«Сахаҕа дэбигис булбат куолас, дэҥҥэ көрүөххэ сөп көстүүлээх киһи кэлэн барда… Соһумара, хомолтото сүрдээх. Мин боростуой тыа олохтооҕо кинини билсибитим, аҕыйахта алтыспытым, кэнсиэригэр сылдьыбытым, бииргэ чэйдээбитим. Кини дьылҕатын хаһыакка ааҕан сөхпүтүм. Бэйэтин көрө, куолаһын истибэккэ да сылдьан. 2018 сыллаахха Ирина реанимацияҕа киирэн харчы хомуурун биллэриитэ батсаапка кэлбитэ. Кыахпынан тута харчы ыыппытым, телефонун нүөмэрин көрдөөн булбутум. Сурукпар эппиэттээбитэ», — диэн суруйар Уус Алдантан биһиги уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит Полина Находкина-Победа ырыаһыт Ирина Елизарова туһунан.
— Мин анабыл хоһоон ыыппытым. Кини:»Мне никто стихи не посвящал. Ваши настоящий шедевр» диэбит этэ. Билсиһиибит итинник саҕаламмыта. Бүгүн олус ыарыылаахтык ылынным. Үөрбүппүн-хомойбуппун тута хоһоонунан тиэрдэбин, — диэн Полина-Победа саҥа хоһоонун суруйан ыытта.
АТЫН ЭТЭ
/Ырыаһыт И.Елизарова кэриэһигэр/
Кырыымпаны санатар
Көмүс куолас суох буолла,
Аны маннык куолаһы
Хаһан ханна истэбит?
Сэмэлиирбит тыыннааҕар
Сыыһаларын ааҕарбыт,
Сыыһата суох олорор
Суоҕа буолуо бу сиргэ.
Төрүөҕүттэн ураты
Төлкөлөммүт дьылҕата
Атын этэ дьоннортон,
Атын бүтүн бэйэтэ.
Атын этэ куолаһа,
Атын тас да көстүүтэ,
Ол да буоллар дууһата
Ыраас, чычаас да этэ.
Махтал диэни билэрэ,
Кэрэхсиирэ кэрэни.
Бүппүт күнэ даҕаны
Уратыта дьэ сүрэ…
Бачча эрэ саастаргар
Кэриэстэбил тыллары
Тиһиэм эрэ диэбэтим…
Быдан дьылга быраһаай!
Полина-Победа
08.03.2022с.