Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ипотекаларын сабалларыгар судаарыстыба көмөлөһөр. Онуоха 5,5 миллиард солкуобайы бырабыыталыстыба саппаас пуондатыттан биэрэр туһунан Михаил Мишустин ыйаахха илии баттаата.
edersaas.ru
2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт үһүс уонна онтон кэлэр оҕолордоох ыаллар ипотекаларын төлүүллэригэр 450 тыһыынча солкуобай бэриллэр буолбута. Бу сыл устата 35 миллиард солкуобай төлөммүтэ.
Эбии көрүллүбүт үп өссө 12 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ көмө быһыытынан бэриллиэҕэ.
Бу маннык судаарыстыба көмөтө элбэх оҕолоох ыаллар төлүүр ипотекаларын сууматын көҕүрэтэллэригэр, эбэтэр сабалларыгар төһүү күүс буолар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1