«Ипотека каникулун» олоххо киллэрэр сокуон барыла бигэргэннэ

23.04.2019
Бөлөххө киир:

Билигин хас биирдии киһи ипотека кирэдьиитин төлүүр, ол эрэн олоххо араас буолар, өскөтүн үлэҕиттэн уураттахтарына, ый ахсын ботуччу сууманы төлүүр кэккэ ыарахаттардаах. Маннык балаһыанньаны өйдөөн, бэҕэһээ муус устар 22 күнүгэр Федерация Мунньаҕар Арассыыйа олохтоохторугар «ипотека каникулун» киллэрэр туһунан сокуону ылыннылар.

Ол чэрчитинэн, олоҕор уустук балаһыанньаҕа түбэспит киһи бааҥҥа сайабылыанньа суруйан, 15 мөлүйүөҥҥэ тиийэ суумалаах кирэдьиитин алта ыйга диэри төлөбүрүн тохтотон эриэн, эбэтэр сыл аҥаарыгар төлүүр сууматын кыччатыан сөп. Маннык чэпчэтии ипотекаҕа эрэ буолбакка, бары кирэдьиит көрүҥэр тарҕаныа. Алта ый тухары иэс төлөммөтөҕө сойуомсук кирэдьиитин историятыгар киириэ суоҕа.

«Ипотека каникулунан» үлэтэ суохтарын туоһулуур Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турбут дьон, I уонна II бөлөхтөөх инбэлииттэр, доруобуйаларын туругунан икки ый үлэлээбэккэ олорбут сойуомсуктар туһанар бырааптаахтар. Ону таһынан, дьиэ кэргэни иитэр-аһатар, кирэдьиит төлүүр чугас киһиҥ олохтон туораатаҕына иэскин кылгас кэмҥэ тохтотон эриэхтэрин син.

Сокуон официальнай бэчээккэ тахсыбыта 90 күн ааспытын кэннэ олоххо киириэ. Ол туһунан «РИА-Новости» иһитиннэрэр.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0