Эдэр саас – бу тыллар хас биирдии киһиэхэ ураты кэрэтик иһиллэллэрэ буолуо — ким эрэ дьиҥ тапталын көрсүбүтүн, олох улахан аартыгар бастакы хардыыларын оҥорбутун, доҕотторун кытта умнуллубат түгэннэрин, сөбүлүүр дьарыгын булбутун саныыр… Маннык испииһэги төһө баҕарар салҕыы туруохха сөп, ол гынан баран, эдэр саас үгүс киһиэхэ устудьуоннаабыт сылларын санатар буолуохтаах. Бу кэмнэр үйэ-саас тухары истиҥ ахтылҕаҥҥа кубулуйан сүрэҕи сылаанньыталлар.
Билигин оҕолор тас дойдуга үөрэнэ бараллара үксээтэ. Нерюнгри куораттан төрүттээх Коля Семенов Казаннааҕы Федеральнай университет норуоттар сыһыаннаһыыларын, востоковедение уонна история институтун «Тюркология» салаатын бүтэрбитэ. Билигин кини Ираҥҥа перс тылын үөрэтэ сылдьар.
Норуотум историятын интэриэһиргиибин
Сэһэргээччим Коля маннык кэпсиир: “Өрөспүүбүлүкэ лиссиэй-интэринээтигэр үөрэнэр сылларбыттан Саха норуотун историятын интэриэһиргиибин. Оскуолабын бүтэрэрим саҕана Казань университетыгар «Тюркология» диэн саҥа салаа арыллыбытын истибитим, онно туттарсыбытым. Манна түүр омуктар историяларын уонна турок тылын үөрэттим. Үһүс кууруска үөрэнэ сырыттахпына Ираҥҥа биир ый перс тылын үөрэтиигэ грант баарын истибитим. Саас докумуоннарбын туттарбытым уонна күһүн үөрэххэ киирбитим туһунан сурук туппутум. Оннук, Тегеран судаарыстыбаннай университетын магистратуратын устудьуонун аатын сүкпүтүм. Эрдэ турок тылын үөрэтэммин, перс тылын ылынар чэпчэки курдук этэ, майгыннаһар өрүттээхтэр. Ираҥҥа персидскай халандаарынан туһаналлар, ол эбэтэр григорианскай халандаартан 621 сылынан хаалан иһэр. Үөрэнэрбитигэр тэтэрээппитигэр 1397 сыл диэн суруйабыт, Саҥа дьылбытын кулун тутар 21 күнүгэр көрсүбүппүт.
Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ өрүүбүт
Магистратурабытыгар бастакы сыл перс тылын, салгыы үөрэхпит хайысхатынан үөрэммиппит. Перс тылын истии, сурук, ааҕыы уонна саҥарыы уруоктарынан биллим, ону таһынан эбии иранистиканы уонна обществознаниены үөрэттим. Эксээмэннэр түмүктэринэн Иран бырабыыталыстыбата устудьуоннары университеттарга аныыр. Үрдүк бааллаахтары таһымнаах университеттарга, кыра бааллаахтары тыа сиригэр ыыталлар. Мин баалларым үрдүк буолан, Тегераннааҕы университекка хаалбытым. Манна Европа систиэмэтинэн үөрэнэбит. Нэдиэлэҕэ икки-үс күн биэстии паараҕа үөрэнэбит, учууталларбыт барытын перс тылынан кэпсииллэр. Университеппар соҕотох саха уонна бастаан омук тылынан кэпсэтэр буоламмын, сылайар этим. Уопсайбар кытай уолун кытта олоробун. Онон, кыратык кытай тылын даҕаны үөрэтэн ылабын. Манна чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ өрүүбүт, оттон субуота уонна баскыһыанньа — үлэ күнэ.
Перс уонна турок тыллара майгыннаһаллар
Кууруспутугар Иран олохтоохторун кытта тэҥҥэ үөрэнэбит, ол иһин паараларбыт барыта перс тылынан ыытылаллар. Перс тылыгар арабскай алфавит туттуллар, ол эбэтэр сурукка уҥаттан хаҥас диэки суруйабыт. Холобур, биир буукуба түөрт көрүҥнээх, аны кылгас аһаҕас дорҕооннору, хоһуласпыт бүтэй дорҕооннору суруйбаттар. Маны барытын өйгө тутуохха наада. Эрдэ турок тылын үөрэппит буоламмын, син чэпчэки соҕус, перс тылын кытта майгыннаһаллар. Холобур, түннүк диэн тыл туроктыы «pencere» диэн, оттон перстыы «پنجره» [panjare] диэн.
Дойдубутугар туһалаах буолуохха
Мин санаабар, хас биирдии киһи сөбүлүүр, баҕалаах идэтигэр үөрэниэхтээх. Тугу эмит үөрэтэргэр, үлэлииргэр ол дьыалаҕын хайаан даҕаны сөбүлүүр буолуохтааххын. Магистратураҕа туттарсар оҕолорго омук сиригэр талаһыҥ диэн сүбэлиибин. Атын дойду култууратын, менталитетын, олоҕун-дьаһаҕын көрөн, үөрэтэн баран, дойдубутугар туһаны аҕалыахха.
Чэлгийээнэ Бахсырова, edersaas.ru