Сорох бааннар ипотека бырыһыанын ставкатын кыралаан түһэрэн эрэллэр. Сураҕа, 7,4%-ҥа диэри инникитин намтыахтаах үһү.
Оттон «Россельхозбаан» нэһилиэнньэҕэ утары баран, «Рефинансирование ипотечного кредита» диэн саҥа бырагырааманы үлэлэтэн, ипотека бырыһыанын кыччатар кыахтанныбыт. Бырыһыан ставката 9,3%-тан үөһээ саҕаланар. Ол курдук атын бааннарга ипотечнай кирэдьииттээх буоллаххына даҕаны, бу бырагырааманан туһанар кыахтааххын. 30 сылга диэри болдьохтоон 5 мөл. солк. диэри кирэдьиит оҥотторуохха сөп.
Бу бырагыраамаҕа олоҕуран, килийиэн кирэдьиит төлөбүрүн ньыматын бэйэтэ талар. Холобур, кирэдьиит төлөөһүнүгэр икки хайысха баар: дифференцированнай уонна аннуитетнай. Дифференцированнайга ый аайы төлүөхтээх суума кыччаан иһэр. Оттон аннуитетнайга ый аайы ыйыллыбыт сууманы төлүүгүн.
Туһааннаах баантан иэс ылар киһи 21 сааһын туолбут, Арассыыйаҕа регистрациялаах, бастайааннай үлэлээх буолуохтаах. Сиһилии иһитиннэриини «Россельхозбаан» офистарыттан ыйыталаһыҥ.