Ираида Попова: «Суруйааччы — ааҕааччы аргыһа»

02.04.2022
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, прозаик, тылбаасчыт, драматург Ираида Попова бүгүн үбүлүөйдээх күнэ.

edersaas.ru

Ираида Гаврильевна Дьокуускай куорат уонна Алдан улууһун үөрэҕин тэрилтэлэригэр, «Далбар хотун», «Колокольчик» сурунаалларга, «Бичик» Национальнай кинигэ кыһатыгар үлэлээбитэ. Билигин — «Полярная звезда» сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ.
Кини күн бүгүн суруйааччы быһыытынан ханнык тускулу тутуһан ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы, олох оргуйар үөһүгэр сылдьарый?

Ираида ПОПОВА:
«… Куруук иннин диэки уонна үрдүк чыпчаалларга дьулуһуохха наада. Тугу эрэ бэҕэһээҥҥитээҕэр өссө үчүгэйдик оҥоруохха. Олох үөһүгэр, манна уонна билигин сылдьыахха. Бүгүн биһиги олох араас өрүтүн чиэһинэйдик уонна чаҕыйбакка көрүөхтээхпит, тугу кыайарбытын уларытыахтаахпыт, бэйэбит кыһалҕалары хайдах туоратарбыт туһунан дьоммутугар-сэргэбитигэр кэпсии сылдьыахтаахпыт. Өскөтүн ааҕааччы суруйааччы тугу эрэ гынарын, онто сатанарын көрдөҕүнэ, кинилэргэ ол эмиэ кыаллар. Хаһан эрэ, айар үлэҕэ саҥа үктэнэн иһэн, суруйааччыны бэйэтин ааҕааччытыттан биир хардыынан инники иһэр киһи дии саныырым. Онтон билигин саныырбынан, суруйааччы ааҕааччы аттыгар сылдьар аргыс киһинэн буолуохтаах. Кини быыһааччы, учуутал, сорук-боллур да буолбатах, кини эмиэ атын дьон курдук, араас кыһалҕалардаах, бэйэтэ олохтоох киһи, ааҕааччы кини киниэхэ доҕор буоларын көрүөхтээх. Бары бииргэ эрэ буоллахпытына -– күүстээхпит!»

Быһаарыы:
Эдьигээн сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. 1984 сыллаахха -– Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатын, 1987 с. -– Нам педагогическай училищетын художественнай-графическай отделениетын, 1995 с. – СГУ филология факультетын нуучча тылын отделениетын бүтэрбитэ.

Суруйааччы киэҥ хабааннаах элбэх суруйууларыттан биир кэпсээнин билсиэҕин.

«Хас чараҥ аайытын…»

Троллар кимэн киирэн аҕай истилэр. Ыксал буолла, Лилика көмүскэтэр сүрүн харамайын доруобуйата хабыр хапсыһыыга мөлтөөн аҕай эрдэҕинэ эмискэ эбэтэ быһа түстэ:
– Чэ эрэ, чыычаах, дьонуҥ кэлэллэрэ чугаһаата, ыл, аскын астаа.
– Оо, дьэ, эбээ! Дьоруойум эйигиттэн сылтаан өлөн хаалла дии! Хайаан да саамай ыарахан кэмҥэ мэһэйдиэхтээххин! – диэн кыыс кыһыйда-абарда.
– Бээ, кэбис, ити оонньуу дии, онтон биһиги тыыннаах дьоммут эбээт.
Хос иһиттэн сурдьун эрэйдэммит аҕай куолаһа иһилиннэ:
– Аан дойду-у, хатыҥын лабаата… Аан дойду-у, хатыҥын лабаата-а…
– Оо, дьээ, Вова! Саатар эн маарыҥҥаттан ыйылаан түһэн, бүт эрэ!
– Бээ, оҕону тыытыма тииһэ ыалдьан буорайа сытар дии.
– Хаһан тиис бырааһыгар барабытый?!… – диэн Буоба кыҥкынаата.
– Оо, Буобушкам, куобушкам, – диэн эбэтэ сиэнин хоһугар киирэн сып-сылаас илиитинэн имэрийдэ-томоруйда, уоскута сатаата. – Тулуйа түс кыратык, ПЦР түмүгүн бүгүн-сарсын эттэхтэринэ хайаан да барыахпыт, – диэтэ. – Алҕас ыарыыҥ ааһа илик буоллаҕына атын оҕолору уонна быраастары бэйэлэрин сутуйан кэбиһиэхпит дии, оччоҕо ыарыһахтары ким эмтиэҕэй, эмиэ эн курдук ыалдьан сордонуохтара дии… Бырааһыҥ анализкыт ама буолла да кэлээриҥ, уочарата суох киириэххит диэбитэ. Онон кытаат, тоҕойум, эми да элбэхтэ иһэр сыыһа, тулуйуохха наада.
– Туох ааттаах ити ырыаны сордоото, саатар тылын умна турар… – диэн Лилика кыйахана быһыытыйда.
– Оо, тоҕойум, – диэт эбэлэрэ Лиликаҕа төннөн киирдэ. – Мин ити ырыаны иһиттэхпинэ куруук аҕабын санаан кэлэбин ээ. Ол сайын мин алталаах этим. Биһиги олорбут уопсайбытыгар истиэнэ оппуохалаары ыаллары көһөрөн улахан өрөмүөн оҥорбуттара.
Биһиги ыалы оскуола мастырыскыайыгар олорпуттара. Убайым онтон-мантан кирпииччэ тобохторун хомуйан аҕалан олбуорга кыракый оһох оҥорбута, онно күөстэнэн, эстэлээркэ станоктаах остуолугар аһыырбыт. Биир күн биһиги аҕабынаан бэйэбит эрэ хаалан бараммыт олбуорга тахсан миин өрунээччи буоллубут.
Аҕам тренировочнай ыстааннаах, маҕан маайкалаах этэ, мин сиидэс былааччыйам үрдүнэн сибэкки ойуулаах саҥа баартыкпын кэппитим. Таһырдьа күн бөҕө, үөһээ халлааҥҥа күөрэгэй дьырылаан барбыта, биһиги да хаалсыбатахпыт – доҕордоһуу туһунан ырыабытын ыллаабыппыт.
Күн көмүс сардаҥатыгар оскуола олбуорун аттыгар чараҥҥа мин оҕо харахпынан көрдөхпүнэ хатыҥнар лабааларынан куустуһан тураллара, оттон биһиги – бэһиэлэй ыччат – көхтөөхтүк ыллыы-ылыы үлэлии-хамныы турарбыт. Мин өйдөөбүччэ тута ырыаҕа сөп түбэһиннэрэн аҕабын кытта илии тутуспутум. Дьэ, онно аҕам барахсан үөрбүтэ аҕай, санаата көтөҕүллэн, күлэ-үөрэ, мичээрдии турара билигин да харахпар көстөр.
– Ол иһин бу ырыаны сөбүлүр эбиккин дии.
– Лилика-а!
– Тугуй?!
– Миигин кытта ыллаа эрэ, тылын умна турабын.
– Бээ, тохтоо!..
– Онтон ыла ити ырыаны ыллаатыбыт эрэ куруук илии тутуһарбыт. Дьылҕабар аҕам бүтэһик күнүн бииргэ атаарбыппар махтанабын. Ол саҕана кини кырдьан, ыалдьан лаппа мөлтөөн сытар этэ. Мин аттыгар кэлэн олорбутум, сыттыгын көннөрөн биэрбитим уонна «Доҕордоһуу ырыатын» ыллаан барбытым. Аҕам көҕүйэн ылласпыта, ырыа түмүгэр мин кини ытыһын хаба тардан ылан илии тутуспутум, онно сирэйэ бу сырдаатыҕыан, мичилийэн, үөрэн мэктиэтигэр эдэригэр түһэн ылбыт курдук буолбута… Онон, тоҕойум, бырааккын өйөө, алы гынан ыллас.
– Аан дойду-уу!.. – диэн саҕалаата Лилика уонна сурдьун хоһун диэки барда.
– Хатыҥын лабаата, – диэн уол үөрэн ыллаан чаҕаарда.
– Хас чараҥ аайытын куустустун,
Аан дойду бэһиэлэй ыччата
Доҕордуу илиитин тутустун! – диэн бараннар иккиэн тэбис-тэҥҥэ илии тутустулар.
– Дьэ, оҕолорум маладьыастар, ити курдук илии-илиигититтэн сиэттиһэн олоххо тэҥҥэ хаамсан иһиҥ. Сурустаах аҕастан чугас бу дойдуга ким баар буолуой. Ойуурдаах куобах охтон биэрбэт.
– Оһуоба кини чараҥнаах куобушка буоллаҕына, – диэн баран Лилика сурдьун имин сымнаҕастык кымыстаан ылла. Уол кычыкыланан күллэ.
– Оо, этэҕиэн! Хас чараҥ аайытын куобахтар иллээх-эйэлээх буоллуннар, – диэн баран эбэлэрэ сып-сылаастык сиэттэрин сүүстэриттэн сыллаталаан ылла.
Лилика били тымтыах, кыыһырыах санаата уҕараан, сүрэҕэ сып-сылаас долгуннарынан туолла, ис сүрэҕиттэн: «Эбээ барахсан этэҥҥэ буоллун, куруук чэгиэн, доруобай уһун үйэлээх буоллун», – дии санаата.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0