Ирдэбилгэ эппиэттиир саҥа щебень: «Якутцемент» саҥа производствоны олоххо киллэрдэ

Ааптар: 
29.09.2021
Бөлөххө киир:

Суолу оҥорууга щебень улахан оруолу ылар. Ол иһин, «Якутцемент» АУо суолу тутууга сөптөөх, барсар дьоҕус фракциялардаах щебени оҥорон таһаарыыны баһылаата. Ол курдук, суолу оҥорууга судаарыстыбаннай ыстандаарка бары ирдэбилгэ толору эппиэттиир щебень уон көрүҥүн оҥордо.

Саҥа оҥорон таһаарыыны олоххо киллэрэргэ собуот үлтүрүтэр комплексыгар саҥа оборудованиелары атыыластылар. Ону хампаанньа уопуттаах исписэлиистэрэ таҥан туруордулар. Итини тэҥэ, саҥа щебень хайдах-туох оҥоһуллан тахсарын хонтуруоллуурга анал лабораторияҕа уонна тиэхиньиичэскэй бэрэбиэркэни оҥорор отделга анал оборудованиелар атыылаһыллан туруоруллубуттар.

Саҥа щебени бырамыысыланнай өттүнэн бэрэбиэркэлээтилэр. Дьоҕус фракциялаах щебеннэр бары ирдэбилгэ (ГОСТ 32703-2014) толору эппиэттииллэрэ быһаарылынна.

«Якутцемент» АУо чуолаан маннык хабааннаах щебеннэри атыыга таһаарда:

• 4-тэн 8 мм диэри фракциялаах;
• 8-тан 16 мм диэри фракциялаах;
• 5,6-тан 22,4 мм диэри фракциялаах;
• 5,6-тан 31,5 мм диэри фракциялаах;
• 8-тан 11,2 мм диэри фракциялаах;
• 11,2-тэн 16 мм диэри фракциялаах;
• 16-тан 22,4 мм диэри фракциялаах;
• 16-тан 31,5 мм диэри фракциялаах;
• 31,5-тэн 63 мм диэри фракциялаах.

«Якутцемент» АУо щебеннэри туһанааччыларга анаан саҥа бородууксуйа көрүҥүн быһыытынан оҥордо. Дьоҕус фракциялаахтар ордук суолу оҥорууга, хапытаалынай уонна дьаамалары өрөмүөннүүргэ туһаныллаллар, итини тэҥэ, аспаал-бетону оҥорон таһаарыыга, тимир бетонунан оҥоһуллар тутууларга, оҥоһуктарга ордук барсаллар.

Хампаанньа 4-8 мм, 8-16 мм, 5,6-22,4 мм уонна 16-22,4 мм фракциялары Евразийскайдааҕы экэнэмиичэскэй сойуустан «Куттала суох суоллар” диэҥҥэ сөп түбэһэр тиэхиньиичэскэй регламент ирдэбилин туоһулуур декларацияны ылары ситистэ. Маннык хабааннаах официальнай докумуон тустаах бородууксуйа хаачыстыба өттүнэн уонна куттала суоҕунан бары ирдэбиллэргэ толору эппиэттиирин туоһулуур.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0