«Барыбыт кыһалҕабыт»: Ипотека кирэдиитэ, рефинансирование уо.д.а…
«Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын чэрчитинэн, «Барыбыт кыһалҕабыт» диэн баан үлэһиттэрэ уонна риэлтордар кыттыылаах “төгүрүк остуолга” кыбартыыра атыылаһыытыгар, дьиэни-уоту туттууга баантан кирэдиит ылан ипотекаҕа киирии туһунан кэпсэтии ыытылынна. Кэпсэтиини “Саха сирэ” хаһыат ырытааччыта Анивера Акимова салайан ыытта.
Анивера Акимова:
— Дьон дохуота намыһах буолан, баантан кирэдиит ылар. Василий Васильевич, эһиги бааҥҥытыттан тыа сирин олохтоохторо ипотека кирэдиитинэн төһө туһаналларый?
Василий Тимофеев, “Россельхозбаан” Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ, Ил Түмэн норуодунай дьокутаата:
— “Россельхозбаан” өҥөтүнэн элбэх киһи туһанар, бартыбыалбыт аҥаара ипотека кирэдиитэ буолар. Ипотека кирэдиитин баан барыта кэриэтэ биэрэр, ол эрээри бырыһыаннарын ставката тус-туһунан буолар. Онон дьон баан төһө эрэллээҕин уонна иэһи төһө бырыһыаҥҥа биэрэрин үөрэтэн баран кирэдиит ылара наада. Биһиги бааммыт 100 % судаарыстыбаннай, атын бааннарга тэҥнээтэххэ, кирэдиити саамай намыһах бырыһыаҥҥа биэрэр. Ол курдук, иккис ырыынакка дьиэ атыылаһарга кирэдиити эдэр дьиэ кэргэҥҥэ 8,15 %-ҥа, бүддьүөт үлэһиттэригэр 9,10 %-ҥа, хамнастарын “Россельхозбаантан” ылааччыларга уонна уруккуттан үлэлэһэр дьоммутугар 9,75 %-ҥа, атын килийиэннэргэ 9,20 %-ҥа биэрэбит. Кирэдиити хайдах ньыманан төлүүрүн килийиэҥҥэ бэйэтигэр талларабыт. Аннуитетнайы таллаҕына, кирэдиитин болдьоҕо бүтүөр диэри тэҥ кээмэйинэн төлүүр, оттон дифференцированнайга ыйдааҕы төлөбүрүн кээмэйэ сыыйа аччаан иһэр, онуоха бырыһыаҥҥа биэрэр харчыта быдан аҕыйах буолар. Ити иһин дьон үксэ дифференцированнай ньыманан төлүүр.
— Хас улууска үлэлиигитий?
— Дьокуускайга сүрүн офистаахпыт уонна уон түөрт улууска салаалардаахпыт.
— Былырыыҥҥыттан рефинансирование бырагырааматынан үлэлиигит. Ити туһунан кылгастык кэпсии түһүөххэ эрэ.
— Рефинансирование диэн – ипотека кирэдиитигэр үбү кэмчилииргэ көмөлөһөр бырагыраама. 2013-2015 сс. ипотека кирэдиитэ 15-17 %-ҥа тиийэ үрдүү сылдьыбытын билэргит буолуо. Ону 9 %-ҥа диэри түһэрдэххэ, ыйга 25 тыһ. төлүү сылдьыбыт киһи 15 тыһ. эрэ төлүүр буолар, бырыһыаҥҥа кутар суумата биллэрдик кыччыыр. Итини биһирээннэр, биһиэхэ олус элбэх сайаапка киирдэ.
— Атын баантан кирэдиит ылбыт киһи бу бырагырааманан туһанар кыахтаах дуо?
— Туһаныан сөп. Өссө хос рефинансирование диэн баар. Ол аата, үс-түөрт сыллааҕына ханнык эрэ баантан үрдүк бырыһыаҥҥа кирэдиит ылбыт киһи ол бырыһыанын бастаан 12-гэ, салгыы 9 %-ҥа түһэрэр кыахтаах.
Василий Никифоров, “Саха сирэ” хаһыат ырытааччыта:
— Атын бааҥҥа кирэдииттээх киһи рефинансированиенан туһанарыгар туох ирдэнэрий, уопсайынан бу бырагыраама механизма хайдаҕый?
— Бастатан туран, тустаах баантан килийиэн кирэдиитин төлөөн иһэрин туһунан ыспыраапканы ирдиибит. Итиэннэ сүрүн иэһэ төһө хаалбытын, холобур 1,5 мөлүйүөнү, бэйэбититтэн ол бааҥҥа уган, кирэдиитин “сабабыт” уонна саҥаттан дуогабар түһэрсэн, намыһах бырыһыанынан төлөтөбүт. Судургутук быһаардахха, рефинансирование механизма итинник.
— Оттон мас дьиэни тутууга төһө элбэх киһи кирэдиит ыларый?
Евдокия Мигалкина,“Россельхозбаан” Саха сиринээҕи салаатын отделын начаалынньыга:
— Тыа сиригэр мас дьиэни тутууга дьон сүрүннээн сэттэ сылга диэри болдьохтоон 1-1,5 мөл. солк. иһинэн потребительскэй кирэдиитинэн туһанар. Итиччэ харчыны ипотеканан ылар буоллахха, ирдэбилэ элбэх: дьиэ акылаата таас буолуохтаах, тутуу хаамыытынан отчуот түһэн иһиэхтээх, дьиэ страховкаланыахтаах. Оттон биһиэхэ дьиэ акылаатын тааһынан оҥорор кыаллыбат, отчуокка сүүрэри дьон ыарыргыыр, хампаанньалар мас тутууну страховкалыы сатаабаттар. Инньэ гынан, тыаҕа дьиэ туттарга потребительскэй кирэдиитинэн туһанар быдан табыгастаах.
Анивера Акимова:
— Аны риэлтордартан ыйытыахха. Атыыланар дьиэлэргэ дааннайдар баазаларын оҥорон эрдэххит?
Алена Бережнова, “Крепость” ХЭУо РХ бэрэстэбиитэлэ:
— Биһиги хампаанньабыт дааннайдарын баазатыгар Дьокуускайга уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ атыыланар үс тыһыынчаттан тахса кыбартыыра баар. Бу барыта тутулла турар уонна үлэҕэ киллэриллибит саҥа эбийиэктэргэ эбэтэр иккис ырыынакка баар кыбартыыралар. Атыылаһааччылар онтон талаллар. Улууска кэмиттэн кэмигэр баран кэлэбит, электроннай почтанан эмиэ үлэлиибит,
— Кыбартыыраны хантан ылар ордугуй: тутулла турар дьиэттэн дуу, иккис ырыынактан дуу?
— Дьиэ хаһан тутуллубутуттан, куорат киин өттүгэр эбэтэр кытыытыгар турарыттан көрөн сыана араас эрээри, сүрүннээн тэҥ соҕус. Үлэҕэ киирэр болдьоҕо ыраах дьиэ сыаната удамыр курдук да, өрөмүөн ороскуотун эптэххэ, уопсай суумата иккис ырыынакка атыыланар дьиэҕэ тэҥнэһэн тахсар.
Анжелика Степанова, “Туймаада-недвижимость” ХЭУо бэрэстэбиитэлэ:
— Өлүүлэһэн тутуллар дьиэҕэ тутааччы сыанатынан 1 кв. м сыаната биир хостоох кыбартыыраҕа 60 тыһ., икки хостооххо 52 тыһ. солк. саҕаланар. Биһиги кыбартыыра атыылаһыахтарын баҕарар дьоҥҥо дааннайдар баазаларын көрдөрөн талларабыт, тутааччылары итиэннэ бааны кытары дуогабардаһар докумуоннарын оҥорон биэрэбит. Тутааччылары кытары аахсар буоламмыт, бу өҥөбүт босхо. Дьону албыҥҥа киллэрбэт туһугар, бэйэлэрин көрдөрбүт, чахчы эрэллээх тутааччылары, оттон бааннартан сүрүннээн бу “Россельхозбааны” уонна “Сбербааны” кытары үлэлиибит, кинилэргэ аккредитациялаахпыт.
Кэпсэтиини сиһилии “Саха сирэ” хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.