ИРИНА ФИЛИППОВА: “ДЬОН-СЭРГЭ ТӨРҮТ АСКА-ҮӨЛГЭ СЫҺЫАНА УЛАРЫЙДА”

11.06.2021
Бөлөххө киир:

Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар саха төрүт аһын-үөлүн пропагандалыыр сыаллаах, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээһининэн, 1995 сыллаахха Дьокуускай куоракка “Тыгын Дархан” эрэстэрээн аһыллыбыта. Онтон ыла, үйэ чиэппэриттэн ордук, киин куорат олохтоохторо, ыалдьыттара саха мааны аһын – күөрчэҕи, кымыһы, саламааты, убаһа ойоҕоһун, хартаны, онтон да атын саха аһын күндүтүн, маанытын «Тыгын Дархан» эрэстэрээҥҥэ кэлэн амсайаллар. «Тыгын Дархан» бүгүҥҥү үлэтин итиэннэ биисинэс сайдыытын адаҕалаабыт дьаҥы хайдах туораан эрэллэрин туһунан дириэктэр Ирина Филипповалыын көрсөн кэпсэттибит.

– Ирина Аркадьевна, сыстыганнаах дьаҥ биисинэс са­­лаатыгар эмиэ улахан охсуу­лаах буолла. Хааччахтааһын миэрэлэрэ олохтонон, уопсастыбаннай аһылык салаатын тэрилтэлэрэ хастыы да ый киһилии үлэлээбэккэ, үгүс ночоокко тэбилиннилэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ уоп­састыбаннай аһылык ырыынагар бигэ туруктаахтык үлэлии олорор «Тыгын Дархан» ­эрэстэрээн бу ыарахан кэми хайдах туораан эрэр?

– Былырыын, кулун тутар ортотуттан, өрөспүүбүлүкэҕэ сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн хааччахтааһын олохтонон, кырдьык, уопсастыбаннай аһылык салаатын тэрилтэлэрэ үгүс кыһалҕалары көрүстүбүт. Эрэстэрээннэргэ, кафеларга кытаанах ирдэбиллэр киирдилэр, саала иһигэр олорор миэстэни хааччахтааһын, улахан сыбаайбалар, тэрээһиннэр тута бобуллубуттара, ону тэҥэ биир кэмҥэ олох даҕаны сабыллан ылыы эмиэ үгүс биир идэлээхтэрбитигэр баара. Эбиитин уопсастыбаннай миэстэлэргэ дьон сылдьыыта лаппа аҕы­йаабыта, тэрилтэлэр биир үксүн үлэһиттэрин ыраахтан олорон үлэҕэ көһөрбүттэрэ. Бу алдьархайга ким эрэстэрээн кэрийэ барыай, ол курдук, биир үтүө күн кураанахсыйа түспүппүт. Манна даҕатан этиэххэ наада, “Тыгын Дархан” өрөспүүбүлүкэ биир улахан аһылык тэрилтэтэ, 72 үлэһиттээхпит, бары ыаллар, оҕо-уруу, сиэн, аныгы үйэҕэ буоларын курдук кирэдьиит, ипотека баар бөҕө буоллаҕа дии. Дьэ, эппиэтинэс.

Ититиибитин муус устарга эрдэ араараннар, икки дьиэни тэҥинэн көрөр-истэр кыах суоҕун тута билинэн, производствоны тохтоппот сыалтан «Тыгын Дарханы» сабан баран «Сэттис халлаан» кафебытыгар бары көһөн тахсыбыппыт. 65 үөһээ саастаах үлэһиттэрбит ­дьиэлэригэр олорбуттара, эдэр өттүн сороҕун уоппуска биэрэн, сороҕун хаалларан наардаабыппыт.

Инньэ гынан, салгыы хайдах үлэлиибит-хамсыыбыт диэн толкуйга түспүппүт. Ороскуоппутун кыччатыы соруга турбута. Бары сүбэлэһэн баран, бэлэм аһы аадырыстарынан тарҕатыыга, нууччалыы эттэххэ, «доставкаҕа» үлэлэһиэххэ диэн буолбута. Урут хаһан даҕаны ылсыбатах буоламмыт, хайдах эрэ бэйэбитин тургутан көрүү диэн ылынабыт. Тимир көлөлөөх уолаттарбыт сорохторо курьер буолбуттара, кыргыттар утуу-субуу төлөпүөҥҥэ са­­каас ылан саҕалаабыттара. Шеф-повардарбыт саҥаттан олох атын меню оҥорон, доставкаҕа сөптөөх гына таҥан биэрбиттэрэ. Аны онтубутун дьоммутугар-сэргэбитигэр биллэрээрибит реклама өттүн күүһүрдүү буолбута.

Видео устан куйаар ситиминэн инстаграмҥа сахалыы аһы астыырга үөрэтэр уруоктары ыытар буолбуппут, судургуттан саҕалаан, арыый уустук соҕус бүлүүдэлэргэ тиийэ билигин даҕаны үөрэтэбит. Ону “Тыгын Дархан” инстаграмҥа баар страницатыгар киирэн ким баҕар көрүөн, үөрэ­­ниэн сөп. Ити эмиэ биһиги пандемия кэмигэр биир саҥа саҕа­лааһыммыт этэ.

«ЕдаЯкт» сыһыарыыга киирэн, дуогабардаһан, туох саҥа ас киирбитин барытын куйаар ситиминэн сырдатан, бэл, ырыа конкурсугар кыттан оҕолор олус күүскэ, эйэлээхтик уонна айымньылаахтык ылсыбыттара.

– Оннук дьэ хас ый олордугут?

– От ыйын 6 күнүгэр «Тыгын Дархаҥҥа» төттөрү кэлбиппит. Таһырдьа сайыҥҥы аһыыр сирдэри көҥүллээбиттэригэр биһиги эмиэ веранда арыйбыппыт. Онно баара-суоҕа түөрт эрэ остуоллаах этибит. Уопсайа 16 миэстэ. Онтон үөһээ салалтабыт шатер биэрэн, арыый да кэҥээбиппит. Сайыны быһа дьэ дьон бөҕө тоҕуоруспута. Куорат киинигэр хатыҥ быыһыгар аһыыр сонун буоллаҕа дии.

– Эһиги кэлэктиипкит биир сомоҕо курдук тутуһан үлэ­лиирин истибитим. Атын тэрилтэлэргэ курдук баҕа өттүнэн үлэттэн уурайыы, сарбыйыы диэн буолбат эбит.

–Биһиги судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэбит. Онон дьоммутун хайдах да гынан үлэлэриттэн устар, уоппуска харчытын төлөөбөккө эрэ ыытар бырааппыт суох. Инньэ гынан, атын өттүгэр иэскэ киирэн да туран, хамнас кэмигэр төлөнөр. Былырыын пандемия саҕаланыаҕыттан бастакы ыйдарга ­аҥаардас хамнаспытыгар эрэ үлэлии олорбуппут. Нолуок, дьиэ ­куортамын, ититии, уот төлөбүрүгэр иэскэ киирбиппит. Аны ол кэмҥэ судаарыстыба биэрэр харчынан өйөбүлүгэр тиксибэтэхпит, тоҕо диэтэр, биһиги дьоҕус биисинэскэ киирсибэппит, үөһээ эппитим курдук судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэбит. Иннэ гынан кирэдьиит ыларга күһэллибиппит. Үс ыйдаах туруулаһыы кэннэ дьэ биэрбиттэрэ. Онон атырдьах ыйыгар ол кирэдьиити ылан баран, иэстэрбитин көҕүрэтэн, дьоммутун барытын үлэҕэ таһааран, икки сиринэн үлэлээн барбыппыт.

Кырдьык, биһиги тэрилтэбитигэр атыттарга курдук уурайыы, үлэттэн барыы диэн суоҕун кэриэтэ. 20-25 сылы быһа эҥкилэ суох үлэлээбит дьонноохпут. Холобур, бармен Гаврил Протодьяконов, ыстаарсай администратор Сардаана Иванова, администратор Альбина Солодова, маастар-повар Зоя Слепцова, “Сэттис Халлаан” сэбиэдиссэйэ Иван Решетников уонна да атыттар. Кадрдары биир үксүн бэйэбит иитэн, үөрэтэн та­­һаарабыт, холобура, Константин Матаннанов 17 саастааҕар “Тыгын Дархаҥҥа» үлэлии кэлбитэ. Повар көмөлөһөөччүтүттэн саҕалаан кини билигин ­эрэстэрээн шеф-повара. Дэлэҕэ даҕаны, Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахап «биир бастыҥ үөрэнээччим» диэ дуо.

– Аһы-үөлү аадырыстарынан илдьэн атыылааһын төһө барыстаах эбитий? Эһиги урукку өттүгэр ити хайысханан үлэлээбэтэх буоллаххыт дии. Куорат дьоно саха аһын төһө сакаастаан аһыырый?

– Биһиги урут тырааныспар хампаанньатын кытары дуогабардаах этибит. Пандемия иннинэ. Онтубутун наһаа ороскуоттаах диэн, дуогабарбытын көтүрбүппүт. Онон тиэйии-таһыы үлэтигэр бэйэбит дьоммут кыраапык оҥостон, массыынана сылдьаллар. Сакаас баар. Бэлиэ күннэринэн, холобур, Дьахтар күнүгэр, Ньукуолуҥҥа, ыһыахха анаан тус-туһунан ас-үөл нобуорун оҥоробут. Ньукуолуҥҥа кус миинэ, ­алаадьы, саламаат…

— Билигин киин куоракка хас хардыы ахсын кэриэтэ кытай, дьоппуон, бүрээт уонна да атын омуктар куукуналара баар буолла. Онон, арааһа, күрэстэһии кытаатан турар быһыылаах…

– Тумус туттар киһибит Иннокентий Тарбаахап саха аһын аар саарга аатырдан, дьон-сэргэ төрүт аска-үөлгэ сыһыана ула­рыйда. Бырааһынньыктарга эрэ буолбакка, күннээҕи остуолларыгар саха аһын хото астыыр буоллулар. Онон Иннокентий Иннокентьевич көмөтүнэн өбүгэлэрбит төрүт астарын кистэлэҥнэрэ сүтэн-симэлийэн хаалбакка, күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэллилэр. Аны ити “Махтал”, “Чочур Мыраан”, “Муус хайа” эрэстэрээннэргэ үлэлии сылдьар асчыттар бары Иннокентий Иннокентьевич үөрэппит, такайбыт оҕолоро. Биһиги эрэстэрээммитигэр олохтоохтору таһынан, Саха сиригэр сынньана, үлэлии кэлбит омук дьоно эмиэ сөбүлээн сылдьаллар. Убаһа этин, хоту улуустартан сибиэһэй балыгы, илин эҥээртэн сир аһын бэйэбит баран көрөн, сыымайдаан атыылаһабыт. Наар бииргэ үлэлиир дьонноохпут. Кинилэр сыаналарын сиэри таһынан үрдэппэккэ, сөп соҕус сыанаҕа туттараллар.

«Тыгын Дархан» эрэстэрээн өрөспүү­бүлүкэ уопсастыбаннай аһылыгын са­­лаатын устуоруйатыгар аан бастаан 2001 сыллаахха Москваҕа ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы эрэстэрээннэр сервистэрин күрэҕэр уонна 2004 сыллаахха Томскай куоракка буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы Олимпиадаҕа боруонса мэтээли ылбыта.

Итиэннэ «ХХI үйэ бастыҥ эрэстэрээнэ» диэн уопсастыбаннай пуонда дипломанынан, 2016 сыллаахха “Путешествие за вкусом” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх Гран-При хаһаайынынан, онтон да атын өрөспүүбүлүкэ ис, тас өттүн күрэхтэрин кытыылаахтарабыт, куруутун миэстэлэһэбит да диэххэ сөп. Ситиһии биир күнүнэн кэлбэт, элбэх сыраттан, үлэттэн тахсар. Асчыттарбыт урукку кэмҥэ элбэхтик араас омук сирдэринэн сылдьан үөрэммиттэрэ, билигин даҕаны олорон хаалбакка, саҥа сүүрээннэри олоххо киллэрэллэрэ олус үчүгэй.

— Ирина Аркадьевна, “Тыгын Дархан” эрэстэрээн ыалдьыттара ордук ханнык бүлүүдэни сөбүлээн сакаастыылларый?

— Ханна да буоларын курдук, тоҥ балыгы, «Индигирка» са­­лааты, саламааты, сандалы бэ­­рэскини, убаһа этиттэн бүлүү­дэлэри сөбүлээн сакаастыыллар. Былырыын Ньукуолуҥҥа кус миинин астааһыны дьон наһаа сэҥээрбитэ. Бырааһынньыктарга анаан оҥорор ас-үөл нобуорун хото са­­каастыыллар. Аны биһиги ­эрэстэрээммитигэр эдэр дьон сылдьар буолла. Ити эмиэ үтүө бэлиэ. Ол аата саха ыччата төрүт аһын сэҥээрэр, туохтааҕар да чугастык ылынар, бэйэтин ис култууратын биир көрдөрүүтэ буоллаҕа дии.

— Инникитин туох-ханнык былааннаах олороҕут?

— Биһиги арендаҕа олоробут. Онон киирэр үппүт-харчыбыт үксэ куортамҥа барар. Онон эрэстэрээни тосту уларытыы-тэлэритии үгүс үбү эрэйэр. Дьиҥэр, былааммыт хара баһаам. Баҕар, сыстыганнаах дьаҥ өрө туран үлэ-хамнаска харгыстаспатаҕа буоллар, өрөмүөн үлэтин ыытыахтаах этибит. Чугастааҕы кэмҥэ саатар эрэстэрээни кыратык да буоллар өрөмүөннээбит киһи диэн былааннаахпыт.

— Ирина Аркадьевна, эн “Тыгын Дархан” эрэстэрээни хара тэриллиэҕиттэн сала­йан кэлбит Мария Николаевна Габышева бочуоттаах сынньалаҥҥа барыаҕыттан, салайа олороҕун. Бу иннинэ ханна үлэлээбиккиний? Кылгастык бэйэҥ тускунан кэпсиириҥ буоллар.

— Мин Чурапчыттан төрүттээхпин. Идэбинэн инженер-технологпын. Үөрэхпин бүтэрээт Дьокуускайга “Якутскобувь” тэрилтэҕэ үлэлии киирбитим. Кэргэн тахсан дойдубар Чурапчыга көһөн, бытовой кэмбинээккэ үлэлээбитим. Уһук Илиннээҕи судаарыстыбаннай сулууспа академиятыгар үөрэнэ сылдьан, куоракка “Госкомсевер” тэрилтэҕэ исписэлииһинэн киирбитим. 2001 сыллаахха СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатыгар кылаабынай исписэлииһинэн киирбитим, сыыйа судаарыстыбаннай боротокуол управлениетын салайбытым. Ол үлэлии сырыттахпына, 2017 сыллахха “Тыгын Дархан” эрэстэрээҥҥэ үлэҕэ ыҥырбыттара. Биир сыл кэриҥэ Мария Николаевнаҕа солбуйааччынан үлэлээн, эрэстэрээн үлэтин ымпыгын-чымпыгын билсибитим. Мария Николаевна 80 сааһыгар диэри үлэлээн баран, бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыта. Онон 2018 сылтан ди­­риэктэрдиибин. Ис дьиҥин эттэххэ, Мария Николаевналыын уонна Иннокентий Иннокентьевичтыын сүүрбэччэ сылы быһа алтыһан үлэлээн кэллибит. Араас тэрээһиннэргэ куруук алтыһар этибит. Холобур, өрөспүүбүлүкэ таһынааҕы тэрээһиннэргэ куруук бииргэ сылдьабыт. Инньэ гынан, манна бастаан үлэлии кэлэрбэр ыарахаттары көрсүбэтэҕим.

— Ирина Аркадьевна, саха төрүт аһын-үөлүн киэҥ араҥаҕа таһаара олорор “Тыгын Дархан” эрэстэрээн өссө сайдан, саҥа сонун бүлүүдэлэринэн саха дьонун күндүлүү олордун!

edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА  хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0