыһата “Академик С.Н Федоров аатынан харах микрохирургиятын МНТК” диэн ааттаах. Бу Иркутскайдааҕы филиал 1989 с. тэриллибитэ. Манна Саха сириттэн үгүс киһи эмтэнэ, эпэрээссийэлэтэ, диагноз туруортара барааччы.

Балыыһа Иркутскай ортотугар, оптуобус тохтобулун таһыгар турар буолан, ыраахтан эмтэнэ кэлбит дьоҥҥо олус абыраллаах. Балыыһа үрдүгэр харах ойуута ыраахтан көстөр. Бастаан тиийбит киһи тута регистрацияны ааһар. Онно эрэ уочаракка тураҕын. Уонна, дьэ, ыҥыралларын кэтэһэн олороҕун. Микрофонунан Иванов — ол кабинекка, Сидоров ол кабинекка киирэҕин диэн ыҥыраллар. Онтон сыыйа хайа кабинекка киирэргинэн бэйэлэрэ ыытан иһэллэр. Онон уочаракка анньыһыы-үтүһүү диэни билбэккин. Ол кэнниттэн бүтэһик диагноһы туруорар бырааска киирэҕин. Эпэрээссийэлэнэҕин диэтэҕинэ, сарсыныгар тута оҥороллор. Онон мантан бараргар олох эрдэттэн доруобуйаҥ туругун көрүнэн тиийиэхтээххин.


Ити кэнниттэн көрдөрүнэр сиртэн синньигэс көрүдүөрүнэн пансионакка тахсаҕын. Онно олорор хоскун анатаҕын, остолобуойга күҥҥэ үстэ аһыыр толуоҥҥун ылаҕын. Остолобуойдарыгар икки сменанан аһаталлар. Астара олох үчүгэй, санаторий курдук. Өссө таҥара хоһо баар. Онно эмтэнэр дьон , оннооҕор быраастар барыта этэҥҥэ ааһарын туһугар чүмэчи уурааччылар.

Ыарыһахтар түһэн олорор этээстэригэр барыта киһиэхэ анаммыт курдук бэртээхэй усулуобуйа. Хараҕынан мөлтөхтүк көрөр киһи хаамарыгар анаан истиэнэҕэ анал тутуһардаах. Муосталара барыта ковролин. Хоско иккилии буолан олороҕун. Хос аайы араадьыйа баар. Онон эпэрээссийэҕэ барарга, аһыы түһэргэ, араас процедураларга ыҥыраллар. Ыарыһаҕы арыаллаан барбыт киһини эмиэ пансионакка түһэрэллэр, үксүгэр биир хоско. Ол эрээри сороҕор дьон элбэх буоллаҕына, ылымыахтарын эмиэ сөп. Эбэтэр көрүдүөргэ биир-икки хонук олорбутуҥ кэннэ хоско киллэрэллэр.

Дьиэлэрэ-уоттара сүрдээх ыраас, күнү быһа сууйа-сото сылдьаллар. Этээстэргэ өссө кафе үлэлиир. Көрүдүөр аайы улахан сылабаардарга итии чэй өрүү баар. Быһата, төлөбүрдээх клиника буолан, сыаната усулуобуйатыгар эппиэттиир.

Бэйэҥ баҕа өттүгүнэн Иркутскайга барар буоллаххына, эрдэттэн координатордарга эрийэн эбэтэр факсынан ыытан ыҥырыы көрдүүгүн. Ыҥырыыҥ кэллэҕинэ, онно эмтэнэргэ, эпэрээссийэлэнэргэ сөптөөх үптээх-астаах буолуоххун наада. Сүрүннээн пансионакка олороруҥ, аһыырыҥ ыарахан буолар. Син биир гостиницаҕа олорор курдук. Бастакы группалаах киһиэхэ уонна кинини арыаллааччыга айаныҥ босхо буолар дии. Бу боппуруостары РФ социальнай страховкалааһыҥҥа фондатын Саха сиринээҕи салаатыттан ыйыталаһар ордук, кинилэр олус үчүгэйдик көмөлөһөөччүлэр. Бу клиника сайтыгар киирэн, туох өҥөнү оҥороллорун, сыанатын туһунан сиһилии билсиэххитин сөп.


Женни СТРЮКОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0