Ипотеката төлөнөн бүтэ илик саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү боппуруоһун көрүөхтэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ипотеката төлөнөн бүтэ илик эрээри, саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү боппуруоһун көрөллөрүгэр РФ Бырабыыталыстыбатыгар сорудах биэрдэ.

edersaas.ru

Туһааннаах докумуоҥҥа: “Дьиэ саахалланар туруктаах диэн билиниллэр кэмигэр, кирэдьиитэ эбэтэр иэһэ (ипотека кирэдьиитин ааҕан туран) төлөнөн бүтэ илик олорор дьиэттэн дьону көһөрүү боппуруоһун көрөргө итиэннэ ирдэнэр буоллаҕына сөптөөх этиилэри киллэрэргэ”, — диэн суруллар. Көрүү болдьоҕо 2022 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр диэри. Сорудахха эппиэттээҕинэн дойду барабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин бэйэтинэн анаммыт.

 edersaas.ru

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0