Ааспыт бээтинсэҕэ «Айар» кинигэ кыһата бэчээттээн таһаарбыт «Ирина Елизарова. Ураты» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ Smart — бибилэтиэкэҕэ буолан ааста. Ахсынньы аам — даам тымныытын аахсыбакка, үрүйэ уутун курдук ыраас куоластаах, айылҕаттан бэриллибит сүдү талааннаах ырыаһыт чугас дьоно, доҕотторо, сүгүрүйээччилэрэ истиҥ көрсүһүүгэ кыттыстылар.
Бу киэһэни «Айар» кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ Ольга Фролова ыытта. Бу киэһэ ураты сылаас эйгэтинэн сөхтөрдө. Ол курдук, ыытааччыны кытта сэргэстэһэ Рудольф Елизаров олорон ийэтин туһунан үгүс интэриэһинэй түгэннэри кэпсээтэ, ырыа да ыллаан мустубут дьону абылатта. Ирина дьүөгэтэ, доҕоро Марианна Наумова бу кинигэ тахсарыгар сыратын — сылбатын уурбут, кинигэҕэ тус архыыбыттан улахан тирэх буолбут хаартыскалары киллэрбит, ахтыылары хомуйбут. Кини чугас уонна бэриниилээх доҕор эриэккэс холобура буолар дии саныыбын. Күн бүгүн Ирина Елизарова аата үйэтиллэрин туһугар үлэ — хамнас ыыта сылдьара хайҕаллаах.
«Оҕо сааһым Томпо улууһун Саһыл нэһилиэгэр ааспыта. Ийэм үс сааспар диэри көрбүтэ. Онтон тоҕус сааспар диэри эһэм ииппитэ. Ол кэннэ убайым Николай Елизаров бэйэтин кынатын анныгар ылбыта. Билигин – биэс оҕо аҕата. Ийэбэр куруутун кэлэ-бара сылдьарым, хаһан да арахсыбатахпыт. Саһыл орто оскуолатын 9 кылааһынан бүтэрбитим. 16 сааспар Дьокуускайга үөрэххэ туттарса кэлбитим, онон ийэбэр чугас буолбутум», — диэн кэпсиир Рудольф.
Салгыы: «Ийэм ханнык баҕарар хараҥа күҥҥэ суолбун тэлэр, сирдиир сырдык сулус буолар. Кини Таатта улууһун Уус Таатта нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үс сааһыгар Винокуровтар диэн ыалтан иитэ ылбыттар. 1996 сыллаахтан 2010 сылга диэри эстрада эйгэтиттэн сүтэ сылдьыбыт эбит. Мин 2000 сыллаах төрүөх буоллахпына, ийэм бэйэтин кэмигэр дьон-сэргэ тапталын ылбыт ырыаһыт буоларын билбэт, сэрэйбэт да этим. Онтон 35 сааһыгар кинини таптыыр, куруук күүтэр сэргээччилэрин, истээччилэрин туһугар төннүбүтэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Сэҥээрээччилэрин олус күндүтүк саныыра, кинилэр тустарыгар айара – тутара.
Биир интэриэһинэй түгэни өйдөөн кэллим. Хаандыгаҕа олорор эрдэхпитинэ, ийэм гастроллуу бараары, бакаалаһаары миигин кууспут, сыллаабыт, ону мин тэлэбиисэр пультунан төбөҕө охсубуппун. Ол баран иһэн массыыналара саахалламмыт этэ. “Оҕом таайбыт курдук эбит” дии санаабыт үһү. Билигин ону дьиктиргии саныыбын. Ийэм ханна эрэ барарыгар куруук батыһыннара сылдьааччы», — диэн кэпсээтэ.
Рудик гитаратын кылыстарын тардыалаан, «Сулустар», «Үргэл» ырыалары ыллаан иһитиннэрдэ.
Кинигэ идиэйэтин торумнааччы, «Айар» кинигэ кыһатын салайааччыта Август Егоров бэрт дириҥ ис хоһоонноох тыл эттэ, мустубут дьону эҕэрдэлээтэ, Рудольфка махтал сурук туттарда. Кинигэни саха ааҕааччыта бэркэ билэр суруйааччыта, суруналыыс Галина Нельбисова хомуйан оҥорбут. Галина Васильевна ырыа алыптаах, сытыы бөрүөлээх ааптар быһыытынан биллэр. Кини олус элбэх ырыаһыты ыстатыйаларыгар сырдатан кэллэ. Кинигэни ааҕааччыга чугас, сылаас эйгэлээх буоларыгар дьулуспута тута көстөр. «Ылбаҕай ырыа ыллыгын батыһан» диэн киирии тылынан ааҕааччыны бу кинигэни ааҕыы аартыгар атаарар, киллэрэр, бэлэмниир курдук.
Экраҥҥа араас хаартыскалар элэҥнээн ааһаллар, урукку- хойукку кэми санаталлар. Биллиилээх суруналыыс Вера Макаровалыын түспүт үчүгэйкээн хаартыскатын астына көрдүбүт. Бэлиэтээн эттэххэ, кини эмиэ бу кинигэ тахсарыгар үлэлэспит.
Суруйааччы Ираида Попова аан бастакы билсиһиилэрин, ону таһынан, киһи быһыытынан сүрдээх элэккэй буоларын, истээччилэрин, сэргээччилэрин тапталларыгар, ытыстарын тыастарыгар угуттанан дьоллонорун туһунан кэпсээтэ. Ырыаһыт Евгений Прокопьев доҕорун Ирина Елизарованы сылаас тылынан аҕынна, доҕотторбуттан көннөрү хайдахпын билээри эрийэр соҕотох кини этэ диэн бэлиэтээтэ. Суруйааччы, суруналыыс Евдокия Иринцеева — Огдо ааптары үлэтин ситиһиилээх түмүгүнэн эҕэрдэлээтэ. Ирина сүгүрүйээччитэ Анна Захарова долгуйан, үөрэн туран тыл эттэ. «Бу билигин санаан көрдөхпүнэ, олус аҕыйахтык да алтыспыт эбиппит. Өйдүүрүм тухары кини миэхэ мэлдьи тыыннаах», — диэн түмүктээтэ. Биир дойдулааҕа, быраата Алексей Степанов эдьиийиниин биир нэһилиэккэ улааппыттарын, күн сириттэн барыар диэри билсэ сылдьыбыттарын кэпсээтэ.
Эдэр суруналыыс Эльдар Садовников бу сыл олунньутугар Рудольфы кытта эксклюзивнай интерьвютун, матырыйаалы ааҕааччы хайдах ылыммытын, дьоруойу кытта хардарыта атастыы сыһыаннаахтарын кэпсээтэ.
Рудольф ийэтин сырдык аатыгар ырыа куонкурустарын, киэһэлэрин ыытар баҕа санаалааҕын истэн бары да үөрдүбүт. Киниэхэ барыта табыллыаҕа диэн эрэнэбит.
Ирина Елизарова төһө даҕаны биһиги кэккэбитигэр суоҕун иһин, аата ааттанарын тухары куруутун аттыбытыгар баар буоллаҕа дии. Мин санаабар, Ирина Елизарованы «ураты» диэн тыл ойуулуур уонна киэргэтэр: ураты дьоҕур, тас көрүҥ, майгы, олоххо сыһыан. Кини ким да үктэммэтэх тоҥуу хаарын устун иэйиилээхтик хаампыт, үҥкүүлээн да ылбыт айар киһи. «Маҥнайгы тапталым туһугар», «Сулустар», «Күһүҥҥү алып», «Эн эрэ», «Тоҕо маннык буоларый?» курдук ырыаларыттан дьон кута хайдах уйадыйыа, үөрүө суоҕай? Билигин иһиттэххэ, суруйбут ырыалара бэйэтигэр ананар курдуктар. Ирина — иккистээн эргиллибэт сулус. Ол да буоллар, үрдүк мэҥэ хааллаантан сулус буолан сыдьаайар, угуйар.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ