Суруйааччылар айар үлэлэрин сэргэ, бэйэлэрин араас эйгэҕэ холонон көрөллөр. Ол үксүгэр табыллар. Кэрэ аҥаардар иистэнэллэр, баайаллар, быысыпкалыыллар, уруһуйдууллар уо.д.а. Бу барыта кинилэр айар үлэттэн сынньана түһэллэригэр эбэтэр, төттөрүтүн, саҥаттан-саҥа санаалар, толкуйдар киирэллэригэр көмөлөһөр. Бүгүн суруйааччы Ираида Попова сынньалаҥын, таптыыр дьарыгын туһунан билистибит.
Ираида Гаврильевна Попова, «Полярная звезда» сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ, Арассыыйа Суруйааччыларын, Арассыыйа Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ:
– «Киһи үйэтин тухары саҥаттан саҥа дьарык булан, бары өттүнэн үүнүөхтээх-сайдыахтаах» диэн өйдөбүллээхпин. Төрөппүттэрим: “Бу сиргэ биирдэ төрөөн баран, кэннигиттэн тугу да хаалларбакка эбэтэр бэйэҥ эрэ тускар кыһаллан олорбокко, дьоҥҥо эмиэ туһалаах буолуохтааххын», – диэн оҕо эрдэхпиттэн ииппиттэрэ-такайбыттара.
Иистэнии
– Уон иккилээхпиттэн биир улахан дьарыгым – иис. Бэйэбэр уонна чугас дьоммор таҥас тигэбин. Иккитэ сон тигэн турабын. Ийэм быһан биэрдэр эрэ, унтуу, бэргэһэ тигээччибин. Бырааппар, оҕобор төһөлөөх таҥас тикпиппин ситэн аахпатым да буолуо. Билигин сайын аайы саҥа былаачыйа, дьууппа тиктэн бэйэбин үөрдэбин. Саарпык, бэргэһэ, үтүлүк, бэрчээккэ, наскы, сибиитэрэ арааһын баайабын. Бэлэххэ диэн кыра сувенирнай дэйбиирдэри, араас саппыйачааннары, брелоктары оҥоробун.
Хаалыктаах хаамыы
Хаалыктаах хаамыынан дьарыктанабын. Спорт бу көрүҥүнэн ким баҕарар, ханна баҕарар дьарыктанар кыахтаах: анал торуоскаларгын туттуҥ даҕаны, ханна баҕарар дьарыктанан барыаххын сөп. Сайын 5–6 килэмиэтир кэриҥэ сиргэ түргэн хаамыынан сылдьабын.
Ис күүһү сайыннарыы
Ис күүспүн сайыннараары, арыгыттан, табахтан, наркотиктан, көмпүүтэр оонньуутуттан тутулуктаах дьон уонна кинилэр аймахтара куттарын-сүрдэрин эмтэнэллэригэр анаан, “12 хардыы” бырагырааманан дьарыктанан, “хардыылары” ааспытым. Куһаҕан дьаллыкка сутуллубут дьон аймахтарыгар уонна доҕотторугар кинилэр дьиэ кэргэттэригэр босхо психологическай көмө оҥоробун.
Эмтээх оттору хомуйуу
Сайын устата билэр эмтээх отторбун хомуйабын. Бириэмэбин халтайга ыыппаппын. Болдьохтоох дьарыкка сылдьар кыаҕым суох дии санаатахпына, кыратык иллэҥсийдим эрэ, дьиэбэр көннөрү уруһуйдуур, быысыбайдыыр эбэтэр гитарабын таһааран ыллыыр идэлээхпин.
* * *
«Киһи тус бэйэбэр бириэмэм суох», – диирэ сыыһа. Хайдахтаах да элбэх үлэлээх киһи дьарык оҥостон уруһуйдаан, ыллаан, үҥкүүлээн, спордунан дьарыктанан бардаҕына, олоҕо бэрээдэктэнэр, санаата дьаарыстанар, бэйэтэ үөрүү аргыстанар, сүргэтэ көтөҕүллэр, тулалыыр дьонугар көмө-имэ буолар кыахтанар».
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru