Ипэтиэкэ бырагыраамалара хаһааҥҥа диэри үлэлиир болдьохтоохторуй?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дойду үрдүнэн нэһилиэнньэ дьиэни атыылаһарыгар аналлаах бырагыраамалар элбэхтэр. 

РФ Тутууга министиэристибэтэ ипэтиэкэҕэ аналлаах бырагыраамалар үлэлиир болдьохторун ыйда. Холобур, «Чэпчэтиилээх ипэтиэкэ» бырагыраамата 2022 сыл бүтэһигэр диэри үлэлиир, ол аата 7 %-наах чэпчэтиилээх ипэтиэкэни туһанарга диэн түөрт ый эрэ хаалбыт. «Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэ» бырагыраамата 2024 сылга диэри болдьохтоох.  Оттон «Дьиэ кэргэн ипэтиэкэтэ» 2023 сыл  бүтүүтүгэр диэри үлэлиир. Өскөтүн, дьиэ кэргэҥҥэ инбэлиит оҕо баар буоллаҕына, тустаах бырагыраама 2027 сылга диэри уһатыллар. Онон чэпчэтиилээх бырагырааманы туһанан дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарарга бириэмэ өссө даҕаны баар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0